09.05.2023 | 17:01

Сарсын тахсар күн иһин...

Сарсын тахсар күн иһин...
Ааптар: «Кустук» пресс-киин, Күүкэй, Сунтаар.
Бөлөххө киир

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ийэ дойдутун көмүскээн норуот бүттүүнэ туруммута, үгүс буойун тыынын толук уурбута. Ол ынырык сэрииттэн эргиллибиттэртэн билигин бэрт аҕыйах бэтэрээн хаалла...

Быйыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылынан Күүкэй оскуолатын биир бастыҥ бастакы үөрэнээччитэ, учуутал, поэт, тылбаасчыт, буойун Василий Наумович Иванов күлүм гыммыт олоҕун сырдатар, кэриэстиир уонна үйэтитэр соруктаах, дириҥ ис хоһоонноох “Сарсын тахсар күн иһин” диэн тэрээһин ыытылынна. Маныаха бүтүн Күүкэй нэһилиэгэ, оскуолата өрө көтөҕүллэн туран кытыннылар. Тахсан испит талааннаах суруйааччы Василий Иванов чугас аймахтара кэлбиттэрэ тэрээһин суолтатын үрдэттэ.

Үөрүүлээх чааһы кырдьаҕас учуутал М.В. Николаева киирии тылынан аста, нэһилиэк баһылыга Ю.С. Прокопьев, дириэктэр Е.И. Алексеев мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр. Бу кэнниттэн Василий Иванов сиэн балтылара СӨ култууратын туйгуна З.Г. Попова-Иванова уонна Н.Н. Большакова-Алексеева сценарийдарыгар олоҕуран, Күүкэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрин күүһүнэн «Кэнэҕэс кэриэһим ааттаныа…» литературнай дьүһүйүү туруорулунна (салайааччы И.М. Герасимова). Вася Иванов кылгас олоҕун олус уйадытыылаахтык, сэрии уодаһыннаах тыынын итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр. Манна бэлиэтээн этэр буоллахха, Вася Иванов Күүкэй алын сүһүөх оскуолатыгар үөрэнэр сылларын көрдөрүүгэ 4 кылаас үөрэнээччилэрэ кылааһынан, салайааччы М.А. Алексеева олус эппиэтинэстээхтик кытыннылар. Сүрүн оруолу – Вася Иванов оҕо эрдэҕинээҕитин Артем Колесов, устудьуон кэмнэрин Дьулус Сидоров, доҕоро Михаил Спиридоновы Дьулусхан Спиридонов, 7 кылаас уолаттара толороннор көрөөччү сэҥээриитин ыллылар.

Салгыы композицияны библиотекарь Н.П. Львова слайдаларынан чиҥэтэн биэрдэ.

Тахсан испит талааннаах поэт хоһооннорун хомуурунньугуттан ааҕыынан тэрээһин түмүктэннэ. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн биир дойдулаахпыт артыыс, аймахтара Зоя Гаврильевна “Ийэбэр” диэн хоһоонун айымньылаах видеоааҕыытын истэн бэлэх курдук ылынныбыт.

Маны сэргэ Василий Наумович уруһуйдьутун бэлиэтээн, уруһуй күрэҕэ түмүктэннэ, бастыҥнар ааттаннылар. Киирбит үлэлэр альбомҥа тиһиллэн, музейга хараллыахтара.

Ыалдьыт С.М. Герасимова тэрээһиҥҥэ истиҥник махтанан туран бэйэтэ оҥорбут альбомнарын, Василий Наумович кинигэтин бэлэх уунна.

Инникитин да кэнчээри ыччат Василий Иванов сырдык аатын үйэтитиэ диэн эрэнэбит.     

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...