02.12.2022 | 17:00

«Сайдыылаахтары» сайыспакка, «бастыҥнары» батыспакка...

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус тыл туһунан өйдөбүлү быһаарарыгар кыылтан-сүөлтэн атыммыт, уратыбыт, иэдьэгэй мэйиибит эргитиитэ уонна уон бабыа тарбахпыт имигэс хамсаныылара эбит диэн суруйар.
«Сайдыылаахтары» сайыспакка, «бастыҥнары» батыспакка...
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Үтүө үгэстэрбитин өрө тутан

Тарбаҕыҥ имигэс, сатабыллаах буоллаҕына, өйүҥ-санааҥ да тобуллаҕас буолуохтаах. Ол аата төрөөбүт тылбыт сүмэтин, сүөгэйин сүтэрбэтин туһугар туох даҕаны сиэри таһынан киэҥ халлаан киэлититтэн дуу, уйаара-кэйээрэ биллибэт куйаартан дуу күүс-уох ылбакка, бэйэбит илиибит иһигэр баар кыаҕы, күүһү – үтүө үгэстэрбитин, үөрүйэхтэрбитин умнубакка, хаҥыннарбакка  сайдыылаах олохпутугар тэбис-тэҥҥэ ханыылаһыннаран, алтыһыннаран сырыттахпытына эрэ төрөөбүт тылбыт сүтэр-симэлийэр куттала суох эбит.

Хас биирдии омук, норуот бэйэтэ Аал Луук мастаах, ол маһын силиһэ-мутуга, дириҥ лабаата элбээн, лаглайан, норуот быһыытынан атын дьону кытта бииргэ буоларыгар биир ньыгыл ойуур тыатын курдук буолар. Онтон “сайдыылаахтар ээ” диэн  сайыһан, ол диэки салаллан, “бастыҥнар ээ” диэн ол диэки барсан, “чулуулар ээ” диэн ол диэки чугаһаан истэхпитинэ кэлин тиһэҕэр хайа эрэ атын омук Аал Луук маһын лабаата эрэ буолан хаалыахпытын сөп.

Төрөөбүт тылбыт симэлийбэтин туһугар

Оҕолорбут интэриниэт куйаарын илимигэр иилистэн, төрөөбүт төрүт тылларын билбэккэ эрэ кыра эрдэхтэриттэн нууччалыы дуу, өссө ааһа баран атын омук тылынан саҥараллара ол биһиги, төрөппүттэр, эбэлэр, эһэлэр саха норуотун иннигэр  сотуллубат  буруйбут буолар. Бу түгэҥҥэ туох да уустугу, туолбаты ыралаабакка, кимиэхэ эрэ сигэммэккэ, саха буоларбытынан киэн туттан туран оҕолорбутун бастаан сахалыы саҥарарга үөрэтиэхпитин наада. Онно туох да кыаллыбат эбэтэр киһи төбөтүн сынньар ураты уустук туох да мэһэй суох. Оҕолорбут сахалыы саҥарбаттар диэн түмүк оҥостон,  оскуола киириэн иннинээҕи саастарыттан ыла нуучча тылын эйгэтигэр киллэрэ охсуу – баар суол.

Маннык көстүү суох буоларын туһугар тугу гынарбытын сааһылыыр-наардыыр сыаллаах-соруктаах үлэлэр «Тускул» култуура киинигэр урут даҕаны, билигин даҕаны былааннаахтык, инникигэ эрэллээхтик, ааспыты умнубаттык бараллар. Үлэ ити хайысхатын чэрчитинэн өй-санаа, тыл-өс, сиэр-туом, үгэстэр, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство, иис-күүс, хамсаныы-имсэнии, олоҕу ылыныы барыта киирэрин туһугар «Олоҥхо – олохпут ситимэ», «Сиэрдээх ыал» бырагыраамалар, «Хобо чуораан», «Ыллыыр оҕо саас», «Терпсихора бырааһынньыга», «Сахабыт сирин кыһынын кылааннара» диэн киэҥ далааһыннаах күрэхтэр, көрүүлэр тиһигин быспакка буолаллар.

Сүрүн үлэни «Тускул» КК иһинэн үлэлиир норуодунай тыйаатыр үс бөлөҕө,  норуот уус-уран оҥоһуктарын дьиэтин иһинэн үлэлиир «Утум иис», «Күндүүнэ», «Толлуман»  түмсүүлэр, «Айхал», «Тускул» үҥкүү  ансаамбыллара, «Сайдам», «Арчылаана», «Кэрэ Куо» ырыа ансаамбыллара, аҕыс түөлбэ (Агрогородок, Алаас, Сардаҥа, Туймаада, Малгин, Баҕарах, Киэҥ хочо, Дьаарын), «Төрүт ас – чөл турук», «Бары уруһуйдуубут» уо.д.а. ыыталлар.

Иистэнньэҥнэрбит,  чахчыта даҕаны, оһуор ойуу оһуокайын, дьэрэкээн ойуу эһиэкэйин эттэригэр-хааннарыгар иҥэрбит, өйдөрүгэр-санааларыгар дьиэлээбит дьон буоланнар төрүт иис кэрэтин, үйэлээҕин, барыта ситимнээҕин билэр буоланнар үлэлэрэ да дьоһун, сылдьар ыырдара да киэҥ (СӨ норуотун маастара Саввина Л.М, СӨ норуот уус-уран айымньытын маастардара Дегтярева М.С, Малышев А.Л, о.д.а).

“Төрүт ас” түмсүү салайааччыта Александра Михайловна Мокрощупова уһун сылларга саха тылын, литературатын учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ. Кини аҥаардас тылга-өскө эрэ сыһыаҥҥа буолбакка, сиэргэ-туомҥа, сахалыы сатабылга ураты болҕомтотун уурар уонна ол туһугар киэҥ хабааннаах үлэни ыытар. Ол курдук, кини салайбыт кылааһын оҕолоро (хас да көлүөнэ) сахалыы аһы сурах хоту буолбакка, этэргэ дылы, тутан-хабан, астаан кэллилэр. Ол эбэтэр сахалыы сатабылга, өйгө-санааҕа иитилиннилэр. Онон “Тускул” КК бу түмсүү нөҥүө нэһилиэнньэҕэ, ыччакка, эдэр ыалларга төрүт ас туһатын, наадалааҕын, тоҕоостооҕун тиэрдэр сыаллаах-соруктаах.

Бары бииргэ!

"Тускул" КК көҕүлээһининэн, олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн «Олоҥхо – олохпут ситимэ» бырагыраама чэрчитинэн  нэһилиэк бииргэ түмсэн, кэлэр көлүөнэ ыччаты, оҕо аймаҕы кытта нэһилиэнньэ бары араҥата бииргэ чөл, чэгиэн, чиҥ туруктаах, сомоҕолоһуулаах, төрөөбүт төрүт тылбыт сүмэтин иҥэринэн, төрүт үгэстэрин тутуһан, баай хара тыабыт тэҥкэ тиитин курдук дириҥ силистээх-мутуктаах буолан үүнэригэр, кыраҕа ымыттыбат, оччугуйга оҕустарбат буоларын туһугар үгүһү оҥорор. Манна Хатас тэрилтэлэрэ, нэһилиэк олохтоохторо “биир киһи – барыбыт, бары –  биир киһи туһугар” диэн өйдөбүлүнэн бэйэ-бэйэҕэ тирэх буолан, элбэх оҕолоох биир ыал курдук эйэ дэмнээхтик алтыһаллар. Ол курдук, «Олоҥхо – олохпут ситимэ» бырагыраама уонунан сылларга үлэтин чыпчаала буолан, сүдү киһибит Сергей Зверев суруйан хаалларбыт «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотун туруорууга холонон, күүспүтүн-уохпутун, кыахпытын түмэн айар аартык суолунан айаннатан иһэбит. Сыалбыт дьэҥкэ, сорукпут чуолкай. Самсоновтар ааттарынан ХОО (дириэктэр Слепцов Н.В.), «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйаана (Николаева Г.С.), Дьокуускай куорат 7 нүөмэрдээх спортивнай оскуолата (дириэктэр Гоголев Е.Е.), Хатастааҕы оҕо искусстволарын оскуолата (дириэктэр Лемешева Х.Н.), Хатастааҕы «Ситим» айымньы дьиэтэ (дириэктэр Стручкова С.Т.),  Хатастааҕы 8 нүөмэрдээх баһаарынай чаас (Гаврильев Н.Н.), Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекс (дириэктэр Романов В.В.), "Баҕарах" ХЭХ (дириэктэр Сивцев И.К.), ''Прогресс'' ХЭТ (Пинигин А.С.), Хатастааҕы СТНГ (Васильев Н.Н.), Хатастааҕы балыыһа (Брусенина М.Е.)  – бары бииргэбит.

“Хобо чуораан” күрэх уонунан сылларга ыыра ыраатан,  хабар эйгэтэ киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин араас муннуктарыттан куйаар нөҥүө кыттыһар дьонунан кэҥээн, уһуйаан оҕотуттан саҕалаан эбэлэргэ, эһэлэргэ тиийэ уус-уран ааҕыы сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэр дьон бааллар. Уус-уран ааҕыыга улахан дьоҥҥо ордук хото Чурапчы, Таатта, Горнай улуустарыттан кытталларын бэлиэтиэхпитин сөп. Норуодунай тыйаатырбыт артыыстара, Саха академическай судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыстарын кытта «Сэрии кэмиттэн лоскуйдар», «Аныгы кэм тоҕолоро» диэн сериялар кэпсээннэрин ааҕан, «Тэтим» араадьыйаҕа биэрбиппит кэмиттэн кэмигэр иһиллэллэр. Түөлбэ түмсүүлэрэ сахалыы өй-санаа олохсуйуутугар, үгэстэр умнуллубаттарын туһугар анаммыт-туһуламмыт тэрээһиннэри ыыталаан, Баай Байанайы, айылҕаны кытта алтыһыыны, тумата суох аһы, эмтээх оттору хомуйууну уо.д.а. эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлэн сүүһүнэн киһи кыттыылаах ыыталыыбыт.

Ити курдук быһа тардан, хомуйа тутан кэпсээтэххэ-сэһэргээтэххэ, тылбыт-өспүт, үгэстэрбит үйэлэри уҥуордаан кэлбиттэрин үтэ-өйүө, кэһии оҥорон кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар тиэрдэр сыаллаах үлэлэрбит итинниктэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...