10.05.2022 | 15:35

«Сарсыарда. Уу чуумпуга...»

«Сарсыарда. Уу чуумпуга...»
Ааптар: Надежда Осипова, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын литературнай чааhын үлэһитэ
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 7, 8, 9 күннэригэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар Борис Васильев «А зори здесь тихие...» аатырбыт сэһэнинэн «Сарсыарда. Уу чуумпуга...» диэн Улуу Кыайыы 77 сылыгар анаммыт испэктээкил премьерата буолла.

 

Кыайыы күнүн Саха тыйаатыра саҥа туруорууларынан көрсөр үгэстээх. Ол тыйаатыр Кыайыыны уһансыбыт, сэрии хонуутугар охтубут буойуннарга уонна биир дойдулаахтарыгар сүгүрүйүүтүн уонна ытыктабылын бэлиэтэ буолар.

Саха тыйаатыра сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии кэмин оҕолоругар бэлэх кэриэтэ анаабыт истиҥ-иһирэх испэктээкиллэрин мэлдьи долгуйа, сөбүлүү көрөөччүлэр. Кэнники кэмҥэ, хамсык ыарыы хааччаҕын иннинэ, С. Баранова, Л. Тимофеева, Р. Тараховскай эрии туһунан трилогия», М. Варбут «Саллаат суруктара», Д. Наумов «Сандаарар сарыал саллааттара» диэн испэктээкиллэр ситиһиилээхтик турбуттара.

Быйыл даҕаны, ыам ыйын 8 күнүгэр, Дьокуускай куорат бэтэрээннэригэр аналлаах босхо аахсыйа ыытылынна. «Бу Саха тыйаатыра ытык өйдөбүллэри харыстыыр уонна кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр ытык иэһэ буолар», – диэн П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччы Анатолий Николаев сааланы биир гына тоҕу анньан кэлбит аҕам саастаахтарга туһаайан бэлиэтээтэ.

Сонун премьераны Андрей Борисов үөрэнээччитэ, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, режиссер Роман Дорофеев туруорда. Эдэр режиссер испэктээкилгэ саҥа ньымалары киллэрбитэ сонун уонна сатабыллаах көстүү буолла. Эксперимент быһыытынан испэктээкили сахалыы, нууччалыы саҥардыбыта ураты эйгэни үөскэттэ.

Старшина Васков оруолун АГИКИ устудьуона, нуучча уола Роман Макаров толордо. Режиссер толкуйунан хорсун байыастар Маргарита Осянина (Ньургуйаана Шадрина), Женя Комелькова (Ильяна Павлова), Галя Четвертак (Лена Маркова), Соня Гурвич (Айталина Лавернова) уонна Лиза Бричкина (Айталина Цыпандина) уобарастара саха кыргыттарынан бэриллибитэ испэктээкил ис хоһоонун көрөөччүгэ чугаһатар, хайдах эрэ оччотооҕу бириэмэ өр кэмҥэ биллибэккэ сылдьыбыт кырдьыгын арыйбыт курдук дьиҥнээхтик ылыныллар.

Испэктээкил сценарийын оҥорбут уонна тылбаастаабыт П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыhа Павел Ченянов көрүүтэ режиссер толкуйун кытта бэркэ дьүөрэлэһэн, оонньуу киэбэ сиһилии ситимнээх майгыланна. Маныаха сценография, уот-күөс, муусука табыгастаахтык аттарыллан, оонньууну ситэрэн-хоторон биэрэр соругун туруорааччылар кыайа туппуттара, биир курдук, ылыннарыылаах хартыынаны үөскэтэр, иккис курдук, биир сыанаҕа хас да миэстэни тэҥинэн ойуулуурга кыах биэрэр.

Кута – испэктээкил саамай кутталлаах сирэ сыана ортотунан киһи кутун-сүрүн курдары оборон ылыах ынырыктанан көстөр. Ити кута тула сарсыарда, уу чуумпуга эмискэ кырыктаах ытыалаһыы уотугар биэс эдэр кыыс тыына былдьанар. Оттон «Мы – дети страшных лет России – Забыть не в силах ничего», – диэн поэтесса Гиппиус эппит тыллара испэктээкилгэ ааҕыллыбыттара быйылгы Кыайыы бырааһынньыгын сүрүн санаатын курдук иһиллиннэ.

Эйэлээх олох, Кыайыы иһин сырдык тыыннарын толук уурбут, олоҕу ситэ олорботох сүүрбэччэлээх эрэ кыргыттар саҥардыы ситэн эрэр хахыйах уобараһа буоланнар хоҥкуһан хаалаллар. Арай кинилэр кэриэстэрэ, киһи-аймах өйүгэр өлбөт-сүппэт ааттара Кыйыыны аҕалсыбыт кыһыл лиэнтэлэр буолан, билиҥҥэ диэри тэлибирии кытыасталлар...

Испэктээкил бүтүүтэ артыыстар нохтолоох срэхтэриттэн Кыайыыны аҕалбыттарга анаабыт бокулуоннара көрөөччүлэри долгутан, сүһүөхтэригэр туруоран, саала иһэ өргө диэри олох иһин махтаныы, сүгүрүйүү ытыһын тыаһынан доҕуһуолланна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....