23.02.2024 | 11:00

Савва Михайлов аатынан «Дьоруой паарата» Дьокуускай куорат 33 №-дээх оскуолатыгар арылынна

Савва Михайлов аатынан «Дьоруой паарата» Дьокуускай куорат 33 №-дээх оскуолатыгар арылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 22 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы Л.А. Колосова аатынан 33-дээх оскуола үөрэнээччилэрин төрөппүт аҕалара, Саха сиригэр биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэл, баҕа өттүнэн анал байыаннай дьайыыга баран олоҕун толук уурбут Савва Анатольевич Михайловка аналлаах «Дьоруой паартата» арылынна.
Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Байыаннай сулууспалаахтар, байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриотическай иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар кэмитиэт салайааччыта Александр Подголов, Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Тряпша, СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтин сүрүн исписэлииһэ Иванна Новогодина, уопсастыбанньык Гулжан Огонерова, СӨ Култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстабылыгар департаменын салайааччытын солбуйааччы Гаврил Терентьев, Губинскай уокурук управатын салайааччыта Валентин Романов ыалдьыттаатылар, Савва Михайлов туһунан ахтан-санаан аастылар.
Дьоруой кэргэнэ Валерия Александровна Михайловтар дьиэ кэргэттэригэр умнуллубат суолталаах бырайыагы олоххо киллэрсибит дьоҥҥо барыларыгар махталын биллэрдэ. Оттон Дьоруой паартатыгар бастакынан олорор чиэс Савва Михайлов уолаттарыгар - Л.А. Колосова аатынан 33 №-дээх оскуола үөрэнээччилэрэ Владилен уонна Всеволод Михайловтарга тигистэ.
Дьоруой хаартыскалаах, олоҕун суолун, үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэр суруктаах паартаҕа кэнэҕэһин уопсастыбаннай үлэҕэ, спорка, айар үлэҕэ көхтөөхтүк кыттар оҕолор, үөрэх туйгуннара олоруохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...