23.07.2020 | 14:56

Сайыҥҥы күнү-дьылы билгэлээһин (Отчуттарга сүбэлэр)

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сахабыт сирин кылгас сайынын баттаһа, өлгөм үүнүүнү сомсон ылаары, тыа дьоно-сэргэтэ бука бары от хомуурун үгэнигэр сылдьаллар.

Биһиги Сахабыт сирин түүнэ туох да олус сырдык, күнүскүтэ куйаас уонна уһун буолар. Сайыҥҥы кылгас кэм иһигэр элбэх оту оттуохха наада. Ол иһин билигин тыаҕа отчуттар үксүн ходуһаҕа хоно сылдьан оттууллар. Сотору кэминэн күн-дьыл хайдах буолуохтааҕын айылҕа араас бэлиэлэринэн кыайан үгүс киһи сирдэтэн билбэт. Ол иһин үлэлэригэр, инники былааннарыгар кэккэ күчүмэҕэйдэри көрсөллөр. Сороҕор сыыһа-халты билгэлээн, охсуллубут отторун ардахха сытыталлар эбэтэр кээһиилэрин ситэрбэккэ хаалларан кэбиһэллэр. Онтон сылтаан оттообут отторун хаачыстыбата мөлтүүр. Туһалаах буоллун диэн кэккэ сүбэлэри биэрэбит.

Үчүгэй күн-дьыл бэлиэлэрэ

- Түүнүн сөрүүдүйэр, сарсыарда халлаан ырааһырар, тымныйар, элбэх сиик түһэр.

- Өрүскэ, күөлгэ туман тэлгэнэр, күн тахсыытын кытары туман көтөр.

- Сарсыарда эбэтэр күнүс лоскуй былыттанар, ол киэһэтин сүтэр.

- Кутаа чоҕо барбах төлөннүрэр, түргэнник күлүнэн бүрүллэр.

- Хараҥаччылар үөһэнэн элэҥнэһэллэр. Киэһэ кинилэр чыбыгыраһыылара үксүүр.

- Кымырдаҕастар, ооҕуй оҕустар, тойон ыҥырыалар кэлиилэрэ-барыылара күүһүрэр. Тойон ыҥырыа мүөтү эрдэ хомуйан бүтэрэр. Киэһэ кумаардар, кырдаайылар биир сиргэ бөлүөхсэн кыынньаллар, хомурдуостар алларанан көтөллөр.

- Ыкса киэһэ кустук таҕыстаҕына, нөҥүө күнүгэр үчүгэй күн буолар.

- Өскөтүн туман сиртэн эбэтэр ууттан өрө көтөҕүлүннэҕинэ, сарсыныгар куйааһы күүт.

- Сайын сарсыарда кыра ардах түстэҕинэ, күнүскү өттүгэр үчүгэй күн буолар.

Күн-дьыл куһаҕан буоларын бэлиэлэрэ

- Былыттар араас хайысханан тус-туспа уһуннахтарына – буурҕаны эбэтэр этиҥи күүт.

- Күн тахсыытыгар уонна киириитигэр саҕах кыыһар буоллаҕына – улахан тыал буолар.

- Кутаа буруота эриллэ-эриллэ тахсар, сири сырса тарҕанар.

- Халлаан былыта да суох эрээри, хайдах эрэ өлбөөркөй өҥнөнөр.

- Барабыайдар бөлөҕүнэн сылдьаллар, буорга сууналлар.

- Балыктар оҥоойуну тутаары, ууттан өрө ыстаналлар, моҕотойдор угуйсан иһиирсэллэр, ардах чиэрбэлэрэ таска тахсаллар. Кымырдаҕастар оргулларыгар киирэллэр, хайаҕастарын бүөлэнэллэр.

- Сүөһү оту иҥсэлээхтик сиир, ыттар кыратык аһыыллар, элбэхтик утуйаллар.

- Кустук сарсыарда таҕыстаҕына – самыыр түһэр.

- Самыыр түһэригэр чалбахха хабахтар үөскүүллэрэ – самыыр уһуннук түһэрин бэлиэтэ.

- Ардахтаах күн буоларыгар ыттар сири күүскэ хаһаллар, кууруссалар түүлэрин үргэнэллэр, кустар уунан ыһыахтаналлар, сотору-сотору умсаллар.

- Самыыр түһүөн иннинэ сибэкки сыта ордук биллэр.

- Сарсыарда от кураанах буоллаҕына – түүнүгэр самыыр түһэр.

- Ойуур тыала суох тыаһыыр буоллаҕына – самыыр кэлэр.

- Өскөтүн үрэххэ ардах кэнниттэн уу тымныйбатах, хата, төттөрүтүн, сылыйбыт буоллаҕына – сотору самыыр түһэр.

- Күн ортотуттан түспүт ардах уһуннук түһэр. Күн ала-тала көстөн турдаҕына, ардах түһэр буоллаҕына – чугастааҕы күннэргэ куһаҕан, ардахтаах күннэр буолаллар.

- Тыала суохха самыырдыыр буоллаҕына – уһуннук түһэр.

- Өскөтүн ардах кэнниттэн сылаас, сиртэн паар көтөр буоллаҕына уонна күн көрөн турдаҕына ибири-сибири самыыр түһэр буоллаҕына – өр кэмҥэ саппахтаах куһаҕан күннэр буолаллар.

- Самыыр бөдөҥ таммахтарынан дохсуннук түһэр буоллаҕына, сотору уурайар.

- Тыалы утары самыыр хаһан баҕарар дохсун буолар.

         -  Үрэх уута самыыр түһүөн иннинэ сылыйар.

Окко киирэр алгыс

Түөрт түннүктээх

Төгүрүк түөлбэ хотун ийэм,

Иэйбит Иэйиэхсиппит,

Айбыт Айыыһыппыт,

Дьоллоох сабыатын

Туора тутан киирэн,

Дьол көрдүү турабыт.

Улуу дойдуҥ учурун-бучурун,

Аан дайдыҥ

Аллырын-боллурун

Кистээн кулу!

Аһатар оккун астыктаах гын,

Сиэтэр оккун сибиик гын!

Бугул от буолуо диэбити

Быластаах от гынан,

Эбэм иччитэ,

Дьоллоох быйаҥҥын

Үлүннэрэн оһорон,

Хат тамаҥнаан,

Халыҥ куҥнаан таһаар!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...