Сэгэлдьитэн, дьэ, уолан этэ
Кыахтарын ситэ туһамматах элбэх. Эдэрдэргэ туһа буолаарай диэн, Василий Константинов-Бадьай диэн билэр киһим сыала-соруга суох сылдьан, тахсыахтаах чыпчаалын быһаҕаһын эрэ ситиспитин суруйуом. Эдэр сылдьан суорума суолламматаҕа буоллар, бу күннэргэ 65 сааһын бэлиэтиэхтээҕэ.
1975 с. Павел Пинигин Минскэйгэ аан дойду чемпиона буолбутугар, тустууну сэргээһиҥҥэ өссө биир өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыта. Ол кэнниттэн эмиэ, хас эмэ сыл буолан баран быһыылааҕа, ким эрэ Стайкига ити аан дойду чемпионатыгар бэлэмнэнии түмсүүтүгэр (сборугар) сылдьыбыт киһи кэпсии турарын истибитим. Мин оччолорго оҕотукпун. Оччо билэттээбэппин. Бу санаатахха, Скрябин Миша (СӨ үтүөлээх тренерэ Михаил Степанович) буолуон сөп эбит.
-- Минскэйгэ аан дойду чемпионатын иннинэ Бадьай (Василий Константинов) ол сылга Союз чемпиона, аан дойду кубогын хаһаайына буола сылдьар Борис Базаевы кытта тэбис-тэҥҥэ киирсэрэ. Киһитэ ыйааһына улахан, ол күрэхтэһии иннинэ 62-тэн лаппа ыарахан ыйааһыннаах этэ. Оттон Бааска 62 кг улаханнык түһэрбэккэ тустара. Чемпионат чугаһаабытыгар, Базаев ыйааһынын кыайан түһэрбэт кутталга киирбитэ. Нуорма оҥорбот түгэнигэр, Баасканы киллэрэргэ бүтэһиккэ диэри бэлэм тута сылдьыбыттара. Бадьай Минскэйгэ ити улахан түһүлгэ буолар сылыгар олох форматыгар сылдьара, ССРС Сэбилэниилээх күүстэригэр уонна ССРС кубогар бастаабыта. Сорох тустууктары ССРС чемпионатыгар ыйааһын ситэ түһэртэрбэккэ балыыҥкалаан киллэрэллэрэ. Ол иһин Союзка бэрткэ тустар эрээрилэр, Европаҕа, аан дойдуга мэлийэллэрэ. Борис ити күрэхтэһиигэ иккитэ киирсэн, иккитэ хотторон туораабыта. Бористаах Бадьай иккиэн осетиннарга эрчиллэр этилэр. Ити түгэҥҥэ Бааска тренерэ төһө да Арассыыйаттан бастакы аан дойду чемпиона Алимбек Бестаев буоллар, аҕа саастаах этиитин утарбаттар. Асланбек Захарович Дзгоев этиитинэн кини үөрэнээччитин, быстан хаалбыт Базаевы киллэрбиттэрэ. Ити кэмҥэ кинини спарриҥнаһан сэниэтин бараабыт Бадьай форматын муҥутуур чыпчаалыгар тахсыбыт этэ. Кэлин дьарыгын быраҕа–быраҕа салгыыр буолан, оннук үрдүк форматыгар хаһан да чугаһаабатах буолуохтаах.
***
Кини киирэрэ-тахсара, хамсатара, албаһа элбэҕэ бэрт этэ. Итинник тустуук буулаҕа күүстээхтэри, үллүбүт былчыҥнардаахтары сэниэлэрин ордук эһэн сордооччу.
Оттон түһэрбэккэ тустар тустууктар Союзка улахан ыйааһыннаахтарга баһыйтаран баран, тас дойдуга таҕыстахтарына, талааннара аһыллара. Бааска оннук этэ. Дьэ, онно, Минскэйгэ, аан дойду чемпионатыгар киириэн сөбө оруннааҕын өйдүүбүн. Оччолорго бу ыйааһыҥҥа олимпийскай чемпион Загалав Абдулбеков, ССРС чемпионнара Гиви Кварелашвили, аан дойду кубогын кыайыылааҕа Виктор Маркелов, Европа чемпиона Руслан Плиев, Союз чемпиона Батал Гаджиев сааһыран Монреалга күттүөннээҕи оҥорор кыахтара суоҕа. Онон ити 21 саастаах Артур Базаевы, 20-лээх Василий Константиновы эрдэ тургуталаан көрөргө сананнахтара. Дьэ, Бадьайга ол улахан түһүлгэҕэ үктэнэр дьол тосхойбута буоллар, баҕар, атын аартыгынан айанныа этэ. Туора-маары хаамтарбакка, ыга тутуо этилэр. Монреаллааҕы олимпиадаҕа түөрт ыйааһыҥҥа да кыттыахпытын сөп курдуга. Дьиҥэр, Минскэй кэннэ Бааска сүтэ сылдьыбатаҕа буоллар, Монреальга тустубут Сергей Тимофеевтан туох да итэҕэһэ суоҕа. Өссө ордук ини.
Монреаллааҕы олимпиада кэннэ 62 кг ССРС түһүлгэлэригэр олус элбэх күүстээхтэр эбиллибиттэрэ. Тасолтан Хатагов ССРС чемпионатыгар иккитэ холкутук бастаабыта да, бэрээдэгэ мөлтөх, оччотооҕу политиканан социализм сиэрин түһэн биэриэ диэн, омук сиригэр таһаарбат этилэр. Кинилиин Бадьай эрэ ордук эриһэрэ. Оннооҕор олимпийскай чемпионнар Владимир Юмин, Сайпулла Абсаидов, Магамед - Гасан Абушев, аан дойду чемпиона Виктор Алексеев, Европа чемпиона Бузай Ибрагимов 62 кг Хатаговка хоттороллоро. Итинник акулалар быыстарыттан Бадьай тахсара өссө уустугурбута. Эбиитин онно-манна кэлэн-баран, дьарыктаммакка, көрдөрүүлэрэ мөлтөөн хаалара.
- Мин 1973 сыллаахха, - диэн кэпсэтиини күөртээбитэ онно аттыгар турааччы. - Бадьай Карагандаҕа Нуркен Абдиров күрэхтэһиитигэр чаҕылхайдык бастаабытын көрбүтүм. - Сэттэ утарсааччытын, ол иһигэр үс маастары ыраастык уурбута.
***
Итиннэ Султан Гарумов, Борис Базаев курдук Союзка биллэр бөҕөстөрү кыайбыта ээ. Бүтэһиккэ Казахстаҥҥа олохсуйбут кавказецтыын Ибраевтыын тэҥнэстэҕинэ да бастыыр буолбута. Ону финалга Ибраев: “Кэргэн ылыахтаах кыыһым аҕата көрө кэлиэхтээх. Миигин наһаа быраҕаттаама”, - диэбитигэр, Бааска: “Хата (ытыһын таһына түспүтэ), ол кыыскын миэхэ кэргэн биэриэ буоллаҕа. Бэрт эбит”,—диэн дьээбэлээн баран, күлэ-үөрэ, маннык гынаар, оннук гынаар, мин маннык гыныам диэн хайдах артыыстыахтаахтарын сценарийын айбыта. Ибраев махтанан куустуһуу бөҕө буолта. Бадьайы бэйэҥ билэҕин, клоуннаабыта аҕай. Тэҥнэһэ оонньуура көстө сырыттар да, дьиэлээхтэр, уолларыгар ыалдьан, көрбөтөҕө буоллахтара дии. Кырдьык, тэҥнэспиттэрэ.
Бааска оннук, ким эмэ көрдөстө да, аһынар идэлээҕэ дииллэр. Мин да, хаста да көрбүтүм. Таҥара аһы-таҥаһы тиийиммэттэргэ бэрсэри биһириир. Оттон спорт кута итиччэ талаан баатын (фортунатын) биэрэрин ылбатахха, атыҥҥа көһөрөрүн хас да бэйэтэ кэһэйбит, кэмсинэр киһиттэн истибитим. Таах биэрэммин диэн муҥун ытааччылар.
***
Николай Захаров – Сахаачча туһунан кинигэ суруйаары, кини көлүөнэтин, бастакы тренерин Николай Давыдовы кытта чугастык билсибитим. Саха тустуутун чаҕылхайдык көрдөрбүт Амма оччотооҕу маастардара тахсыбыт суоллара майгыннаһар. Николай Михайловичтан спортка умсулҕаннара улаатан, Дмитрий Петровичка, салгыы соҕуруу баран аатырбыттара. Ол гынан, дьиктиргиирим баар, бары 62 кг саамай үрдүк көрдөрүүлэммиттэрэ. Иккиһинэн, бэйэ-бэйэлэригэр олох майгыннаспаттар, көбүөргэ буочардара да олох атын-атын.
Вася Константинов оҕо эрдэҕиттэн тустарга олус баҕалааҕын бастакы тренерэ сөҕө кэпсиирэ. «Наһаа тустан сылбаахы буолуоҥ диэн харыстаан, саалаттан үүрэрим. Ону дьиэтигэр барбакка, атыттар тусталларын көрөөрү, таһырдьаттан түннүгүнэн хаһан бүтүөхпүтүгэр диэри сотору-сотору өҥөҥнүүрэ. Сапсыйа сатаа, барбат этэ”, - диирэ Николай Михайлович.
1978 сыл бүтүүтэ. Дьокуускай. Урут СГУ чемпионатыгар университет устудьуоннара эрэ кытталлара. Ити сыл оччолорго Дьокуускайга көһөн киирэн саҥардыы үлэлээн эрэр улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин туруорсуутунан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ бөҕөстөрүн биир тургутуу быһыытынан барыларын кытыннарарга этии киллэрбит. Кинини ким истибэт буолуой? Өссө Москваттан уоппускатыгар сылдьар Василий Константиновы бачча кэлэн баран тустан бар диэбит үһү диэн сураҕы истэн, үөрдүм аҕай. Саалга көстөрүн кытта:
- Ок, Бадьай кэлбит, уол оҕото, - дии түспүттэрэ. Хаһыакка мэтириэтин көрбүт буолан, биллим. Эмискэ мөтөрүс гыммахтаан, кэдэлдьийэн-сэгэлдьийэн, кэпсээн-ипсээн, хааман-сиимэн, дьэ, кырдьык, уол оҕото быһыылаах.
Мин Бадьайы хаста да көрсөн, ситиһиилэрин билэ сатаабытым да, кыайтарбатаҕа.
Архыыппар уура сылдьар анкетаны толотторон баран, кэннигэр эбии суруйтарыым доппуруоска майгыннаабыта:
- “Корея +3”, туох турнирый?
- Ээ, матч. Бэйэҥ суруйан биэр, - диэт, ыстанаары гыммыт курдук буолбута. Нэһиилэ хаайа, күөйэ тохтото сатыыбын.
- “+3”, - икки знактаах бэлиэни оҥоро оҕуста.
- Ити аата үс матчка кыайбытыҥ дуо?
- Ээ-э. - ,,Венгрия” диэн суруйбутун ыйан ыйытабын:
- Тугуй?
- Ээ билбэтим.
- СКДА (ДАСК -- Доҕордуу аармыйалар спортивнай кулууптарын түһүлгэтэ -- И.У.) дуо?
- Оннук быһыылааҕа (“6”, Римскэйинэн “IV” – диэн бэлиэтэлээбит. Алтата тустан, төрдүс буоллаҕа. Атын бэлиэтээһиннэригэр ол турнир дуо? -И.У.).
Биирин да ханнык турнир буоларын өйдөөбөт этэ. Мүччү туттаран куоппут киһи эрэ диэх курдуга.
Ити кэннэ анкета толоттороору эккирэтэ да, кэлин ыйыталаһа да сатаабатаҕым. Аадырыһын ылбытым. Онно туох да суох үһү. Ситэ ыйыттарбатах бэлиэтээһиннэрэ бэйэтин курдук билиҥҥэ диэри таабырыннар: “Монголия III 6” – Оччолорго МНР-гар “Интернационал” диэн турнир ыытыллара, ол эбитэ дуу, СКДА дуу? Быһаарбатаҕа. “Болгария +2” Матчка эбитэ дуу, Дан Колов бирииһигэр иккитэ кыайдаҕа дуу? “ВС СССР 1975, 77” – ССРС Сэбилэниилээх күүстэригэр иккитэ бастаабыта дуу?
Тустара эмиэ ити тутта-хапта, саҥара-иҥэрэ сылдьарын курдуга.
Бастакы көрүүм. 1978 с. Университет чемпионатыгар маҥнайгы эргиирдэргэ утарсааччыларын ыла-ыла быраҕаттыыр. Атахтары сотору-сотору үөһээнэн адаарытар. Албастары көрдөрө сылдьар курдук. Москваттан оннук оҥостон кэлбитэ дуу, тренерэ Дмитрий Петрович Коркин итинник сорудахтаабыта дуу? Кыаҕа бэрт быһыылаах. Улаханнык разминкаламмакка, саалаҕа дьону кытта дьээбэлэһэ, кэпсэтэ сылдьан, сыгынньахтанар да, көбүөргэ тахсар. Бээ, күүстээхтэргэ киирдэҕинэ дьиҥ хайдаҕын билиэхпит. Оччолорго 62 кг өрөспүүбүлүкэҕэ атыттартан арыый чорбойор икки тэҥ соҕус лидер баара. Кинилэр ити сыл Николай Тарскай бирииһигэр (оччолорго өлбүт да дьон аатынан түһүлгэлэри, кини кэриэһигэр диэбэккэ итинник ааттыыллар этэ – И.У.) САССР чемпионнара буолбуттара. Николай Коркин 62 кг, Анатолий Константинов 68 кг өрө тахсан бастаабыттара. Анатолий урут Сахатын сирин чемпионун аатын иккитэ ылбыт ыйааһыныгар 62 кг улахан түһүлгэҕэ төннүөн баҕарара биллэр. Ол эрээри ити ыйааһыҥҥа Бүтүн Союзтааҕы турнирга Коркиҥҥа хотторон турар.
Дьэ, хайалара ордуга бу атын күүстээх тустууктуун тусталларыттан дьэҥкэтик биллиэ эбит.
Па, Анатолий тоҥолоҕун оһоллообут. Кыттыбат буолбут. Дьэ, Бадьай Баасканы батыһа сылдьан сүбэлиир, секунданныыр. Сүрүн конкурена Николай Коркин Бадьайдыын тустар буолбутугар ордук уһугунна. Ыһыы да хаһыы. Бадьай дьиҥнээх тренердэригэр төһө истигэнин билбэтим, итиннэ Толя туох диэбитин тук курдук толорор. Туста сылдьан кини диэки хайдах гынабын диэбиттии эргиллэн көрөр. Маннык гын диэтэҕинэ, оннук гынар, оннук гын диэтэҕинэ – соннук сордотолуур. Анатолий туох эрэ диэт, хамсанан көрдөрдө да, Бадьай утарсааччытын, ким да буоллун, элээрдэн иһэр. Лис гыннара түһэртиир. Ол аайы Толя ыһыы-хаһыы бөҕө. Кини ыйааһыныгар моһуоктаһыах дьонун кэһэттэрдэ. Этэргэ дылы, муостарын тоһуттарда. Баатыгары, кини итинник оҥоттороору сакаастаан, наймыласпыт дуу?
Бадьай – күлүгээттэри ат тэбэрин курдук эһиллиэхтэригэр диэри охсор илиитигэр күүстээх, Союз оҕолорго чемпиона буола сылдьыбыт Коркины, өр гымматаҕа, киирээт, кочергалаан түһэрбитэ. Кыбыс-кытаанах былчыҥнаах бухатыыр лис гына түһэр тыаһа сүрдээх этэ. Онуоха Анатолий үөрбүт хаһыыта эбии дуораһыппыта. Үс төгүл кочергалаан, Толяны кынаттаабыта.
Сыл аҥаарынан Коркин иэстэһэргэ (реванш ыларга) араастан сордонон, уон тарбаҕынан ытарчалыы ылан, Бадьайы икки илиититтэн, тоҥолоҕуттан тута сылдьыбыта. Тохсус мүнүүтэ чугаһыар диэри баалл ылсыбатахтара. Онтон иккиэннэригэр икки сэрэтии биэрээри гыммыттарыгар, Бадьай үс төгүл хоннох аннынан киирэн, аатырбыт “нырогын” көрдөрүүнү (показательнай) оҥорон элэҥнэппитэ.
1981 с. Дьокуускайга Бүтүн Союзтааҕы түһүлгэҕэ Монголия хас ыйааһын аайы бөҕө бөҕөстөрдөөх кыттыбыта. 62 кг маҥнайгы-иккис нүөмэрин аҕалбыт. Итиннэ Василий аан дойдутааҕы таһымнаах маастар Нямааны, танка курдук Авырмэдийн Энхээни (кини ол кэннэ аан дойдуга чуут бастыы сыспыттаах – И.У.) араастаан төбөлөрүн оройдорунан быраҕаттаан, олус да үөрдүбүтэ. Чахчы үрдүк кылаастааҕын көрдөрбүтэ. Иннокентий Егоровка суол солообута, туус куоһуру киниэхэ быраҕан, хаартыны ыһан, дьыалатын оҥорбут киһи быһыытынан, Бадьай сүтэн хаалан, уһуллубута. Онон финалга Кеша Энхээлиин тахсыбыттара. Кеша свистогу кытта тэҥҥэ кэриэтэ Энхээни, атахха киирбитин, олоро түһээт, утары албаһынан ыраастык быраҕан кэбиспитэ. Тустуук илиитин “алдьатыы” диэн дьэ итинник.
Василий Константинов, Николай Коркин, Иван Захаров, Ефрем Ефремов, Иннокентий Захаров, Артур Константинов, Моисей Ноговицын эрчиллиилэрин эрдэ аҕыйаппыттара. Сөптөөх өйөбүл да суоҕа. Ол да буоллар, биирдиилээн чаҕылхай быраҕыылары оҥороллоро. Дьиҥэ, Анатолий Константинов курдук бэриниилээхтик, утумнаахтык тустуунан дьарыктаммыттара буоллар, конкуренциялаһан, сахалар ити ыйааһыҥҥа кэлин да балайда ситиһиилэниэхпит хааллаҕа.