18.03.2024 | 21:27

Сайсары уокуругар тутуллар спорт комплексын Айсен Николаев уонна Евгений Григорьев билистилэр

Сайсары уокуругар тутуллар спорт комплексын Айсен Николаев уонна Евгений Григорьев билистилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат Ильменскай уул., 27 элбэх функциялаах, гимнастикалыыр саалалаах спорт киинин тутуу күргүөмнээхтик бара турар. Саҥа эбийиэк 2 800 кв.м иэннээх.

Кулун тутар 16 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев быйыл сайын «Азия оҕолоро» оонньууларга бэлэм буолуохтаах эбийиэги тутуу хаамыытын билистилэр.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ тутуу 80% бэлэм, ыам ыйын ортотун эргин үлэҕэ киириэҕэ. Бу күннэргэ инженернэй ситимнэри тардыы ыытыллар. Халлаан сылыйдаҕына, аспаал ууруллуоҕа. Бу спорт комплексыгар бастакы этээскэ биһиэхэ соҕотох анал гимнастика саалата баар буолуоҕа, дьиэ 13 м тиийэ үрдүктээх. Иккис этээскэ единоборстволарынан, боксанан дьарыктанар хостор, тренажернай саала оҥоһуллуохтара», - диэн быһаарар Евгений Григорьев. 

Тутууга эппиэттээх «Монтажник» ПК бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Ханин иһитиннэрбитинэн, муус устар эргэтигэр - ыам ыйын саҥатыгар тиэргэни тупсарыы, аспааллааһын, киирэр суога бетон кутуута ыытыллыаҕа.

Сайсары уокуругар бастакы элбэх функциялаах спорт киинэ «Демография» нацбырайыак «Спорт – норма жизни» федеральнай бырайыагынан тутуллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...