Сайсары — сайдыы суолугар
Нэдиэлэҕэ саҕаланыыта Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев киин куоракка ыытыллар өрөмүөн уонна тутуу хаамыытын билистилэр. Ол курдук, салалта Сайсары уокуругар тутулла турар саҥа спорт уораҕайыгар сырытта, Винокуров аатынан уулуссаны саҥардан оҥорууну уонна Сайсары күөл кытылын тупсарыы хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.
Сайсары уокуругар саҥа саала
Бастакы пуунунан Ильменскэй уулусса, 27 тутулла турар элбэх функциялаах спорт саалата буолла. Эбийиэк аны саас, 2024 сыл ыам ыйыгар, үлэҕэ киириэхтээх. Тутуу үлэтин генеральнай бэдэрээтчитинэн «Монтажник» тэрилтэ буолар. Тэрилтэ бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Ханин иһитиннэрбитинэн, эбийиэк сыбаайата түспүт, ититии ситимэ уонна турбаларын тирэхтэрэ турбуттар. Бүгүҥҥү күҥҥэ каркас, сылааһынан хааччыйыы үлэтэ бара турар.
«Тутуу кэмигэр эбийиэк быстах электроэнергиянан хааччыйыы ситимигэр холбонно. Ону тэҥэ «Водоканалга» уунан хааччыйыыга сайаапка биэрдибит. Тэхиньиичэскэй усулуобуйалары ыллыбыт, инженернэй ситимнэргэ холбонорго дуогабардастыбыт. Үлэни быйыл саас саҕалаабыппыт. Мантан кыһын, ититии үлэтэ бүттэҕинэ, ис үлэтин ыытыахпыт»,– диэтэ бэдэрээтчит тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ.
Саҥа эбийиэк эһиил сайын Дьокуускайга ыытыллар VIII-с «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары көрсө үлэҕэ киириэхтээх. Манна художественнай гимнастиканан, боксанан дьарыктанарга анал саалалар баар буолуохтара.
Эбийиэк «Спорт – олох нуормата» федеральнай бырайыак чэрчитинэн, «Демография» национальнай бырайыак иитинэн, «Развитие физической культуры и спорта Республики Саха (Якутия)», «Комплексное развитие социальной инфраструктуры ГО «город Якутск» на 2017-2032 годы» бырагыраамаларынан тутуллар.
Суол – олох төрдө
Салгыы хамыыһыйа «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн Винокуров уулуссатын саҥардан оҥорууну кытта билистэ.
«Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов иһитиннэрбитинэн, суолу Ильменскэй уулуссатыттан Чайковскай уулуссатыгар диэри өрөмүөннүү сылдьаллар, сүрүн бэдэрээтчит – «Сахатрасстрой» ХЭТ тэрилтэ.
«Винокуров уулуссатын саҥардыы ыам ыйыгар саҕаланна, бэдэрээтчит быйыл алтынньыга үлэтин түмүктүүр былааннаах. Билигин тутуу бэлэмэ 40% тэҥнэһэр. Суолу таҥастыыллар, уу лотуоктарын оҥороллор, сибээс ситимин тардаллар. Чайковскай уулуссатын быһа охсуһуутуттан Лонгинов аатынан ууллусса быһа охсуһуутугар диэри аспаал бастакы дьапталҕатын 300 миэтэрэтэ уурулунна. Салгыы иккис араҥаны ууруу, уу турбата, тротуар билиитэлэрин тэлгэтии, бортовой таастары туруоруу уонна сырдатыы ыытыллыаҕа. Эбийиэккэ 12 киһи уонна 7 тиэхиньикэ үлэлиир»,– диэн Алексей Варламов иһитиннэрдэ.
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн 2019 сылтан Сайсары уокуругар Чайковскай, Лонгинов, Ильменскэй, Билибин, Уустаах Избеков, Яков Потапов, Маяковскай, Мерзлотнай, Кеша Алексеев, Широких-Полянскай, Шевченко уулуссалара, «Гимеин» эргиирэ уонна Кардиологическай кииҥҥэ айанныыр суол өрөмүөннэммиттэрин бэлиэтээтэ.
«Биһиги өрөмүөн ыытыллар хас биирдии эбийиэгэр кэлимник сыһыанна-һабыт. Элбэх эбийиэккэ уу ааһар лотуоктара, тупсарыы, уулуссалары сырдатыы үлэтэ киэҥ хабааннаахтык ыытылынна»,– диэн Евгений Григорьев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Сайсары кытылын тупсарыы
Үһүс эбийиэгинэн Сайсары күөл кытылын тупсаран оҥоруу буолла. Билигин манна биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ бара турар.
«Быйыл көрүллүбүт 45 мөлүйүөн солкуобайынан биэрэги бөҕөргөтүү ыытыллар, эһиил тупсарыы үлэтэ барыахтаах. Федеральнай хааһына кирэдьиитин көмөтүнэн Сайсары күөлэ толору тупсарыллыаҕа. Үлэ алта учаастакка араарыллан, хас да түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа. Аҥаарын эһиил бүтэриэхпит, 2024 сыл бэс ыйын 25 – от ыйын 7 күннэригэр буолуохтаах VIII-с Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулары көрсө түмүктүөхпүт. Хаалбыт үс учаастак кэлэр сыл күһүнүгэр диэри тупсарыллыахтаах. Бүгүҥҥү туругунан үлэ болдьохтон хаалбакка баран иһэр», – диэтэ «Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов.
Билигин тутааччылар 3 тыһ. кв. миэтэрэ кэриҥэ иэннээх эргэ тротуары көтүрбүттэр, 1 км кэриҥэ усталаах суол хаххатын уонна бордюрдары хомуйбуттар, ону сэргэ 13 дьоҕус архитектурнай конструкцияны хомуйдулар.
«Биэрэги бөҕөргөтүүгэ 3 тыһыынчаттан тахса кубометр иэннээх таас аҕалылынна»,– диэн Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун баһылыга Владимир Слепцов иһитиннэрдэ.
Бырайыактыыр докумуоннары бэлэмнээһин, инженернэй чинчийиилэри толоруу, тутуу үлэтэ, Сайсары күөлү тупсарарга ирдэнэр оборудованиены туруоруу барыта 450 мөл. солк. тахсаҕа сыаналанар.
Ийэ искибиэрин хапытаалынай өрөмүөнэ, суоллар оҥоһуулара, тротуардары көҕөрдүү, саҥа эбийиэктэри тутуу уонна сатыы дьон сылдьар сирин сырдатыы былааннанар.
«Өрөгөй» спорт комплексын аттыгар 7 стендэттэн турар «Албан аат аллеята» баар буолуоҕа. Конструкцията перфорациялаах тимир лиистэртэн толоруллуоҕа, кэккэлэһэ амфитеатр баар буолара күүтүллэр.
Санатан эттэххэ, 2022 сыл ыам ыйыгар Сайсары күөл кытылын уонна Ийэ искибиэрин тупсаран оҥорууга 20 205 киһи куоластаабыта.