20.01.2023 | 13:00

«Сатал» кыһалҕатын быһаарар былаан оҥоһулунна

«Сатал» кыһалҕатын быһаарар былаан оҥоһулунна
Ааптар: Марианна ТЫРТЫКОВА
Бөлөххө киир

«Киин куорат» хаһыат ааспыт нүөмэригэр «Сатал» түөлбэҕэ тахсыбыт саахал туһунан суруйан турабыт. Тохсунньу тоһуттар тымныыта саамай муҥутаан турар кэмигэр аны маннык быһылаан хатыламматын, дьон дьиэтэ, гарааһа хам тоҥмотун туһугар олохтоохтор сүрүннүүр бөлөх тэринэн, Ил Дархаҥҥа тиийэ сурук суруйдулар.

Дьокуускайга кытыы түөлбэлэри, тыа хаһаайыстыбатын, атыыны-эргиэни уонна урбааны сайыннарыыга куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Аржаков ааспыт нэдиэлэҕэ дьаһалта дьиэтигэр «Сатал» СОНТ сүрүннүүр бөлөҕүн бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсөн, дьону долгутар ыйытыыларга хоруйдаата. Сүбэ мунньахха куорат дьаһалтатын үлэһиттэрэ, департамент, тэрилтэ салайааччылара кытыннылар.

Кинилэр табаарыстыбаҕа көмөлөһөргө, юридическай боппуруостарга сүбэ-ама биэрэргэ бэлэмнэрин туһунан иһитиннэрдилэр.   

Уот иэһэ төлөнүөн наада

Сүрүннүүр бөлөх аатыттан уопсастыбанньык, суруналыыс Надежда Акимова этэринэн, олохтоохтор кыһалҕаларын быһаарарга «дорожнай карта” оҥоһуллубут.

«Сиргэ-уокка докумуоннарын оҥорторо илик «Сатал” олохтоохторун интэриэһин туруорсарга тохсунньу 7 күнүгэр түмсүбүппүт, мунньахха 67 кэриҥэ киһи кэлбитэ. Сүрүннүүр бөлөххө кыбаартал аайыттан биирдии киһи киирбитэ. Тус бэйэм «Саталга” олорбоппун эрээри, тастан көмөлөһөбүн.

Тохсунньу 11 күнүгэр Дьокуускай дьаһалтатыгар буолбут мунньахха учаастактары кэтэх бас билиигэ оҥорторуу ымпыгын-чымпыгын быһааран биэрбиттэрэ. Инникитин уот ситимин «Якутскэнергоҕа» көһөрөргө эмиэ көмөлөһүөхтэрэ. Муус устар ыйга Куорат дуумата куорат тутуутун былаанын бигэргэтиэхтээх. Ол кэнниттэн биирдэ сир-уот докумуонун оҥорторуохха сөп.

Уу чугаһа сир судаарыстыбанан харыстаныллар буолан, бу боппуруоһу быһаарарга, учаастагы бас билиигэ көһөрөргө “Сатал” СОНТ бэрэссэдээтэлэ Виталий Шадрин дьону наймылаһан үлэлэтэ сылдьар.

Уот ситимин «Якутскэнерго» балансатыгар көһөрөргө, бастатан туран, мунньуллубут иэс-күүс төлөнүөн наада, онно саталлар эрэ буолбакка, «Сайдыы», «Забота» СОТ иэстэрэ эмиэ киирэллэр. Итиэннэ уот докумуона, ситимэ ирдэбилгэ эппиэттиир курдук сөпкө оҥоһуллуохтаах. “Саталы» уотунан хааччыйар ситими «Якутскэнергоҕа» көһөрүү боппуруоһа Бырабыыталыстыба таһымыгар көтөҕүллэн турар, олохтоохтор Ил Дархан Айсен Николаев аатыгар сурук суруйбуттара», — диэн кэпсиир Надежда Акимова.

Ону таһынан, “Сатал” СОНТ Устааба саҥа ирдэбилгэ, сокуоҥҥа киирбит уларытыыларга эппиэттээбэтэ биллибит, ону саҥардан, ситэрэн-хоторон биэриэхтээхтэр. Онон СОНТ бэрэссэдээтэлин, сүрүннүүр бөлөҕү кытта “дорожнай карта” оҥоһуллубут.

Сирбитин ИЖС-ка көһөртөрүөхпүтүн баҕарабыт 

“Сатал” олохтооҕо Галина Корнилова: 

“Сатал” СОНТ 9-с, 10-с, 11-с кыбаарталларын, «Забота», «Победа», «Молодежнай», «Чолбон» олохтоохторо сүрүн туруорсар кыһалҕабыт – сирбит-уоппут докумуонун оҥорторуу. Бу түөлбэни тимир суол кэлиэ диэн 2012 сылтан федеральнай резервэҕэ туруорбуттар. Ону билэ-билэ учаастактары атыылаан, элбэх киһи сир ылбыта. Онон олохтоохтор баҕа санаабыт диэн – сирбитин ИЖС-ка көһөртөрүү.

«Сатал” СОНТ манна резервнэй подстанция хайдах да туруорар кыаҕа суох, уокка улахан иэстээх. Билигин ол иэһи төлөөн, уот ситимин «Якутскэнергоҕа» биэрэллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Уот биир хаһаайыннаах буолуохтаах. Уһуйаан, оскуола тутуутугар үлэ барар диэбиттэрэ, инникитин быһаарыллыа диэн эрэллээхпит, — диэн этэр.

 

Өйдөспөт түгэн

Үрдүк күүрүүлээх уот ситимин Радиоцентр подстанциятыттан «Саталга” диэри кэрчигэ табаарыстыба уопсай бас билиитигэр киирэр буолан, олохтоохтор кэпсииллэринэн, диспетчергэ эрийэ сатаабыттарыгар: «Эһиги чааһынай бас билиигэ олороҕут, «Якутскэнергоҕа» киирбэккит, онон бэйэҕит быһаарыҥ», — диэн кыһамматахтар. 

Куорат хаһаайыстыбатын салайар сулууспа салайааччытын солбуйааччы Сергей Дерябин быһаарбытынан, “Сатал” СОНТ юридическай сирэй быһыытынан «Якутскэнерго» хампаанньаны кытта дуогабар түһэрсибит. Онтон дуогабар салгыы субабоненнары, “Сатал” олохтоохторун кытта оҥоһуллубут. Ол эрэн икки өрүт икки ардыгар өйдөспөт түгэн тахсыбыт. «Дьиҥэр, саахал таҕыстаҕына, ону туоратарга дуогабар оҥоһуллуохтаах этэ. Түөлбэҕэ резервнэй уот ситимэ суоҕунан сибээстээн, дуогабар быһыытынан, абоненнар уоту биэрэр персональнай тэриллээх буолуохтаах этилэр», — диэн чуолкайдаата.

Сергей Дерябин куорат хаһаайыстыбатын салайар сулууспа «Якутскэнерго» ПАО уонна “Сатал” СОНТ икки ардыгар тахсыбыт өйдөспөт түгэни быһаарарга көмөлөһөргө бэлэмин туһунан эттэ. Бастатан туран, уокка мунньуллубут иэс-күүс төлөнүөхтээҕин, баар итэҕэс-быһаҕас көннөрүллүөхтээҕин уонна уот ситимэ регистрацияны барыахтааҕын ыйда.

Туох да диэбит иһин, өҥөнү оҥорооччу «Якутскэнерго» нэһилиэнньэҕэ биэрбит уота, 30 мөл. солк. диэри мунньуллубут иэс төлөнүөхтээх, кэмиэрчэскэй тэрилтэ хайдах буор босхо уотунан хааччыйа олоруой? Ол эрээри, маннык саахал тахсыбатаҕа буоллар, уокка иэс төлөммөккө салгыы мунньулла туруон эмиэ сөп. Сирдэрин докумуонун бэйэ бас билиитигэр оҥорторботох дьон уоттарын туораттан күһэйиитэ суох төлүүллэрэ саарбах. Ол түмүгэр ночоокко киирээччи — «Якутскэнерго».

Куорат генеральнай былааныгар — уларытыы

Дьокуускай куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев куорат  уокуругун генеральнай былаанын, сири туһаныы, дьиэни туттуу итиэннэ кыбаартал кыраныыссатын чуолкайдааһын былаанын бырайыагын билиһиннэрдэ.

«Сатал” 9­-с, 10-с, 11-с кыбаарталларын уонна «Молодежнай» түөлбэ олохтоохторуттан сир учаастагын докумуонун оҥорторорго сайаапка киирбитэ. Ити этиллибит учаастактар былааннарыгар инникитин бу эргин тимир суол кэлэригэр саппаас сир бэлиэтэнэ сылдьар. Оттон генеральнай былааҥҥа ити тыа хаһаайыстыбатын сирэ, кэтэх дьиэ тутуута, оҕуруот аһын олордуу көрүллүбэтэх диэн ыйыллыбыт. Итинэн сиэттэрэн, куорат генеральнай былааныгар уларытыы киллэриэххэ наада», — диэн быһаарда Семен Сергеев.

“Сатал” бырабылыанньатын аатыттан киирбит сайаапка генеральнай былааҥҥа уларытыыны киллэрэр хамыыһыйаҕа көрүллүбүтэ. Ол эрэн манна социальнай эбийиэк суоҕунан сибээстээн, итиниэхэ аккаастыырга быһаарыныы ылыллыбыта. Мунньах түмүгэр социальнай эбийиэктэри тутарга сир учаастагын биэрэргэ этии киирбитэ.

«Сатал” СОНТ салалтата ити социальнай эбийиэктэри ханна тутуохха сөбүй диэн схема бэлэмнээн, этиилэрин киллэрбитэ. Билиҥҥитэ ити докумуон нормативнай ирдэбилгэ эппиэттиир дуо уонна куорат тутуутун бырайыагар төһө сөп түбэһэрий диэн Дьокуускай тутуутун, тырааныспар инфраструктуратын департаменыгар үөрэтиллэ сылдьар. Өскөтүн сөбүлэһэбит диэн быһаардахтарына, генеральнай былааны өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай былаас уорганын таһымыгар көрдөхтөрүнэ, Дьокуускай куорат Дууматыгар бигэргэтиэхтэрэ», — диэтэ куорат кылаабынай архитектора.

 

Эбэн эттэххэ

Куорат Правовой департаменын начаалынньыга Анатолий Илларионов быһаарбытынан, “Сатал” СОНТ Устааба билиҥҥи сокуон ирдэбилигэр кэккэ боппуруостарга сөп түбэспэт. Холобур, устаапка СОНТ аатыгар төлөнөр усунуос кээмэйэ, ону хомуйуу бэрээдэгэ, төлөөбөтөх дьон эппиэтинэһэ ыйыллыбатах. Онтон да атын итэҕэстэри көннөрөргө Дьокуускай дьаһалтатын юристара табаарыстыбаҕа ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама биэриэхтэрэ.

Инникитин саахал хатыламматын туһугар уот ситимин «Якутскэнергоҕа» биэрэргэ, мунньуллубут иэһи төлүүргэ, докумуону, Устаабы сокуон ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэргэ үлэ барыахтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...