10.04.2024 | 15:19

Сайсары күөл «Триумф» таһынааҕы кытылын «Азия оҕолоро» Оонньууларга диэри оҥоруохтара

Сайсары күөл «Триумф» таһынааҕы кытылын «Азия оҕолоро» Оонньууларга диэри оҥоруохтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьевы уонна Өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын иһинэн Архитектураҕа уонна куораты тутууга управление салайааччыта Любовь Папогу кытта көрсөн, аны сайыҥҥы «Азия оҕолоро» Оонньууларга диэри бэлэм буолуохтаах эбийиэктэр тула кэпсэттэ.

Евгений Григорьев Сайсары күөл кытылын тупсарыы хаамыытын туһунан иһитиннэрдэ. Тупсарыы үлэтэ дойду баһылыга Владимир Путин өйөбүлүн ылбыт маастар-былааны олоххо киллэрии чэрчитинэн ыытыллар.

Айсен Николаев ыытыллар үлэ былаанын сиһилии билсэн баран, «Азия оҕолоро» Оонньууларга диэри төһө иэннээх үлэ оҥоһуллуохтааҕын чопчулаата.

Ол курдук, Сайсары кытылын тупсарыы бырайыагар күөлү кыйа тротуар уонна бэлисипиэт зонатын оҥоруу киирсэллэр. Айсен Николаев куорат дьаһалтата Сайсары күөл кытыла Оонньууларга туттуллар биир сүрүн балаһаакка буолуохтаах «Триумф» аннынааҕы өттүн оҥорон бүтэрэргэ былаанын кытта сөпсөстө. «Оонньуулар быыстарыгар спортсменнар уонна ыалдьыттар Сайсары кытылыгар сынньаныахтарын баҕарабыт, онон «Триумф» таһынааҕы учаастагы тупсарыыны тутан бүтэрэри былаанныыбыт, – диэтэ Евгений Григорьев. Хаалбыт учаастак өрөмүөнэ «Азия оҕолорун» кэнниттэн ситэриллэр.

Роман Дмитриев аатынан кытыл өрөмүөнүн сүрүн үлэлэрин эмиэ «Азия оҕолорун» иннинэ түмүктүүр сорук турда, чуолаан, 202-с дьоҕус оройуоҥҥа баар куорат олохтоохторо сөтүөлүүр сирдэрэ үлэлиирин хааччыйар учаастакка. Оттон поликлиника иннинээҕи кэрчиги уонна тыы ыстаансыйатын сыл бүтүөр диэри оҥороллор.

Ленин проспегын өрөмүөнүн Ил Дархан тиэтэйбэккэ оҥорорго эттэ. Хантараак быһыытынан, үлэ алтынньы ыйга, эбэтэр Куорат күнүнэн балаҕан ыйыгар түмүктэниэхтээх.

«Ленин болуоссатыгар демонтаж үлэтэ түмүктэнэн, бөх барыта тиэйиллэн турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ фонтан котлованын ууруу ыытыллар. Хантараак алтынньы 15 күнүнэн түмүктэниэхтээх. Халлаан сылаас кэмигэр үлэни түмүктүүр былаан баар», – диэтэ СӨ кылаабынай архитектора Любовь Папок.

Бэлиэтээн эттэххэ, бу икки бырайыак Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии чэрчитинэн Владимир Путин өйөбүлүнэн тыырыллыбыт 1.5 млрд солк. иэннээх анал хааһына кирэдьиитин суотугар тутуллар.

«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак «Куорат сиригэр нэһилиэнньэҕэ табыгастаах эйгэни тэрийии» федеральнай бырагырааматынан быйыл итини сэргэ Дьокуускай куоракка Федор Попов аатынан сквер оҥоһуллар. Ол туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....