12.01.2023 | 16:00

«Сатал»: Тугу гыныахха? Хайдах дьаһаныахха?

Хойуу туманынан будулуйар тохсунньу тоһуттар тымныытыгар уота, сылааһа суох им балайга тыын былдьаһар ыксаллаах кэми, 2023 сыл бастакы күнүн, “Сатал» түөлбэ олохтоохторо өтөрүнэн умналлара биллибэт.
«Сатал»: Тугу гыныахха? Хайдах дьаһаныахха?
Ааптар: Марианна ТЫРТЫКОВА
Бөлөххө киир

Ол курдук, дьон бары Саҥа дьылы көрсөн баран утуйа сыттаҕына, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүгэр сарсыарда 07 чаас 25 мүн. бүтүн түөлбэ дьиэлэрин сылааһынан хааччыйар хочуоллар тохтоон, таһырдьа -48 С тымныыга дьиэлэр, гараастар көрдөрбүтүнэн хам тоҥон киирэн барбыттара. Бүтүн биир бөдөҥ дэриэбинэ саҕа 3000 кэриҥэ нэһилиэнньэлээх «Сатал» түөлбэ дьиэлэрин улахан аҥаара бу саахалтан араас кээмэйдээх хоромньуну ылбыттара. Үгүс ыал батареята, канализационнай ситимэ туһаттан тахсыбыта, баанньык, гараас, массыына барыта тоҥмута.

 

«Якутскэнерго» бас билиитигэр киирбэккит, онон бэйэҕит быһаарыҥ!»

Варвара Захарова: 

– Тохсунньу 1 күнүгэр биһиги таһырдьа дьон аймалҕаныттан уһуктубуппут. Уот арахсан, дьиэлэр тоҥон эрэллэрин билбиппит. Иэдээн буолбутун өйдөөн диспетчергэ эрийбиппитин: «Эһиги чааһынай бас билиигэ олороҕут, «Якутскэнерго»-ҕа киирбэккит, онон бэйэҕит быһаарыҥ», — диэн тимир-тамыр курдук этэн кэбистилэр. Ити сарсыарда 08.00 ч. этэ. Хомойуох иһин, ити күн ийэбит, бэйэтэ даҕаны доруобуйата чарааһаан сылдьар саастаах киһи, долгуйан, сүрэҕинэн «Суһал көмөнөн» балыыһаҕа киирбитэ.

Дьокуускай салалтата быыһыыр сулууспалары, биригээдэлэри түөрт чааһынан биирдэ атаҕар туруорбута. Дьиҥэр, сигнал киирээтин кытта сарсыарда 08.00 ч. үлэлээн саҕалаабыттара буоллар, кыһалҕа кэмигэр быһаарыллан, эмсэҕэлээччи ахсаана лаппа аҕыйах буолуон сөп этэ.

Биһиги «Сатал» түөлбэҕэ төрдүс сылбытын олоробут. Ол тухары уот кыһалҕата сыл аайы, сороҕор сылга иккитэ сытыытык турар. Былырыын ИБП (тохтоло суох уоту биэрэр тэрил) атыыласпыппыт эрээри, онтубут көмөлөспөтө. Эбиэт диэки аккумулятора олорон хаалбытыгар дьонтон генератор уларсыбыппыт. Биллэн турар, бары күүһү, болҕомтону дьиэбитин быыһыырга уурбуппут, онон гарааспыт, массыынабыт барыта хам тоҥмута. Тохсунньу 1-2 күннэригэр саҥа радиатор, турба, кыраан атыылаһан, сантехник ыҥыран, күннэри-түүннэри үлэлээн, ититии ситимин чөлүгэр түһэрдибит.

Аны маннык алдьархай хатыламматын туһугар «Сатал» түөлбэ дьаһалтата, бастатан туран, уот ситимин «Якутскэнерго» бас билиитигэр көһөрүөн наада. Биһиги уоппутун «Сатал» дьаһалтатыгар төлүүбүт, ол иһин, өскөтүн электричество уота бардаҕына, резервнэй подстанцияттан холбонор киин манна хайаан да баар буолуохтаах.

Тохсунньу 8 күнүгэр электричествобыт эмиэ арахсан, 3-с уонна 4-с кыбаартал олохтоохторо икки чаастан ордук уота, сылааһа суох олордубут. Трансформаторга рубильник уларыталларын туһунан биллэрии буоларын курдук хойутаан, уот барбытын кэннэ биирдэ кэлбитэ.

«СОНТ буолла да, тоҥуохтаах этибит дуо?»

Биир сэһэргэһээччим аатын этиэн баҕарбата, көннөрү «Сатал» олохтооҕобун диэтэ:

– Тохсунньу 1 күнүгэр уот барбытын кэннэ «Сатал» дьаһалтата «уот хаһан кэлэрэ биллибэт, онон генератордары холбооҥ” диэн биллэрбитэ. Биһиги ыал генератор көрдүүр түбүккэ түспүппүт. Саҥа дьыл маҥнайгы күнэ буолан, маҕаһыыннар, атын да сулууспалар, куортамныыр тэрилтэлэр бары өрүү сыталлар. Табаарыстарбыт, билэр дьоммут ким даҕаны төлөпүөнүн ылбат. Ол курдук үс кыра оҕобутун кытта бэйэбит эрэ туран хаалбыппыт, улахаммыт начаалынай кылааска үөрэнэр, икки кыралар оскуолаҕа киирэ иликтэр.

Ыксаллаах быһыы-майгы тирээн кэллэ, дьиэбит тымныйан, хайдах быыһанарбытын билбэккэ олордубут. Оҕолорбутун халыҥнык таҥыннардыбыт, таһырдьа -48С тоһуттар тымныы.

Урут эмиэ тохсунньуга электричествобыт уота баран, гарааспыт хам тоҥмутун, ититэр ситиммитин уларыппыппытын санаан, уолуйан хаалбыппыт. Билэр дьоммутуттан «бесперебойник” уларсыбыппыт иитиитэ тута бүтэн хаалбыта, генератор булбуппут даҕаны, тымныыга арахса-арахса үлэлиир эбит. Заправкаҕа аймалҕан оргуйан олороро, дьоннор канистралаах төттөрү-таары сүүрэкэлииллэр.

Күнүс Суһал штаб генератор аҕалбыта эрээри, сотору уоппутун биэрбиттэрэ. Дьаһалта биэрбит турбата уонна радиатора кээмэйэ сөп түбэспэт буолан, сарсыныгар уларыттарбыппыт. Ити курдук түүнү супту «пушканан” сылыттан, онно хас үс чаас аайы сэлээркэ кутан хоммуппут, утуйар диэн кэлиэ дуо...

Ол кэннэ Мархаҕа ыытыллыбыт мунньахха 9-с кыбаарталга «кыһыл линия” ааһарын, дьон дьиэлэрин кэтэх бас билиигэ докумуоннатар кыахтара суоҕун эрэ туһунан ырытыспыттара.

Мин санаабар, салайар уорганнар, өҥөнү биэрээччилэр маннык ыксаллаах балаһыанньаҕа, буолаары буолан тохсунньу тоһуттар тымныытыгар, «эйиэнэ – миэнэ» диэн аахсан бириэмэни ыыппатахтара, бэйэбит дьоммут-сэргэбит диэн тутатына быыһыыр үлэлэри ыыппыттара буоллар, хоромньу кээмэйэ быдан кыра буолуохтаах этэ.

Олохтоохтор генератордаах буолуохтаах этигит диэн сирэй-харах анньаллара истэргэ ыарахан. Генератор – 48 С тымныыга быыстала суох үлэлээн баран алдьанар. Саха сирин тымныытын оннооҕор тимир уйбатын өйдүөххэ баар этэ...

 

Дьокуускай дьаһалтатын санаата

Тимир суол ааһыахтаах

Сир-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент начаалынньыгын солбуйааччы Игнатий Попов:

– СӨ Баайга-дуолга, сиргэ-уокка сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтэ 2009 с. «Сатал» учаастактарын оҕуруот аһын олордорго диэн түҥэппитэ. Учаастак ылбыт дьон бэйэлэрэ табаарыстыба тэринэн, дьыл сылаас кэмигэр олоруохтаах этилэр. Кэлин үгүс ыал дьиэ-уот туттан, ньир-бааччы кыстыыр буолбуттара. Онон, биллэн турар, ИЖС-ка көһөртөрүү кыһалҕата турбута.

Ол эрэн «Сатал» олохтоохторо учаастактарын уонна дьиэлэрин кэтэх бас билиигэ хас да биричиинэнэн кыайан оҥотторбокко сылдьаллар. Онтон биирдэстэринэн өрүһү туораан кэлиэхтээх тимир суол буолар. Ол курдук, 2012 с. Дьокуускай куорат генеральнай былааныгар киирбит уларыйыынан, тимир суол чуолаан «Сатал» СОНТ нөҥүө аэропорка тиийиэхтээх.

Сокуон быһыытынан, Куорат генеральнай былаана 25 сылга оҥоһуллар, онно уларытыы киллэрэргэ федеральнай кииҥҥэ үгүс-үтүмэн сөбүлэһии барыахха наада.

Ону таһынан, учаастактары ИЖС-ка көһөрүүнү бу эҥээр ТОСЭР тутуллуохтааҕа мэһэйдээбитэ. Билигин, федеральнай уорган чуолкайдаабытынан, «Сатал» оройуонугар ТОСЭР тутуллара былааҥҥа суох.

 

Ууттан чугас учаастактар приватизацияламматтар

Куорат тутуутун, тырааныспар инфраструктуратын департаменын салайааччыта Северина Архипова:

– «Сатал» түөлбэ 3-с уонна 4-с кыбаарталлара уу эбийиэктэриттэн чугас тураллар. Уу кодексатынан, ити эбийиэктэр судаарыстыбанан харыстаналлар. Оттон «Сатал» чуолаан бу кыбаарталларын учаастактара харыстаныллар сиргэ түбэһэллэр. Холобур, ууттан 20 м кытыл  харыстаныллар эбийиэккэ киирэр буолан, приватизация көҥүллэммэт.

 

Уокка 30 мөл. солк. иэстээхтэр

Тохсунньу 5 күнүгэр Дьокуускай куорат дьаһалтатын үлэһиттэрэ: баһылык солбуйааччыта Владимир Аржаков, Сир-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент начаалынньыгын солбуйааччы Игнатий Попов, Куорат тутуутун, тырааныспар инфраструктуратын департаменын салайааччыта Северина Архипова, Правовой департамент, Сир сыһыаннаһыыларыгар агентство исписэлиистэрэ «Сатал» СОНТ олохтоохторун кытта көрүстүлэр. Ол туһунан Дьокуускай дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бастатан туран, тохсунньу 1 күнүгэр тахсыбыт саахалтан сылтаан электричество уота барбытын туһунан дьүүллэстилэр. Ону таһынан, олохтоохтор учаастактарын кэтэх бас билиигэ көһөрөллөрүгэр кэккэ кыһалҕа баарын ыйдылар.

«Сатал» салалтата быһаарбытынан, бу түөлбэни «Якутскэнерго» уотунан хааччыйар эрээри, үрдүк күүрүүлээх уот ситимэ «Радиоцентр» подстанциятыттан «Саталга» диэри табаарыстыба уопсай бас билиитигэр киирэр эбит. «Якутскэнерго» бу линияны бэйэтин балансатыгар ылартан аккаастаммыт биир төрүөтэ — олохтоохтор уоттарын кэмигэр төлөөбөккө, бүгүҥҥү туругунан 30 мөл. солк. тахса иэс мунньуллубута.

Иэс мунньуллубут биричиинэтэ – 9-с, 10-с кыбаарталлар учаастактарын кэтэх бас билиигэ кыайан оҥотторбокко сылдьаллара. Ол иһин сорохтор уоттарын соруйан төлөөбөттөр. Оттон сорохтор тиһигин быспакка төлүү олороллор эрээри, син биир учаастактарын докумуонун кыайан оҥотторбот эбиттэр.

Түмүккэ

Ол эрэн «Сатал» кыһалҕата итинэн эрэ бүппэт... Суол кыараҕас диэн, оптуобустар бу эҥээр киирбэттэр. Тимир көлөтө суох киһи хас да километры сатыы хааман, Намныыр суолга тахсан, Жатай, Кангалаас оптуобуһун кэтэһэр. Аны оскуола, оҕо саада, балыыһа төрдүттэн суоҕунан, ыаллар сарсыарда 5-6 чч. туран, оҕолорун куоракка оҕо саадыгар, оскуолаҕа илдьэллэр, бэйэлэрэ үлэлэригэр бараллар.

Биллэн турар, куоракка ыт уйатын саҕа кээмэйдээх таас кыбартыыра сыанатыгар киэҥ-куоҥ чааһынай дьиэ туттар барыстааҕа ханна барыай?! Онуоха эбии ыраас салгын, айылҕа туоната, сайын бэйэ оҕуруота, хаһаайыстыба туохха тэҥнэһиэй?!

Онон Дьокуускай олохтоохторун уотунан уонна сылааһынан хааччыйар «Якутскэнерго» курдук бөдөҥ хампаанньа «Саталга» буолан ааспыт алдьархай аны хатыламматын туһугар резервнэй подстанция тутара кэм ирдэбилэ буолла. Үллэр үптээх-харчылаах улахан тэрилтэ биир кыра түөлбэ кыһалҕатын быһаарар кыахтаах буолуон сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...