24.08.2021 | 11:05

Сэрэн эрэ, «Дьиикэйгэ» тахсыаҥ!

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта социальнай ситимҥэ Комсомольскай болуоссакка чэпчэки сыанаҕа сугун атыылаһан аймана, анньыалаһа, үтүөлэһэ турар дьон видеолара көрүөх бэтэрээ өттүгэр тарҕаммыта. Онно көстөр дьахталлар атыыһыкка харчыларын харса суох үҥүлүтэллэр, бэйэ-бэйэлэрин тэпсиһиэх курдуктар.

Ол күн “Хаһан да сугун сиэбэтэх дьон курдук!”,  “Аата, сүрүн, ама да буолбут иһин! Хабарҕаларын хайа сотуһаары гыннылар!” диэн ис хоһоонноох этиилэр иһиллибиттэрэ, сугун атыылаһааччылары омнуолуур, сүөргүлүүр тыллар охсуллубут оттуу субуллубуттара.  Сорохтор: “Бэйэҕит дьоҥҥут куһаҕанын эрэ көрдөрө сатыыгыт”, – диэн көмүскэһээччи оруолун толорбуттара. “Ийэлэр барахсаттар оҕолорун битэмииннээх аһынан аһатаары муҥнаннахтара”, – дэспиттэрэ.

Аны туран, тылбай-өспөй, хос сыҥаах буолааччылар, уокка арыы кутан биэрээччилэр, күүркэтээччилэр бэрт түргэнник көстүбүттэрэ. Быардарын тарбааччылар, күлүү-элэк оҥостооччулар (онтон матыахтара дуо, суох буоллаҕа) да туора турбатахтара.

Манна даҕатан эттэххэ, хайптыан баҕалаахтар, куһаҕантан ас таһааран диэбиккэ дылы, бу курдук киһи хайгыы көрбөт хартыынатынан киэҥ кэпсэтиини таһаараллар, улахан сэҥээриини ылаллар, статистикаларын сиртэн халлааҥҥа диэри үрдэтэллэр. “Кэпсэтии” да диэхтээн, дьиҥэ баара, халы-мааргы саҥарсыы, быдьар тылларынан үөхсүү, “кус-хаас тойуга” буоллаҕа.

 

«Сиэн-аһаан» бүтүөххэ

Эбэн эттэххэ, тылга тииспит эрэ киһи диэн мэлдьи бэлэм олорор “дьыбаан кириитиктэрэ”, ардах кэнниттэн үүнэр тэллэй кэриэтэ, биир кэм элбии тураллар. Туох эрэ “тыас” тахсаары гыннаҕына, өлүгү кэтии-маныы сылдьыбыт суор курдук, саба түһэллэр, иилэ хабан ылан, этиһиини тоҕо тардаллар. Бу дьон үксүн сирэйдэрин көрдөрбөттөр, сабыылаах аккауннартан олороллор.  Кинилэр “сиир-аһыыр сирдэринэн” харах далыгар сылдьар бас-көс дьоммут буолаллар. Алаадьы курдук эргитэ сылдьан ырыталлар, араастаан үөҕэн хооһурҕаталлар. Тыл күүһүгэр итэҕэйбэттэриттэн итинник хараҥа дьыаланан дьарыктаналлара буолуо дуо?

Земфира айдааннаах кэнсиэрэ

Уочаракка туран айдаарсыы, этиһии ханна баҕарар баар. Арай билиҥҥи электроннай уочарат үйэтигэр арыый аҕыйаабыт курдук.

Земфира эчэйии эҥээрдээх кэнсиэрин өйдүүгүт? Сугуннаах видео тоҕо эрэ оччотооҕу тэрээһини санатта.

Ол быһылааҥҥа 19 киһи эчэйбит, онтон уона суһаллык реанимацияҕа киирбит, икки киһи ыарахан туруктаах диэн иһитиннэрии сири-сибиири тилийэ көппүтэ. Оччоттон баччаҕа диэри элбэх хаар, ардах түстэ, ол эрээри бу сонун интэриниэккэ билигин да баар.

«Чэпчэки!» содула ыарахан

“Болҕойуҥ, чэпчэтии!” диэн ис хоһоонноох биллэрии, “ликвидация товара” диэн реклама кырыымчык үйэ дьонугар куһаҕаннык дьайар диэхпин баҕарабын. Сугуннаах видеоттан саҕалаан, уруккуну-хойуккуну саныахха.

“Эльдорадо” маҕаһыын аһыллыытын өйдүүгүт? Ойоҕос тостор уочарата, тэпсиһии, үтүрүһүү диэн онно буолбут этэ. “Чэпчэки” диэни истэн, дьон итинник ииригирэр, кэрээниттэн тахсар.

Саатар оччо айылаах айдааны тардан баран, киһи кыһыйыах, хас эрэ сылынан сабыллан хаалбыта ээ.

Аны 202-с микрооройуоҥҥа “СтОК” (алҕаһаабат буоллахпына) диэн сыаналара түспүт табаары атыылыыр маҕаһыын аһыллыытын саныы түһэбин. Оччолорго устудьуоннарбыт. Бадаҕа, олунньу дуу, кулун тутар дуу ый быһыылааҕа. Эрдэ тиийэн турбуппутун, титириэхпитигэр диэри тоҥмуппутун, хаарга төттөрү-таары хааман хоочугураспыппытын бу баардыы өйдүүбүн. Анньыһыы буолбута эрээри, хата, биир да киһи эчэйбэтэҕэ. Ол дойдуттан тыыннаах тахсыбыппыт. Арай ааттаан-суоллаан тиийбит, аһыллыытын күүппүт маҕаһыыммыт табаара аҕыйаҕыттан уонна мөлтөҕүттэн кэлэйбиппит. Тугу да атыыласпакка, кураанах төннүбүппүт.

 

«Харах», «кулгаах» элбэх

Аныгы смартфон, гаджет үйэтигэр бары даҕаны харах далыгар сылдьабыт. “Сэрэн эрэ, бу киэһэ “Дьиикэйгэ” тахсыаҥ”, – диэн дьээбэ-хообо аргыстаах тыллары истибит буолуохтааххыт.  Кырдьык, видеонан кэтээн көрүү киэҥник тарҕаммыт үйэтигэр туора “харах”, “кулгаах” элбэх. Сыыппара кэмин дьоно төлөпүөммүтүн илиибититтэн араарбакка илдьэ сылдьабыт. Онон сугуннаах видео “дьоруойдара” ол күн “сулуска” кубулуйдахтара. Дьиҥэр, уһула туралларын билэ-билэ бэйэ бодотун көрүнүөххэ, көннөрүнүөххэ, тардына түһүөххэ баара. Өрө бара-бара өрүскэлэһиини тохтотуохха, тоҕоноҕунан садьыйсыыны суох оҥоруохха сөбө...

 

Туруусуктаах киһиттэн соһуйбаккын

Уопсайынан, билигин урукку кэмҥэ курдук уулуссаҕа атах сыгынньах сылдьар эбэтэр аҥаардас туруусугунан эрэ сүүрэкэлиир дьону ыстыыр ыас, киэһээҥҥи аһылык кэпсээнэ оҥостубаккын. Маннык “уота-күөһэ” суох видеонан кими да соһуппаккын. Ол оннугар айаннаан иһэн суол ортотугар ойон тахсан илиинэн-атаҕынан “быһаарсар” суоппардар, итирик туруктаах сокуону кэһээччилэр, оптуобус вокзалыгар ытыстарын тоһуйан туран умналааччылар, бөх хаһа турааччылар, охсуһан сырбатыһааччылар мөссүөннэрэ социальнай ситим устун үгүстүк “күүлэйдиир”. Оннооҕор лифт иһигэр “наадаларыгар тахсан киирээччилэр” кытта бааллар. Пахайбын даа! Дьэ, сүрдээх! Ама, видеонан кэтээн көрүү уһула турарын билбэт буоллахтара дуу?

Соччото суохпутунан эрэ аатырабыт

Хомойуох иһин, аан дойдуга соччото суох “сирэйбитинэн-харахпытынан” аатырабыт, суон сураҕырабыт, мэлдьи куһаҕан бэрээдэкпитинэн биллэбит-көстөбүт. Холобур, соторутааҕыта лифт кэлэрин күүтэ сатаан баран, тулуйбакка-тэһийбэккэ, атаҕынан тэбиэлэммит эдэркээн кыыс “Ван Дамм сиэнэ” диэн сүрэхтэммитэ. Дьиҥэр, бу ким эрэ сүрэҕин чопчута – ыал атаах оҕото, тапталлаах сиэнэ буолуо эбээт! Биир сиэрэ суох быһыыланыыттан бу кыыс сирэйэ куйаар ситимигэр “күлүмнээн” аастаҕа, аата-суола алдьаннаҕа. Хас сыл “Ван Дамм сиэнэ” аатырара биллибэт.

 

Саахар «тутан» тахсыбыт

Бу саас маҕаһыынтан саахар “тутан” тахсыбыт мааны бэйэлээх дьахтар хас да пабликка сулустуу “суһумнаабыта”, саакка-суукка киирбитэ. Кинини халыҥ аармыйа күтүрээбитэ, аҕыйах аҥаара аһыммыта. “Биэнсийэ кыра”, “үчүгэй олохтон итинниккэ тиийбэттэр”, “аһыыр баҕаттан уордаҕа”,  “төлүүрүн умнубут”, о.д.а. араас санаалар бааллара. Туох да диэбит иһин, киһи улаханнык саҥарбат эрээри, кыбыстыылаах дьыала. Ким эрэ күндү ийэтэ, эйэҕэс эбэтэ сырыттаҕа...

 

Уоруор диэри «утаппыт»

Бэрт соторутааҕыта эмиэ биир кыыс ханнык эрэ ас-үөл маҕаһыыныгар киирбитин, биллибэтинэн-көстүбэтинэн йогурт  испитин уонна кураанах иһитин долбуурга төттөрү уурбутун  көрдөрөр видео ааттыын да “дьиикэй” пабликтарга тарҕаммыта. Дьэ, накаас! Ону көрөн сорох-сорохтор: “Утаппыта оччо буолуо”, – диэн эҕэлии охсубуттара. “Каассаҕа бачча сууманы кэлэн төлөө” диэн куйаас күҥҥэ “утаппыт” кыыска туһаайыллыбыт ис хоһоонноох биллэриини көрбүт буолуохтааххыт.   

 

Күөрт ыт күлүүтэ буолбат туһугар

Маннык бөрүкүтэ суох видеонан “аатырбыт” киһи өр кэмҥэ күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр кубулуйуон сөп. Бу киниэхэ хара мэҥ, көстүбэт күлүк курдук үйэ-саас тухары хаалар кутталлаах. Онон бары сиэрдээхтик олоруох тустаахпыт.

Хомойуох иһин, биһиги ортобутугар сирэй-харах анньыһыы, хойох хостоһуу диэн мөкү быһыы урут-уруккуттан баар. Бэйэ-бэйэбитин харыстаһыахха, иллээх-эйэлээх буолуохха.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...