24.11.2022 | 13:00

Сайсары уонна Киин уокурук саҥардыллыбыт тиэргэннэрэ

Сэтинньи 19 күнүгэр Лермонтов уул., 138/2, 138/3, 138/4 уонна 58/2 дьиэлэрин тиэргэннэрин өрөмүөн кэннэ хамыыһыйаҕа туттарыы буолан ааста.
Сайсары уонна Киин уокурук саҥардыллыбыт тиэргэннэрэ
Ааптар: Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Оробуочай бөлөҕү тырааныспар өҥөтүн тэрийии, сайыннарыы боппуруостарыгар куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко салайан илдьэ сырытта. Маны таһынан “Главстрой” МХТ салалтатыттан Василий Румянцев уонна бэдэрээтчиттэр кыттыыны ыллылар.

 «Манна оҕо балаһааккаларын тупсарыы, сырдатыы, суолтан киириилэри уонна тротуардары өрөмүөннээһин, кытаанах бөҕү харайыы сирин уларытыы ыытылынна. Итэҕэһи-быһаҕаһы барытын гарантияҕа олоҕуран, сакаасчыт “Главстрой” ХЭТ ирдэһиэҕэ. Үлэлээбит тэрилтэлэргэ махтанабыт уонна олохтоохтортон тиэргэннэригэр харыстабыллаах сыһыаны эрэйэбит”,  –  диэтэ Антон Алексеенко.

“Туох эмэ ситэриллибэтэҕи оҥорторорго олохтоохтор Управаларыгар этиэхтэрин наада. Оччоҕо биһиэхэ сурук кэлэр, онно олоҕуран биһиги гарантиянан итэҕэстэри туоратарга модьуйабыт. Оҕо балаһаакката, ыскаамыйалар, хачыаллар алдьанар түгэннэригэр, бэдэрээтчит 3 сыл устата эппиэттиир, араас кээһэниини туоратар эбээһинэстээх”, –  диэтэ Василий Румянцев.

Лермонтов уул., 138/3 дьиэтин ыстаарыһата Оксана Андреева:

– Биһиги “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” тупсарыы бырагырааматын куонкуруһугар кыайыылаах буолбуппутуттан наһаа үөрбүппүт. Бэдэрээтчити кытта дуогабар түһэрсибиппит. Барыта болдьоҕор оҥоһулунна. Аны бэйэбит харыстабыллаах буоларбыт эрэ наада. “Кристалл” салайар хампаанньабытыгар, Сайсары уокуругун управатыгар, Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар махтанабыт.

Лермонтов уул., 58/2 олохтооҕо Ирина Позднякова, көҕүлээччи бөлөх бэрэссэдээтэлэ:

Тиэргэннэри тупсарар бырагыраама кыттыылаахтара буолбуппут быһыытынан, баҕа санааҕытын олоххо киллэрэртэн толлубат буолуҥ диэн сүбэлиэм этэ. Бэйэбит этиилэрбитин, көҕүлээһиннэрбитин салалтаҕа тиэрдэн иһиэххэ, маннык туһалаах бырагыраамаларга хапсар гына үлэлиэххэ. Биһиги тиэргэммит тупсубутуттан, барыта саҥардыллыбытыттан олус үөрэн турабыт. Кыра итэҕэс-быһаҕас кэмигэр туоратыллан истэ. Оҕо балаһаакката, аспаал, сырдатар лаампалар – чахчы элбэх үлэ барда. Кыттыгастаахтарга барыларыгар махтанабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....