08.05.2021 | 15:07

Сайдыы буолбатах, олох сатарыйыыта!

Сайдыы буолбатах, олох сатарыйыыта!
Ааптар: Сардаана Багынанова
Бөлөххө киир

Сахабыт сирин киэҥ туонатыгар дириҥ ис хоһоонноох, оччотооҕу төрүт култуурабытыгар олоҕурбут пааматынньык, мэҥэ таас, монумент олус элбэх. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1 850 пааматынньык баар. Барыта –  история кэрэһиттэрэ.

Сиргэ-буорга тэпсии – аньыы
И.И. Афанасьев, Дьокуускай куорат:
– Бу күннэргэ Кыайыы болуоссатыгар сэриигэ ийэ дойдуларын туһугар хорсуннук охсуспут саха буойуннарын чиэстиир пааматынньыгы марайдаабыттарын истэн киһи сөҕөр да, хараастар даҕаны. Оҕолорбут тоҕо манныкка тиийдилэр, эһэлэрбит, хос эһэлэрбит эйэлээх олох туһугар тыыннарын толук уурбуттарын туора соттулар? Бу сайдыы буолбатах, бу олох сатарыйыыта буолбатах дуо? Ол эбэтэр ыччаты патриотическай иитии мөлтөөбүтэ дуу? Дьон бэйэ туһугар эрэ охтуута дуу? Инники өттүгэр маннык мөкү быһыылар тахсыбаттарын туһугар саҥалыы көрүүлэр, соруктар туруохтарын наада быһыылаах.
Светлана Иннокентьевна Пинигина, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Лоомтука нэһилиэгэ:
– Куоракка соторутааҕыта “Вечный огонь” уотун умулларбыттарын, өссө табаахтарын бырахпыттарын туһунан сурах, оннооҕор хас улуус, нэһилиэк аайы тилийэ тарҕаммыта. Тыа сиригэр олорор дьон ыччаппыт маннык түктэри быһыыламмытын сүрдээҕин хомойо иһиттибит. 
Кэнники кэмҥэ пааматынньыктарга, монуменнарга, норуот туруорбут оҥоһуктарыгар урусхаллааһын тахса турар. Тоҕо манныгый? Уопсастыбабыт сатарыйыытын көстүүтэ дуу, иитиибит содула дуу? Эбэтэр интэриниэт ситимин сабыдыала дуу? Олохторугар миэстэлэрин булбатах ыччаппыт бэйэлэрин ханна гыныахтарын билбэккэ, сиэр-майгы диэни өйдөөбөттөрүттэн итинник быһыы тахсар диирбэр тиийэбин. Билигин арыгы утахтаах түүҥҥү дискотечнай эрэстэрээннэр сиэрэ суох элбээтилэр. Аныгы ыччат бириэмэтин атаарар үчүгэй сирэ да суох курдук. Спортивнай комплекстар барыта төлөбүрдээхтэр, сыаната удамыра эбитэ буоллар, онно сылдьан тыыннарын таһаарыа эбиттэрэ буолуо. Ол гынан ыччат барыта оннук буолбатах, култуурунай сынньанар сирдэр элбэхтэр. Үчүгэй хампаанньа, киһиэхэ сүрүнэ – бэриниилээх доҕор-атас наада.
Людмила Яковлева, педагог, Бүлүү улууһа:
– 21-с үйэҕэ киһи аймах  өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн улаханнык сатарыйда. Ол курдук, күннээҕи олоххо көстөрүнэн, үгүс дьон уопсастыба тутулуттан астымматтарын, судаарыстыбаннай тутулу утарсалларын тас көстүүтүнэн  духуобунай, култуурунай, историческай сыаннастары алдьатыы, урусхаллааһын буолар диэн этиэххэ сөп. Ол эрэн, вандализм үгүс өттө киһи ис култуурата, бэрээдэгэ суоҕуттан, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйыытыттан тахсар дии саныыбын. Ол иһин туох да сыала-соруга суох араас оҥоһуктары, пааматынньыктары, тутуулары үлтү сынньыбыт  түбэлтэлэрэ куораттарга, оннооҕор кыра дэриэбинэлэргэ үгүс. Бу ханна баҕарар баар көстүү. Маннык мөкү быһыыны таһаарбат туһугар оҕону кыра сааһыттан айар дьон үлэтин сыаналыырга, ытыктыырга, араас пааматынньыктар ис хоһооннорун кинилэргэ элбэхтик кэпсээн, үөрэтэн биэрии олус суолталаах диэн этиэм этэ.
Элеонора Семеновна Анисимова, биэнсийэлээх, куорат олохтооҕо:
– Билиҥҥи кэмҥэ урукку олохпут улахан өйдөбүл буолбут кэмнэри, улуукан дьоммут кэрэ мөссүөннэрин үйэтитии – ытык иэспит. Дьон талааннааҕа, көмүс илиилээхтэрэ өйдөбүл мэктиэлэрин туруораллар. Оттон олору харыстааһын, харайыы – биһиги бары сүдү махталбыт. Сороҕор олус хомойобун, өйдөөбөппүн, билиҥҥи ыччаттар өйдөбүнньүк пааматынньыктары (бука, өйдөөбөт, иитиитэ суохтара буолуо) алдьаталларын, айгыраталларын...  Хайа да төрөппүт оҕом алдьаппыта диэбэтэ буолуо. Оччоҕуна хантан кэлэллэр, ити “вандалларбыт” дэнээччилэр, өйдөбүнньүктэри буортулааччылар? Ити билиҥҥи тот үйэҕэ төрөөбүт дойдуну, кини уруккутун сыаналаабат ыччат быһыыта буоларыгар саарбахтааһын суох. Оннооҕор Улуу Кыайыы өйдөбүлэ, сэриигэ өлбүт буойуннарга, олохторун толук уурбут дьоҥҥо өйдөбүлү – “Вечный огонь” уотун икки төгүл умулларбыттара сүрэхпитин уйадытта. Ити дьайыыларын кыайан өйдөөбөт буоллахтарына, туох эмэ эппиэккэ тардыллыахтаахтар. Ама, төрөппүттэрим, оскуолам ииппэтэҕэ диэхтэрэ дуо?


Татьяна Петровна Иванова, көрбүөччү, Дьокуускай куорат:
– Пааматынньыктарбыт – кэлии дьоҥҥо норуоппут, омукпут историятын көрдөрөр өйдөбүнньүктэрбит. Кинилэр таах киэргэл эрэ буолбатахтар. Бу норуот историятын кэпсиир, ол кэминээҕи дьон олохторун туоһута. Ол иһин пааматынньыктар  уонна кинилэр тулалара өрүү ыраас, киһи сынньанар, олорор ыскамыайкалара баар буолуохтаах. Ону тэҥэ, хас пааматынньык аайы бу өйдөбүнньүгү кэпсиир музыка, араадьыйа баар буолуохтаах. Оччоҕо оҕо аймах пааматынньыкка сыһыана тосту уларыйыа, убаастыа, киэн туттуо этэ. Хас биирдии пааматынньык харчынан суоттаатахха, мөлүйүөнүнэн сыанаҕа оҥоһуллар. Маннык үйэлээх тутууга төһөлөөх үп көрүллэрэ буолуой? Пааматынньыктары марайдааһын, урусхаллааһын тугу да убаастаабат, аанньа ахтыбат дьонтон тахсара биллэр суол. Ол куһаҕан быһыы тохтуохтаах. Кылабыыһаҕа кэриэстэбил пааматынньыктары урусхаллыыр,  сиргэ-буорга тэпсии, уоруу улахан иэстэбиллээх, аньыы буолар.
Нарыйаана Татаринова, элбэх оҕолоох ийэ, куорат олохтооҕо:
– Пааматынньык хайа баҕарар дойдуга, норуокка үтүө өйдөбүл уонна ытык ыйынньык. Холобур буолар уонна история кэрэһитэ дэнэр пааматынньыктарбытын кэнчээри ыччаппыт харыстыахтаах. 
Билиҥҥи балысхан үйэҕэ, вандаллар ытык сирдэри киртитэллэрэ, бас-баттах марайдыыллара – баар суол. Биллэн турар, бу мөкү көстүү. Иитиитэ суох кэмчи ычалаах ыччат сорох-сороҕор “хайп” таһааран, “кыахтаах” буолан көстөөрү түктэри дьыаланы оҥороро биллэр. Маныаха уопсастыбаннай олохтоох тэрилтэлэр араас тэрээһиннэри ыытан, социальнай роликтары таһааран үлэлииллэр эрээри, ис дьиҥэр дьиэ кэргэнтэн эмиэ тутулуктаах дии саныыбын. Хас биирдии оҕо хайа баҕарар кэмҥэ иитиигэ наадыйар. Куорат пааматынньыктарын ылан көрүөҕүҥ эрэ! Оскуола үөрэнээччилэрэ үксүн пааматынньык кимиэхэ анаммытын билбэттэр. Дьиҥэр, оскуола бырагырааматыгар иитэр-үөрэтэр үлэҕэ кэпсииллэр, хаартыскаҕа аахсыйа ыыталлар (“Пааматынньык таһыгар хаартыскаҕа түс", о.д.а.). Ол эрэн аныгы ыччат көрүүтэ-истиитэ атын буолан, итинник хабааннаах аһаҕас уруоктарга оҕолору куорат устун экскурсиялатан, илэ көрдөрөн, сиһилии кэпсээн, саас-күһүн субуотунньуктатан, сибэкки олотторон үөрэтиэххэ баара. Баҕар, оннук түгэҥҥэ өй ылан, бэйэ бодотун тардыныахтарын сөбө буолуо. Киэҥник ылан эттэххэ, пааматынньыктары чопчу дьаһайыахтаах тэрилтэлэр хонтуруолга ылан, көрөн-истэн олоруохтаахтар. Сыллата тус пуондаттан чиҥэтэр өрөмүөн ыытан, сууйан-сотон, ыраастаан диэбит курдук.
Култуура уонна история эбийиэктэрин харыстыыр Департамент дьиҥ үлэтэ итиннэ көстүөхтээх буоллаҕа.
Валентина Петровна Колодезникова, худуоһунньук-маастар, муосчут, Дьокуускай куорат:
– Дьэ, мэҥэ өйдөбүнньүктэргэ итинник сыһыан – олус куһаҕан быһыы. Үйэлэргэ тутуллубут пааматынньыктары, үтүө оҥоһуктары урусхаллыыр дьиикэйдэртэн киһи эрэ кэлэйэр. Оннук диирбэр тиийэбин. Хайыамый… Этэргэ тыл тиийбэт. Били собобут пааматынньыга, сыыспат буоллахпына, иккитэ дуу, үстэ дуу уоруллубута дии. Билигин ол миэстэтигэр суох. Туох буолбут дьон итинник быһыыланалларый? Ити балыкпыт сэрии кэмигэр төһөлөөх киһини аччыктааһынтан быыһаабыта буолуой? Ону кэриэстээн собоҕо анаан пааматынньык оҥорбуттара да, киһи хомойуох, сөптөөх сиригэр сүгүн туруорбатылар. Уопсайынан, үйэлээх тутуулары, пааматынньыктары анал тэрилтэ тоҕо хонтуруолга ылбатый? Эбэтэр кинилэр эбээһинэстэригэр киирбэт муҥа дуу? “Вандаллыы” сыһыаны тохтотор туох эрэ миэрэ ылыллыан наада. Пааматынньыктары харыстыыр биһиги ытык иэспит буоларын умнумуоҕуҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...