04.04.2023 | 10:14

«Саюри» былаанын 16 бырыһыанынан куоһарбыт

«Саюри» былаанын 16 бырыһыанынан куоһарбыт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2023 сылга «Саюри» агрокомплекс бырайыактаммыт кыаҕыгар тахсар. Ол курдук, сыл бастакы үс ыйыгар тэпилииссэ номнуо 704 туонна сибиэһэй оҕуруот аһын ылан, былаанын 16,3%-нан куоһарбыт.

«Горснаб» МУТ дириэктэрэ Петр Абрамов иһитиннэрэринэн, ааспыт кыһын төһө даҕаны ураты тымныы буоллар, комплекс тохтоло суох үлэлээбит. Бу саас агрономнар «Лоэнгрин» диэн оҕурсу саҥа суордун үөрэтэллэр, бу оҕурсу «Мева» ийэ суортан кыратык уһун уонна атын амтаннаах дииллэр.

Хаһаайыстыба болҕомтотун уурар биир хайысхата – агрокомплекс бородууксуйатын оннугар кэлии оҕуруот аһын атыылааһыны утары үлэ. 
Биллэрин курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ «Саюри» бородууксуйатын куорат 150 маҕаһыыныгар атыылаһыахха сөп, ол иһигэр «Токко», «Мясной двор», «О-город», «Ферма», «Ганза», «Скиф», «Блюз» о.д.а. маҕаһыыннарга.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...