26.10.2023 | 14:00

Сэрэниҥ! Инсульт!

Сэрэниҥ! Инсульт!
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Алтынньы 29 күнэ – Инсульт утары охсуһар аан дойдутааҕы күн. Сүрэх-тымыр ыарыылара киһи олоҕор саамай сэрэхтээхтэринэн биллэллэр. Статистика көрдөрөрүнэн, кинилэртэн сылтаан Арассыыйаҕа сылын аайы 18 мөлүйүөн киһи олохтон туоруур, итинтэн 40%-на – инсультан. Ити быһа холоон 7 мөлүйүөн киһи, онтон 5 мөлүйүөнэ инбэлиит буолар. Саха сиригэр сылын ахсын 1400 киһи инсультуур эбит.

 

Медиктэр этэллэринэн, инсульт сүрүн биричиинэлэрэ – аҕыйахтык хамсаныы, сыыһа-халты аһааһын, аһара уойуу, экология алдьаныыта уонна, куһаҕан дьаллыктар (арыгылааһын, табахтааһын).

 Дьиҥэр, бу ыарыы киһиэхэ эмискэ «саба түспэт», эрдэттэн «сэрэтэр» эбит. Ол курдук, киһи төбөтө ыалдьар, мэйиитэ эргийэр, сэниэтэ суох буолуон сөп, туох да төрүөтэ суох илии, атах ыараабыт курдук буолар, утуйан хаалар, киһи тыла булдьуйан ылыан сөп. Ити барыта атеросклерозтан мэйии үлэтэ кэһиллэн итинник буолар. Мэлдьи холестериннаах, сыалаах-арыылаах аһылыгы аһыыр буоллахпытына, тымырбыт сорох сиринэн «холестериновай бляшкаларынан» бүрүллэр, хаан сүүрэригэр быыкаайык хайаҕас хаалар. Итинтэн сиэттэрэн хаан эргиирэ мөлтүүр, мэйиигэ хаан эргиирэ күүскэ кэһиллэр.

 

Көрүҥнэрэ

Инсульт 2 көрүҥнээх буолар. Бастакыта – ишемическэй, үксүгэр тымыры тромба бүөлээбитин түмүгэр мэйиигэ кислород тиийбэт буолан хаалар. Мэйиигэ хаан тиийэн кэлбэт буоллаҕына, мэйии ол учаастага мөлтүүр, өлөн хаалар. Ол иһин ол учаастагы кытта сибээстээх функция кэһиллэр. Онно хаамар дьоҕур, киһи саҥарара, толкуйдуура уо.д.а киирэр. Исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, инсульт 60%-на  ишемическэй көрүҥнээх, суһал медицинскэй көмөнү ирдиир.

Иккис көрүҥ – геморрагическай инсульт. Бу көрүҥҥэ тымыр быстан, хаан мэйии диэки тахсар. Оччоҕуна хаан бөлүөхсүйүүтүн түмүгэр үөскээбит гематома мэйиини баттыыр. Бу түбэлтэҕэ мэйии үлэтэ кэһиллэр, араас неврологическай симптомнар баар буолаллар.

Ким баҕарар ыалдьыан сөп – эдэриттэн-кырдьаҕаһыттан, социальнай балаһыанньатыттан тутулуга суох. Урукку сылларга үксүн саастаах дьон ыалдьар эбит буоллаҕына, кэнники кэмҥэ эдэр дьон ыалдьара элбээтэ.

 

Ыарыы сибикилэрэ

Бастакыта – сэниэтэ суох буолан хаалыы. Киһи аҥаар илиитэ, атаҕа босхо барыан сөп, уопсай туруга мөлтүүр, тыла туора баран хаалар, саҥарарыгар тыла булдьуйар, күллэҕинэ уоһун аҥаар өттө кыайан үөһэ тахсыбат буолар. Ол иһин инсульт быһыылаах диэн сэрэхэдийдэххэ киһини мичээрдээн көрөрүгэр көрдөһүҥ диэн суруйаллар. Итини сэргэ мэйии күүскэ эргийиэн, төбө күүскэ ыалдьыан сөп.

Сороҕор киһи өйүн сүтэриэн, таттарыан да сөп. Инсульт ыараханнык киирэр түбэлтэтигэр сөптөөх көмө оҥоһуллубатаҕына киһи тута өлүөн сөп.

 

Бастакы көмөнү хайдах оҥоробут?

Саамай бастакы сөптөөх дьаһаныы – «Суһал көмөнү» түргэнник ыҥырыы. Хас чааска ыалдьыбытын, хайдах буолбутун чуолкай кэпсиир ордук, ити быраас сөптөөх диагноһы туруорарыгар көмөлөһүөҕэ. Ыалдьыбыт киһи хайдах тыынарын, сүрэҕин тэбиитин бэрэбиэркэлиир, түннүк форточкатын арыйан, сытар хоһун салгылатыллыахтаах. Тыынарыгар холку буоларын курдук мэһэйдиир, кыараҕас, бобо тутар таҥаһы устар ордук.

Ыалдьыбыт киһи өйө суох буоллаҕына, сыппыт сириттэн хамсаппакка, таттарар түгэнигэр сэрэҕэ суох буоллун диэн, төбөтүн аннынан таҥас, сыттык ууруллар. Төбөтүн үөһэ соҕус 30 кыраадыс тутуллуохтаах. Исписэлиистэр сүбэлииллэринэн, төбөтүн сэрэнэн туора хайыһыннарар ордук, хотуолаатаҕына тыынарын мэһэйдээбэтин, харбатын курдук. Аны протез тиистээх буоллаҕына ону устуоллуохтаах.

Саамай сүрүнэ – «Суһал көмө» кэлиэр диэри туох даҕаны эми-тому, ууну, аһылыгы бэриллиэ суохтаах. Медицинскэй үөрэҕэ суох киһи сыыһа-халты дьайыылары оҥорон, төттөрүтүн, ыарыһахха куһаҕаны оҥоруон, туругун мөлтөтүөн сөп. Арай ыарыһах тыынара, сүрэҕэ тохтоотоҕуна искусственнай тыын киллэриллиэхтээх.

Инсультка бириэмэ элбэҕи быһаарар. Ол курдук көмө 3,5 чаас иһинэн оҥоһуллара наада. Саҥа үөскээбит сибиэһэй тромбаны анал эмп көмөтүнэн суурайыахха сөп (тромболитическай терапия). Итини оҥорорго көмпүүтэр томографията баара ирдэнэр. Сорох түбэлтэлэргэ маннык ньыманы туттар сатаммат. Чопчу туох оҥоһуллуохтааҕа ыарыһах биир чаас иһинэн медицинскэй чинчийиилэри ааспытын кэннэ быһаарыллар.

 

 

Чөлүгэр түһэрии

Инсульт олус уустук, ыарахан ыарыы буоларынан сибээстээн, киһи бастаан реанимацияҕа киирэр, бары чинчийиилэри ааһар, эмтэнэр. Туруга арыый тубустаҕына, чөлүгэр түһэрии (реабилитация) салаатыгар көһөр. Манна 18-20 күн эмтэнэр, сороҕор атын балыыһа чөлүгэр түһэрэр салаатыгар көһөрүөхтэрин сөп. Ыарыһах туруга этэҥҥэ, хаамар, саҥарар буоллаҕына олорор сирдэринэн поликлиникаҕа салгыы эмтэнэллэр.

Ыалдьан киирбит дьонтон 60-ча бырыһыаннара төһө да медицина көмөтүгэр наадыйбыттарын иһин, бэйэлэрин көрүнэр кыахтаналлар. Ол эрэн сэрэниэхтэрин, быраас сүбэтин толоруохтарын, иккистээн ыалдьыбат курдук харыстаныахтарын наада. Ыарыһахтартан 30-ча бырыһыаннара бэйэлэрин сатаан көрүммэт, туораттан көрүүгэ-истиигэ наадыйар, кэлээскэнэн сылдьар буолаллар. Хомойуох иһин,  10% киһи көрүүтүгэр киирэллэр.

Ыалдьан баран бэттэх кэлбит киһи олоҕун тухары хонтуруолга сылдьыахтаах. Ол иһин сэрэтэр үлэ барара, киһи бэйэтин туругун кэтэнэрэ хайаан да наада. Салгыы ыарыһах олоҕо хайдах салаллара бэйэтиттэн уонна чугас дьонуттан олус тутулуктаах.

 

Сэрэтэр үлэ

Инсуллаабыт киһи быһа холоон 30-ча бырыһыана иккистээн эмиэ ыалдьар. Маннык түбэлтэ тахсыбатын курдук сэрэтэр үлэ күүскэ барыахтаах. Киһи сөбүгэр хамсаныахтаах, сибиэһэй салгыҥҥа, айылҕаҕа дьаарбайыахтаах, быраас анаабыт эмтэрин көтүппэккэ иһиэхтээх, этиллибит анаалыстары кэмиттэн кэмигэр туттара сылдьыахтаах. Бэйэтигэр бүгэн хаалбакка, дьону-сэргэни кытта алтыһара, кыаҕа тиийэринэн тугунан эмит дьарыктанара, уопсастыбаҕа сылдьара ордук. Үгүс ыалдьан баран өрүттүбүт дьон олоҕу ордук сыаналыыр, атыннык көрөр буолар. Кинилэр олохторун, эрэсиимнэрин тосту уларыталлар, сөпкө аһыыр, сөбүгэр хамсанар, чөл олоҕу тутуһар буолаллар, бэйэлэрэ бэйэлэригэр көмөлөһөр, олоххо тардыһыылаах буолаллар.

Дьон инсульт туһунан билиитэ-көрүүтэ үрдүүрүн, доруобуйатын көрүнэ сылдьарын курдук сэрэтэр үлэ медиктэр өттүлэриттэн күүскэ ыытыллар. Ол курдук сылын аайы алтынньы 28 күнүттэн сэтинньи 4 күнүгэр диэри Инсульт утары охсуһар аан дойдутааҕы күҥҥэ анаммыт нэдиэлэ ыытыллар, итиннэ сыһыаннаах киэҥ хабааннаах элбэх тэрээһин буолар, сэрэтэр үлэ күүһүрдүллэр.

 

 

Төрүөтэ

Инсульт төрүөтүнэн медиктэр үрдүк хаан баттааһынын, тымыры кыаратар «бляшка» үөскээһинин, аҕыйахтык хамсаныыны, сыыһа аһааһыны, куһаҕан дьаллыктары, стреһи ааттыыллар. Элбэх түгэн киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Холобур, табахсыт киһи тымыра кэбирэх, быһыта бара сылдьар буолар. Ону өйдөөн, медиктэр эрдэтинэ куһаҕан дьаллыктан аккаастанарга сүбэлииллэр. Сыыһа-халты, мэлдьи сыалааҕы-арыылааҕы аһыыртан  тымыр бүөлэнэр, куһаҕан холестерин таһыма үрдүүр, хаан хойдор.  Итиннэ эбии «наследственнай фактор» диэн баар. Холобур, үрдүк холестерин сыанан-арыынан аһаабат да дьоҥҥо баар, ити эмиэ удьуордааһын көстүүтэ буолар.

Сыыһа аһааһын уойууга, хаан баттааһына үрдээһинигэр тиэрдэр. Хас биирдии киһи, ордук саастаах дьон, элбэхтик хамсаналлара хайаан да наада. Эти-сиини эрчийии дабылыанньа таһымын эрэ буолбакка, холестерины эмиэ түһэрэр, когнитивнай (толкуйдуур) функцияны тупсарар. Ол эрэн саастаах дьоҥҥо күүстээх физическэй үлэ – мас хайытыыта, ыараханы таһыы-көтөҕүү, хаар күрдьүүтэ сэрэхтээх. Медиктэр инсульт ыарыыта элбээһинин өссө стреһи кытта ыкса сибээстииллэр – аһара күүрүү, ыгылыйыы, долгуйуу, куттаныы, туохтан эрэ дьаахханыы эмиэ ити киһи олоҕор олус кутталлаах ыарыыга тиэрдэллэр.

Статистика чахчыларынан, үксүн эр дьон ыалдьаллар эбит, ордук чөл олоҕу тутуспат, доруобуйаларыгар болҕомто уурбат дьон.

Кэнники сылларга коронавирус дьаҥынан ыалдьыы инсультка тиэрдэрэ көһүннэ. Быраастар этэллэринэн, бу ыарыы содулугар киһи хаана биллэ хойдор эбит. Инньэ гынан хамсыкка сутуллубут ыарыһахха булгуччу хааны убатар эми аныыллар, анаалыс көмөтүнэн хаанын туругун чинчийэллэр. Үтүөрэн да баран киһи кырата сыл аҥаара балыыһаҕа көрдөрүнэ, хаанын анаалыһын туттара, кэтэнэ-манана сылдьыахтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...