Сайаҕас мичээр аргыстаах
Тохсунньу ый тоһуттар тымныытыгар инбэлииттэри чөлүгэр түһэрии киинигэр эмтэнэ сылдьан 84 саастаах, Ньурбаттан төрүттээх, Дьокуускай куоракка олорор сиэстэрэ идэлээх Анна Николаевна Балаевалыын билсистим.
Санныгар тайаммыт сааһырыытын киэр кыйдаан, таптал туһунан сылаас тыллардаах кэпсээнин үөрэ-көтө иһиттибит. Бэйэбит кыахпытынан кэнсиэр туруордубут. Онно намылхай, синньигэс, сааһырыныы билиммэтэх куолаһынан истиҥ ырыатын бэлэхтээтэ. СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, эмп сулууспатын бэтэрээнэ, Коммунистическай үлэ туйгуна Анна Николаевна оскуола кэнниттэн икки сыллаах сиэстэрэ куурсун бүтэрэн, 54 сыл тохтоло суох үлэлээн, 72 сааһыгар үлэттэн тохтообут. 1953 сыллаахха сэттис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына кулун тутар 5 күнүгэр дойдубут аҕа баһылыга И.В. Сталин өлбүтүгэр оскуола дириэктэрэ А.Н. Чусовской ыарахан сонуну иһитиннэрбитигэр, учууталлар, үөрэнээччилэр бары ытаспыппыт 67 сыл ааһа оҕуста диэн сонньуйа ахтар. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланыытыгар аҕыс саастаах эбит. Аҕатыгар Н.П. Дмитриевкэ бронь туттараннар, райкомҥа хаалан, аймалҕаннаах сылларга Кыайыы туһа диэн, өрөбүлэ суох дьаһалтаҕа үлэлээбит. Кэлин Красноярскай куоракка партийнай оскуолаҕа үөрэнэн, райсовет бэрэссэдээтэлигэр тиийэ үүммүт. Үлэни өрө туппут Николай Дмитриев үс төгүл Үрдүкү Сэбиэт дьокутаатынан быыбардаммыт. Сэрии кэннинээҕи сылларга холкуос бэрэссэдээтэлинэн, кыыл иитэр ферма дириэктэринэн үлэлии олорон бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта үһү. Аҕам наһаа сымнаҕас, аһыныгас киһи этэ”, - диир кыыһа.
Уоттаах сэрии холоругун ортотугар сылдьыбыт ийэтин бииргэ төрөөбүт убайа, быраата тыыннаах эргиллэр дьолун билэннэр, үлэ үөһүгэр түһэн, олохторо уһаан, биирэ 99, иккиһэ 87 саастарыгар орто туруу дойду олоҕуттан арахсыбыттар. Кыайыы буолбутун уруйдуур үөрүүлээх миитин уонна Кыайыы ыһыаҕа 12-лээх оҕо өйүгэр умнуллубаттыы хатанан хаалбыт. “Оччотооҕу музыка алыптаах дорҕооно билигин да кулгаахпар иһиллэр”, - диир Анна Балаева. Анна Николаевна суоппар идэлээх, урут суол-иис куһаҕаныгар хоту дойдуга тиийтэлээбит олоҕун аргыһынаан Р.В. Балаевтыын 58 сыл бииргэ аал уоту оттунан, иллээхтик олорбуттара эбитэ үһү. Горнай улууһугар олохсуйан олорор, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, улуус бочуоттаах олохтооҕо, эмп сулууспатын бэтэрээнэ, биэлсэр идэлээх бииргэ төрөөбүт тапталлаах кыра балта М.Н. Кривошапкинаны иһирэх тылынан кэпсиирин сэргии иһиттим. “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьаннаах, номоххо киирбит аҕатын сырдык сулус оҥостубут, үгүс кэпсээннээх ытык киһини биһирээтим, хайҕаатым.
Анна Козлова