28.04.2023 | 16:00

Сэдэх экспонаттардаах музей

Таатта музейдар дойдуларынан биллэр. Бүгүҥҥү нүөмэргэ И.М. Хатылаев аатын сүгэр Баайаҕа орто оскуолатын Андросовтар учууталлар династияларын аатынан кыраайы үөрэтэр музей салайааччыта Галина Неустроеваны кытта кэпсэтиибин ааҕыҥ.
Сэдэх экспонаттардаах музей
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

– Галина Иннокентьевна, бүгүн Өрөспүүбүлүкэ күнэ. Өрөспүүбүлүкэ буола үүнүүбүтүгэр улахан кылааты киллэрсибит улуу дьоммут ааттарынан Былатыан Ойуунускайга Тааттаҕа, Максим Аммосовка Нам Хатырыгар, Исидор Бараховка Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар Судаарыстыбаннай музейдар тэриллибиттэрэ. Ону тэҥэ хас биирдии улуус, нэһилиэк иһинэн музейдар айымньылаахтык үлэлии олороллор. Музей киһи аймах сайдыытыгар суолтата тугуй?

– Музей – быйылгы уонна былыргы биир сиргэ түмүллэр дьикти сирэ. Хас биирдии норуот сайдыытыгар музей сүҥкэн оруолу ылар. Бу судаарыстыба тутулун, сайдыытын, олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр киин. Музейа суох норуот, судаарыстыба туһунан өйдөбүлү ылыахпыт суоҕа этэ.

– Баайаҕа дириҥ уонна баай историялаах нэһилиэк буоларын былыргы дьиэлэрэ-уоттара да туоһулуур. Ону таһынан сэдэх экспонаттардаах оскуола музейыгар сырыттахха, элбэҕи билэҕин.

– 1960-с сылларга Саха сирин үгүс оскуолаларыгар кыраайы үөрэтэр хостор тэриллибиттэрэ, былыргы малы-салы хомуйууга болҕомто уурар буолбуттара. Оччолорго энтузиаст учууталлар Ксенья Александровна Андросова, Поликарп Александрович Андросов, Николай Дмитриевич Неустроев кыраайы үөрэтэр хоһу тэрийэннэр, экспонат хомуйуутун саҕалаабыттар. Билигин үлэ бэтэрээннэрэ Прасковья Михайловна Потапова, Татьяна Дмитриевна Иванова, Розалина Ивановна Потапова, Сусанна Васильевна Луковцева, Дария Константиновна Богдашина, Клавдия Ивановна Христофорова, Борис Федорович Неустроев бэйэлэрин ахтыыларыгар ол кэмнээҕи учууталларын кытта сылдьыбыт араас экскурсияларын күндүтүк саныыллар. 3 кылаас үөрэнээччитэ П.И. Чярин 1961 сыллаахха аҕаларын бастакы кэргэнэ сүктэн кэлбит үрүҥ көмүс сирэйдээх ыҥыырын туттарбыт.

Ол кэмҥэ  мунньуллубут балачча сыаналаах экспонаттардаах музей син элбэх мала Чөркөөх музейыгар ыытыллыбытын туоһулуур докумуон баар, 100-чэкэ мал испииһэктэнэн, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллооҥҥо бэриллибит.

1827 сыллаахха тутуллубут былыргы Байаҕантай улууһун быраабатын дьиэтин ис бараана уларытыллан, 1995 сыллаахха Татьяна Игнатьевна Андросова быһаччы салайыытынан  саҥаттан тыыннанан оҥоһуллубута. Дьиэ иһин оҥоруутугар оскуола, нэһилиэк уус дьоно, учууталлар, үөрэнээччилэр үлэлээбиттэрэ, уруһуйдары Константин Билюкин, Борис Неустроев оҥорбуттара. Ол саҕана Татьяна Игнатьевна салалтатынан оскуолаҕа,  нэһилиэккэ араас хайысхалаах үлэ тэрээһиннээхтик ыытыллара.

– Музей экспонаттара сүрүннээн тугу кэпсииллэр?

– Музейбыт 1998 сыллаахха оскуола кыраайы үөрэтэр музейын быһыытынан  пааспардаммыта. Экспонатын ахсаана 910, көмө пуондата – 2489.

Матырыйааллары үс улахан бөлөххө араарыахха сөп:

1. Этнографическай – саха омук олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр мал-сал, иһит-хомуос, туттар тэрил;

2. Нэһилиэк историята ахтыылар, хаартыскалар, хаһыат матырыйааллара;

3. Оскуола историята – ахтыылар, хаартыскалар, докумуоннар.

2017  сыллаахха музейга Андросовтар учуутал династия аата иҥэриллибитэ.

– Баай Оруоһуттар кыыстарын маллаах иһитэ баарын билэбит. Бу экспонат туһунан ааҕааччыларга кэпсээтэргин.

– Хас биирдии кэм чаҕылхай дьоннордоох буолар. Оруоһуттар прогрессивнай өйдөөх-санаалаах дьонунан биллэллэр. Ол биир туоһутунан саха норуотун үйэлээх үгэһин суолун хааллараары, иистэнньэҥнэри анаан туталлара уонна үлэҕинэн тиктэрэллэрэ буолар. Кинилэргэ сыһыаннаах икки эспонаттаахпыт: сурук уонна маллаах иһит. Сурук кумааҕыта бүк тутуллубут, тисненай. Хаҥас муннугар логотиптаах – Фабрики наследниковъ Сумкина ¹5 диэн суруктаах. Кытархай дьүһүннээх сургуус бэчээттээх. Түөрт муннуктуу тутуллубут. Таһыгар – Милостивому Государю Гаврилу Петровичу старосте Слепцову. 1894 года Февраль 8 дня – диэн.

«Умнубакка ахтар, таптыыр атастарым Гаврил Петрович, Мария Ивановна!

Улахан поклону, алгыспын ыытабын. Айыы Тойон Эһиэхэ аһыныытын үйэҕит тухары хаалларбатын. Бу дойдуга бары аймаҕынан этэҥҥэ олоробут. Хайдах олороргун, хаһан кэлэргин биллэрбэтиҥ, ол быһыытынан киһи ыыттым, онно барытын биллэриэх тустааххын. Мин баҕарарым Маслинка нэдиэлэтигэр эбэтэр прощенай эти сиир эрдэххэ кэлиэх тустааххын. Бырааккыт Петрга бастыҥ поклон, көрсөн угураспыт курдук үөрүүлээх тылла этиҥ.

Ахтабын эбээт.

Маша, быраатым, көрдөһөбүн. Хайа күүһүҥ кыайарынан үрүҥ балыгы булан көр. Дьөрү муунтатыгар диэри. Мин балыга суохпун бэйэҥ билэҕин эбээт, кукаам. Лиитийэ илдьиттиир. Эһигиттэн благословения, алгыс көрдүүр. Эһигиттэн санаам арахпат. Бу дойдуга билбэт сирбэр мунан олоробун. Айыы таҥара көмөтүн эрэнэ саныыбын. Ити кэннэ бэйэм майгыбын суруйан ыыттым. Андриан голова присягаҕа киирдэ. Отзыва төннөн тахсыбыт. Бэйэлэрэ этэҥҥэ олороллор. Харитина үтүө. Биһиги ийэбит Анна эмээхсин покойник буолла. Тохсунньу 16-та сарсыарда баскыһыанньа күн. 40-с күнэ Маслинка четверг күнүгэр буолуо. Иркутскай секретара тойон кэлэн барда. Саха олоҕун былыргыттан ыла бу бириэмэҕэ диэри хайдах олохтонон, дойдуну хайдах быһыылаахтык атыылаһан ылбыппытын, төһө киэҥ сирдээхпитий, ону билээри. Бу дойдуга ыйытта Пекарскайтан (салгыы кыайан аахпатыбыт – В.К.). Ол кэннэ бэйэтин кочтатыгар илтэ. Куоракка Пекарскай прогонун, аһыырын, хамнаһын бэйэтин моонньуттан биэриэх буолан саха хайа да олоҕун кэпсэтиитин даҕаны. Бу кэннэ сонун суох. Агриппина поклон ыытар, кэһии эрэйэр.

Маша, кэллэххинэ бурдукта кэһиигин аҕал. Мастаргын умнума.

Эйигин умнубакка ахта олорооччу тээтэҥ, маамаҥ Иван Оросин, Акулина Егорова”.

Уйбаан Оруоһун сиэнэ Лидия Гаврильевна Слепцова

Суругу Мария Ивановна Оросина аҕата Уйбаан Оруоһун суруйбут. Маны сэргэ Оруоһуттар маллаах иһиттэрэ дьон интэриэһин тардар. Мария Ивановна төрөөбүтүгэр Боотуруускай улууһун Игидэйин баайдара Оруоһуттар үс туос маллаах иһити тиктэрбиттэр (Иистэнньэҥ Өрүүнэ диэн аата эрэ биллэр, иһит хаппаҕар 1871 сыл атырдьах ыйын 27 күнэ диэн суруктаах). Биир арыый дьоҕус иһит Чөркөөх музейыгар баар, биир туос иһит Уолба нэһилиэгин музейыгар турбута, баһаарга умайбыта. Маллаах иһит олус сиэдэрэй тигиилээх, бу иһити үтүгүннэрэн Уус Алдан Бээрийэ,  Баайаҕа иистэнньэҥнэрэ тикпиттэрэ. Иһит үрдүгэ 95 см, айаҕынан кэтитэ 49 см, аллараа иитин уһуна 171 см, айаҕынан иитин уһуна 145 см. Иһит икки суон талаҕынан курдуу иилээх, сүлүүдэ кыбытыктаах, “түөрт харахтаах харысхал” бэлиэнэн, туоһу ойо быһан “күн”, “кымырдаҕас” ойууларынан эргиччи сиэл сабынан киэргэтэ тигиллибит. Мария Ивановна Оросина маллаах иһитэ кыыһыгар Лидия Гаврильевнаҕа хаалбыта. Лидия Гаврильевнаттан аймахтарыгар Мария Петровнаҕа Уранаеваҕа тиксибитэ. Лидия Гаврильевна Слепцова  Байаҕантайдааҕы училище бастакы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ, Дьокуускай куоракка фельдшерскай оскуоланы бүтэрбитэ. Кэргэнэ Гаврил Леонидович Семеновы кытта үрүҥ хамсааһыныгар кыттыбыта. Судургу эпэрээссийэни бааһырбыттарга оҥорор, талааннаах эмчит этэ диэн кэпсииллэр.

– Төрүт ньыманан тигиллибит туос иһиттэри сэҥээрэ көрбүтүм. Өбүгэ иһитин дьон төһө сэргээн көрөрүй?

– Ордук туос саар ыаҕаһы, араас кээмэйдээх мээрэйдэри, чабычаҕы сэргииллэр.

Төрүт иис ньыматын сэҥээрээччилэр араас улуустартан көрдөһөн, кээмэйин, сиигэр тиийэ хаартыскаҕа түһэртэрэллэр, туһаналлар. Ол эрээри сороҕор музей малын, презентациялары, атын да матырыйаалы үлэлэригэр туһанан, сканердатан ылан баран, ссылкалаабаттара хомолтолоох.

– Музейгыт дьиэтэ бэйэтэ туспа история.

– Музей дьиэтэ 1827 сыллаахха Томтор биир саамай көстүүлээх сиригэр турбут Байаҕантай улууһун быраабата. Бу дьиэ гражданскай сэрии саҕана үрүҥнэр ыстааптара буола сылдьыбыт. 1917 сыллаахха олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кыайыытын сырдата П.А. Ойуунускай  кэлэ сылдьыбытын, миитин тэрийбитин туһунан ахтыыга суруллар.

– Омук сириттэн анаан көрө кэлэллэр дуо?

– Элбэх араас омук дьоно сылдьан, көрөн-сэргээн аастаҕа. Франция, Германия учуонай кыргыттара Эмили Май, Бригитта Пакендорф, Японияттан, Польшаттан, Испанияттан айанньыттар, дойду араас регионнарыттан, Саха сирин бары улуустарыттан араас идэлээх дьон ыалдьыттыыр. Дойдубут биллэр учуонайа,  психология наукатын дуоктара, философия наукатын кандидата Александр Михайлович Лобок өбүгэлэрбит илиилэрин сылааһын иҥэрбит мас иһиттэри сөҕөн, үөрэн көрбүтүн умнубаппын. Кини курдук атын омук култууратын ис дьиҥин өйдүүр, сыаналыыр киһи аҕыйах дии саныыбын. Кини “Каждый человек – миф, каждый человек – мифотворец” бэргэн этиитэ сахалыы тыыннанан: “Хас биирдии киһи – олоҥхо, хас биирдии киһи – олоҥхоһут“ диэн оскуолабыт үлэтин сүрүн  ис хоһоонун кэрэһэлиир.

– Музей бүгүҥҥү кыһалҕата.

– Кыраайы үөрэтэр музей улуустааҕы үөрэх управлениетын нөҥүө үбүлэнэр, эбии үөрэхтээһин педагога диэн 0,5 штатнай единицаттан турар. Идэтин сөбүлүүр, баҕалаах эрэ киһи үлэлиир. Хааччыллыыбыт уустук, оптимизациянан өссө да уустугурара буолуо дии саныыбын. Музей үгэһи кытаанахтык тутуһан үлэлиирэ ордук буолуон сөп, аныгы кэм ирдэбилинэн барытын оонньуу-көр оҥорор наадалаах дии санаабаппын. Виртуальнай эйгэттэн оҕо тахсара хайаан да наада. Барыта бэлэми сыҥалааһын, оонньотор,  аралдьытар ис хоһоонноох тэрээһин элбэх, оҕо олох кыратыттан үлэлии үөрэниэхтээх. Үөрэх – саамай уустук өй үлэтэ. Урукку сыллар курдук толору ыстааттанара буоллар, үөрэнээччи сайдыытын туһугар элбэх үлэ ыытыллыа этэ.

– Галина Иннокентьевна, кэрэхсэбиллээх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Кыраайы үөрэтиигэ ис сүрэххиттэн үлэлииргин билэбин уонна инникитин  музей суолтата улаатарын туһугар үлэҥ өссө айымньылаах, ситиһиилээх буоллун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...