"Сарсыҥҥыга диэри тыыннаах тиийбит киһи"
Күнү быһа айаннаан түүн дальнобойщик суоппардар Половинка диэн ааттыыр сирдэригэр тохтоотум. Былыр көмүсчүттэр олоро сылдьыбыт сирдэрэ. Хас да быраҕыллыбыт дьиэ аһаҕас түннүктэрэ хараҥаҕа күлүгүрэ барыаран, киһини куттуох барыһан тураллар. Бу Половинка Белькачи диэн Алдан өрүскэ турар Алдан оройуонун дэриэбинэтиттэн “Дьокуускай – Алдан” трассатыгар сир ортото. Ол аата иннибэр 250 кэннибэр эмиэ 250 биэрэстэ иһигэр туох да суох.
Мин Камаз Сайгак Т00Зуха дэнэр топливо1заправщик массыынанан кыһыҥҥы суолу оҥоро сылдьар биригээдэҕэ сэлээркэ илдьэн баран төннөн иһэбин. Ол дьонум Белькачиттан биэс көс бэттэх тураллар. Кинилэртэн баарыан күнүс хоҥнубутум. Саҥа оҥоһулла турар буолан нэксиэлээх, былыргы таҥас сууйар хаптаһын курдук суолунан 20-30 км/ч айанныыбын. Үчүгэй суолга 25 көс диэн дьиҥэ 4-5 чаастаах айан. Онон уһун унньуктаах айан иннибэр күүтэр, Томмокко тэрилтэм базатыгар сарсын киэһэ хонукпар тиийбит киһи диэн былааннанан иһэбин.
Половинкабар сарсыҥҥы устар күннээх айаммар оҥостон, сынньанан утуйдум. Ыраах айан киһитэ, суоппар, утуйара сэргэх, массыынатын тыаһын уутун быыһынан истэ сытар, кыратык нуктуу түстэ да уута түргэнник хана охсор айылгылаах. Уһуктан кэлбитим сарсыарда биэс чаас буолбут. Түүн биир чааска тохтоон утуйбутум, түөрт чаас утуйууга бэккэ чэбдигирэн уһугуннум. Суунан-тараанан, дальнобой суоппардар таптаан илдьэ сылдьар кыра газовай плиталарыгар ыксаабакка ас астанан аһаан баран, иннибэр туох күүтэрин билбэт айаммын салҕаан бардым.
Хоҥноору олорон сотовай телефоммун ылан бириэмэни көрбүтүм сарсыарда 06:30 чаас. Магнитофонум суох буолан киҥинэйэн, билэр-билбэт араас сахалыы ырыабын ыллыы-ыллыы айаннаан иһэн, күнүс биир сиргэ “сэлээркэм аҕыйаабыт буолуохтаах” диэн санаа төбөбөр охсуллан ылла. Бачча тиэнэн иһэн тоҕо харыстаатахпыный, массыынам систиэрнэтигэр икки туонна сэлээркэ ордон тиэнэн иһэбин, икки баахпар толору куттан кэбиһиэххэ, оччоҕо эбии куттубакка Томмокко тиийэбин диэн тохтоотум.
Заправкалана туран өйдөөбүтүм халлаан таһыгыратан тымныы күн буолбут эбит. Тымныыттан быһыылаах, салгын хойдон киһи тыынара кытары сыыгынаан иһиллэр. Арааһа -50 кыраадыстан тахсыбыт быһыылаах. Массыынам икки бааҕар толору сэлээркэ кутан баран заправщигым счетчигынын көрбүтүм биэс эрэ лиитэрэ кутуллубут курдук көрдөрөр. Тымныыга бу счетчик албынныыр эбит, 400 литр курдугу кутуннум, 395 лиитэрэбин хайдах отчуоттуубун, хамнаһа суох үлэлэтэр сэп буолбут дии санаан, толкуйга түһэн эрдэхпинэ массыынам умуллан ньимис гынан хаалла.
Улахан массыына үлэлии туран хаһан да маннык умуллубат, онон кыраттан буолбатаҕа сэрэйиллэр. Улахан кыһалҕа саҕаланан эрэрин сэрэйэн сүрэҕим мөҕүл гына түстэ, сүүспүттэн көлөһүн бычыгыраан таҕыста. “Ыксаамыах, “не паниковать”, топливнайа салгыннаабыта буолуо, сибилигин сэлээркэтин хачайдаан салгынын таһаарыам да собуоттуом”, - диэн бэйэбин бөҕөргөтүнэр санаа төбөҕө охсуллан ааһар. Дууһам иһигэр хос “Туох эрэ буолла, массыына маннык мээнэ умуллубат” диэн туһунан санаа элэҥниир.
Мантан иннибэр 150, кэннибэр 300 биэрэстэ иһигэр ким да суох. Икки өттүттэн маннык тымныыга массыына өтөрүнэн кэлэрэ биллибэт. Арай бэҕэһээ миигин утары суол оҥорооччуларга ааспыт дириэктэр эрэ төннөрүгэр эрэл кыыма үөскүүр. Ол да Белькачига, онтон анараа барбатаҕына эрэ. Саҥа оҥоһуллан эрэр кыһыҥҥы суолунан олохтоохтор сылдьалларыгар эрэл суох. Сибилигин массыынабын собуоттуу охсон мантан куоппатахпына түүн өссө тымныйыахтааҕа биллэр. Бу массыынам таһыгар чочумча тохтоон эргитэ саныы турдахпына ырыых-ыраах хас да бөрө ыт курдук үрэн ньаҕыргыы-ньаҕыргыы, бастаан синньигэстик онтон куоластара модьураан-модьураан улуйан сыыйаллара дьыбардаах тымныы халлаан буолан эбитэ дуу, эбэтэр үрэхтэргэ, хайаларга охсуллан эбитэ дуу, улааттар-улаатан субу баардыы эҥсиллэн, сүр уодаһыннаах дуораан буолан иһилиннэ. Ити суоһар улуйуулартан уонна дойдум барахсан хабараан тымныытыттан массыынам эстибэтэ да тыыннаах хаалар туһугар охсуһуулаах унньуктаах уһун, үйэҕэ умнуллубат түүн буолар эбит диэн саллаарыйыах санаа элэс гынан ааста.
Өссө да сойо илик массыынабар киирэн сып-сап аһыы охсоот түргэнник массыына собуоттуур түбүккэ түстүм. Ити эттэххэ боростой, аһыы охсон диэн, тыыннаах буолар иһин охсуһаары тыҥаан олорор киһиэхэ ас киирииһи дуо... Грубай чистка фильтрын үрдүгэр баар носуоһунан сэлээркэбин хачайдаан көрдүм. Ханан эрэ салгыны оборор тыас сообурҕаан иһиллэр. Ол аата сэлээркэ кэлэр турбатыгар бүөлэнии баар диэн турбаны өһүлэ охсон оборон көрбүтүм муус кэллэ. Ээ, хата мантан эбит диэн үөрэ санаан, баахтан кэлэр турбаны өһүлэ охсон курдары үрэн мууһун таһаардым. Турбаннан курдары мэһэйэ суох салгын үрүллэр буолла. Үчүгэй буолууһу диэн эрэл кыыма саҕыллан үөрэн сэгэс гынным. Төттөрү эрийэ охсоот, аны сэрэххэ, фильтрга киирэр шланганнан баахтан сэлээркэтин оборон ыллым. Тоҥ тимир, тымныы сэлээркэ уоспун хаарыйан үлүтэ сыста. Фильтрбар шланганы олордо охсоот, сэлээркэни хачайдаан бардым. Хачайдыы түһээт аны тонкай чистка фильтрын, салгын таһаарар буолтатын холкутаттым. Салгын бөҕө буолта холкутатарым кытары бырылаан таҕыста.
Тончай чистка фильтрынан сэлээркэни носуоһунан төһө да хачайдаабытым иһин салгын кэлэрэ тохтообот. Носуос ханан эрэ салгын курдары оборор тыаһа иһиллэр. Аныгы камаз шлангата барыта пластмаасса буолан эрэһиинэ шланга курдук сулбу тардан ылан ханан салгынныырын билэр кыах суох. Аны холбоһор сирдэрэ бары пласмаас оҥоһуулаахтар. Тардыаластыҥ да тоҥ пласмасс тоһута, үлтүрүтэ барара чуолкай. Онон алҕас фильтртан форсункаҕа оборон ылаарай диэн, мотуорбун эриттэрэн хачайдаан көрөбүн да, форсунка диэки хааппыла да сэлээркэ кэлбэт. Аҕыйахтык мотуорун эриттэрээтим кытары аны акумуляторум олорон ньимис гына түстэ.
Оо, былыргы камаз барахсан манна холоотоххо боростой да эбит. Быһа холбуу охсон, сэлээркэтин лягушканнан хачайдаат барбытым ырааппыт буолуо этэ диэн бу саҥа Камазтан хомойдум. Хомойон да хайыахпыный, бүппүт дьыала буоллаҕа. Уку-суку массыынам кабинатын түһэрдим, кабинам иһигэр киирбитим тыбыс тымныынан, атыҥыраабыттыы көрүстэ Ас астанан аһыы түһүөххэ диэн газовай плиткабынан хостоон, уот биэрэн гаһын уматар рычагын тардан көрбүтүм тас гынна, кыра уот чаҕылыс гынна да гаас уота күлүм гына түспэтэ, ол аата гастаах баллоннар тоҥмуттара ырааппыт.
Бээ, чаһы хас буолбут диэн аны сотовай телефоммун түөһүм сиэбиттэн хостоотум. Түөс сиэбигэр, сылааска сылдьан сотовай тоҥмото буолуо диэбитим да, тохтообута эмиэ ырааппыт. Дьэ оннук икки чаас анараа өттүгэр ыллыы-ыллыы, киэһэ базаҕа тиийиэм диэн үөрэ-көтө айаннаан испит киһи тута боппуруоһум быһаарылынна... Дойдум барахсан мутук тостор хабыр тымныытын кытары бу лиҥкир ойуур ортотугар соҕотох туран хааллым.
Омук улахан массыынатыгар олорбут дьон саҥа Камаз массыынаны куһаҕан сэп диэн мөҥүттэллэрин истэр этим. Массыынам этэҥҥэ сүүрэ сылдьар кэмигэр, маннык үтүө сэби тоҕо үөҕэллэр диэн испэр саныырым. Хайҕаан аҕай сылдьыбыт массыынам билигин тыыннаах хааларбар хааппыла да кыах биэрбэт курдук оҥоһуулааҕыттан сүрдээҕин хомойдум. Кыһыҥҥы кылгас күн ыксаабыттыы киирэн барда. Тобус-толору ый сып-сырдыгынан килэччи көрөн тахсан кэллэ. Ол аата бу түүн үлүгэр тымныы буолар. Онон хабараан тымныы түүнү аһаҕас халлааҥҥа тыыннаах туоруур туһунан толкуйдаатахпына сатанар буолла. Төбөбөр “сарсыардааҥҥыга диэри тыыннаах тиийбит киһи” диэн санаа элэҥниир.
Хата сүгэлээхпин, сэрэххэ хас да испиискэ ылбытым. Зажигалка тымныыга эрэлэ суох, кини кыра да тымныыга тоҥор. Санаабар эмиэ бириэмэ көрөөрү эппэр сыһыары сылдьар сиэпкэ укпут сотовай телефоммун хостоон көрөбүн. Сотовайбын этим да сылааһа ириэрбэтэх. “Паникалаама, паникалаатыҥ да бүттүҥ, дьиэҕэр дьонуҥ күүтэллэр, кытаат” диэбит курдук санаалар эмиэ элэҥнэстилэр. Сидиэнньэ кэнниттэн таҥаһынан эрийэн укпут сүгэбин хостоотум. Манныкка түбэһиэхпин сэрэйбит курдук, хата, базаҕа станокка астаран сытыылаабытым. Аттыбар, суолу кытыылыы элбэх хаппыт мас сууллан сытара баарыттан кэрдэн бардым. Тыыннаах хаалар быабар, дьолбор, хаппыт, бөдөҥ мастаах сиргэ тохтообуппун. Бу тэринэ сылдьан биэс уонча сыллааҕыта кырдьаҕас суоппар Сахаарап Бүөтүр аҕабар кэпсии олорорун санаан кэллим:
- Кэмпэндээйиттэн уонча көстөөх туус хостонор Бааҕы ыскылаатыттан толору туус тиэнэн айаннаан иһэллэр. Бастакы массыыналар кэлбит кэмнэригэр суоппардар массыыналарын сылытынар, хос өстүөкүлэ олордор туһунан билбэттэр. Тымныы массыына өстүөкүлэтэ хос өстүөкүлэтэ суох буоллаҕына тымныыга туох да көстүбэт гына дьилэ кырыа буолар. Ону массыынаҕа олорон иһэр иккис суоппар курдук хамнастаах киһи кырыарбыт түннүгү быһаҕынан кыһыйан ыраастаан иһэринэн суоппар суолу көрөн айанныыр үһү. Халлаан тымныыта бэрт буолан бэргэһэлэрин тууна баанан, истээх сон кэтэн, истээх үтүлүктээх айаннаан иһэн, суол кытыытыгар кулуһун умайан турарыгар тохтууллар. Көрбүттэрэ таба наартатын үрдүгэр Ылдьаа тоҥус атах сыгынньах, баккыннан эрэ чэй иһэн сырылата олорор. Ылдьаа тоҥус кэннигэр баара-суоҕа кэлтэгэй отуу көстөр.
Кулуһун отто охсон, бөдөҥ мас эбии быраҕан уоппун күөдьүтэн биэрдим. Ол сылааһыгар олорон бэйэм балаһыанньабын салгыы толкуйдуубун.
Киһи санаата маннык ыксаллаах түгэҥҥэ куттанан өйүн сүтэрбэтэҕинэ дьэ кэҥиир. Өй-санаа күүскэ аһыллан, хайаан да тыыннаах тахсыахтаахпын диэн тула эргийэр. Эмискэ өрдөөҕүтэ бэйэм көрбүппүн санаан кэллим.
Нефтепровод тутуутугар сылдьан Алдан Хатыыстыырын анараатыгар кыһыҥҥы суолунан айаннаан истэхпитинэ суол кытыытыгар буран турара. Сыарҕаҕа биир киһи сытара. Бэргэһэтэ суох, төбөтүн сонун саҕатыгар кистээбит. Халлаан тымныыта сүр этэ. Хайыы, тоҥон өлөн эрэр киһи сытар диэн тохтоон тардыалаабыппар “Киһини сүгүн утутуҥ. Ааһар дьон ааһа туруҥ” диэн кыйахаммыт куолас иһиллэн соһуппута.
Билигин кулуһунум ойуур өттүнэн кэлтэй отуу тутуохтаахпын. Былыр балаакка суоҕар булчуттар таһаҕастарын мас салааскаҕа соһон кыһыны супту кэлтэй отууннан сылдьан бултууллара диэн кэпсээннэри истэр этим. Сүүрбэччэ сыл тухары дьиэ тутан айахпын ииттибит киһи ол кэлтэй отууну баҕас тутабын.
Тымныы, дьыбардаах, ахсынньы аам-даам тымныыта дэнэр кэмигэр түүн уһуур буолуохтааҕа өйдөнөр. Бэҕэһээ нэксиэлээх суолга килэмиэтир уһаабытынааҕар уһун мүнүүтэлэр кэлэллэрэ чуолкай. Ону таһынан бөрөлөр кутталлара умуннарбат. Суол устатын тухары баар бөрөлөр ас тахсаары гыммытын сэрэйэн хайаан да чугаһаан чуҥнаан көрүөхтэрэ.
Суол оҥорооччулар суолу тэҥнээн соһор икки көлүөһэлэрин массыынам кэннигэр, торуоһунан соһон иһэбин. Көлүөһэ төһө өр умайарын билбэппин да буоллар бөрөлөр кэлэр түгэннэригэр соһон иһэр көлүөһэлэрбин уматан төһө өр тулуһарбын ааҕынан көрөбүн.
Арай бөрө соҕотох буоллаҕына сахам быһаҕынан көмүскэниэм. Онно бэйэбэр эрэл баар. Суолларыттан көрдөхпүнэ уонна дьон кэпсээниттэн иһиттэхпинэ, манна уонча бөрө баар. Ойуурга харахтарын уота кылаҥнаан көһүннэ да уотунан куттаан массыынабар тиийиэм, кирилиэһинэн бензовоһум үрдүгэр успейдаан ыттыам. Арай ол ыттан баран буочука үрдүгэр аһаҕаска бу тымныыга төһө өр тулуйуохпунуй. Онно ытынным да тоҥон өлөбүн. Кулуһуҥҥа элбэх оттор мас хаһаанан кулуһун аттыгар хонор эбиппин. Былырыын хонон турар массыына анныгар биир бөрө суоппар тахсарын кэтэһэн сытарын кэнниттэн кэлбит массыына фарата үргүппүт диэн кэпсииллэр этэ. Арай уоттан-күөстэн куттаммат буолбут бөрөлөр буоллун. Дьэ, итинник баһаам элбэх санаа быыһыгар сэмээр кэлтэй отуу оҥостон саҕалаатым.
Былыргы да дьон буоллун, хайдах кинилэртэн мин итиэхпиний, боростуой баҕайытык тоҥон өлүөхпүнүй, мин да эриһиэм, хата бу түгэнтэн үчүгэй кэпсээн тахсыа диэн испэр санаабын күүһүрдүнэн ылабын.
Ол да гыннар отой ыксаатахпына хаарга, дьоммор анаан бүтэһик үтүө тыллары суруйан хаалларыам диэн кыра хахыйах маһы быһа охсон ылан ууруннум.
Кэлтэй отуу оҥорон, харыйа, титирик лабааларын быһыта сынньан биир тииккэ сыһыары уурталаатым. Массыынабар баар суорҕаны, спальнигы таһааран кулуһунум аттыгар олорор, сытар орон курдук оҥоһуннум. Кураанах, сууллубут тиит мастан чууккалары кэрдэн отуум таһыгар чохчотолоотум. Кулуһунум сылааһыгар бигэнэн тыын ыла олоробун. Дьэ, иннибин-кэннибин көрүнэн, аны ас астанан аһылык бэлэмнэнэр санаа киирдэ. Бастакы омуҥҥа саба бэрдэрбит кутталым ааһан, уоскуйан бардым.
Бу олорон өйдөөбүтүм тэрилтэм биэрбит эрэһиинэ саппыкыта төһө да хос-хос кээнчэлэммитин иһин саамай кэбирэх сирим буолла. Хаатыҥка дьиэбиттэн ыыттараары нуучча суоппар дьонуттан “бу саппыкы хайдаҕый , кыһыҥҥыга барсар дуо?” диэн ыйытан турабын. “До пятидесяти градусов ничего не будет” дэспиттэрэ да массыына умулларын кытары чаас аҥаара буолбакка таас курдук тоҥон хаалбыта. Онон сотору-сотору саппыкыбын кулуһун уотугар чугас тутан ириэрэ сылдьабын, чууккаҕа кулуһун таһыгар кэлэн олордум да атахпын кулуһуҥҥа сырайа анньабын. Сэрэххэ биэстээх канистрга сэлээркэ хаһаанным. Бу олорон иһиттэхпинэ бөрөлөр улуйаллара чугаһаабыт курдук. Ол уодаһыннаах, тымныы, хараҥа, дьыбардаах киэһэ ис-иһиттэн эҥсэн, манна адьас чугас ас тахсан эрэр диэх курдук улуйан кэпсэтэллэриттэн истэ сылдьар киһи куйахата күүрэн ылар. Уолаттарбар СКС харабыыммын аҕалыҥ диэн баран, кэлин аҕалымаҥ диэн аккаастаабыппыттан хомойо санаатым. Ол эрэн, ама доҕор, бачча тура сылдьар киһи кинилэр астара буолуом дуо, тохтуургут буолуо диэн санаан аһарабын.
Туораттан суоппар үлэтэ сылаас кабина иһигэр уруул эрийэ олорор чэпчэки үлэ курдук көстөр. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ бу үлэ араас, харахха көстүбэт моһоло, иннигэр туох буолуо биллибэтэ элбэх. Кыһыҥҥы ыраах айаҥҥа модьу сүрэхтээх эрэ дьон сылдьар. Дьэ, ол моһоллортон бииригэр түбэһэн, ахсынньы ый 50 кыраадыс тымныытыгар бу кэлтэй отуу туттан, уот оттон олордоҕум.
Төһөлөөх элбэх суоппар эр бэттэрэ сыл ахсын маннык уустук балаһыанньаларга түбэһэллэрэ буолуой. Кулуһун уотун сылааһыгар уоскуйан баран эргитэ санаатахпына бу түбэһэн олорор мин балаһыанньам отой чэпчэки. Халлааҥҥа харбаспыт хайаны кыайан дабайбакка халты тэбинэн толору таһаҕастаах төттөрү түһэр эбэтэр ол хайаны нөҥүө түһүүгэ туормас туппат, муус тостон өрүскэ, күөлгэ дуу түһэр буолбатах. Кыра да сыыһа туттууну бырастыы гыммат, түргэн, сөптөөх быһаарыныы эрэйэр түгэннэр дьэ онно бааллар. Улахан массыына суоппарын олоҕо түгэнтэн иҥнэн сылдьар.
Эр киһи күҥҥэ түөрт уон өлүүнү мүччү-хаччы түһэн сылдьар диэн былыргылар кэпсэтэллэрин истэр буоларым. Бастакы уолуйууну мүччү көтөн, кэлтэгэй отууга иннибэр кулуһун оттон, кини сылааһыгар сыламнаан, тэлгэппит матарааспар халыҥ суорҕанынан саптан олоробун. Хоһоонньута суох киһи төбөтүгэр дьикти тыллар сааһыланан тахсаллар.
Олоххор куттал тирээн,
Быстахха былдьаппат туһугар,
Өй-санаа бүтүннүү охсуһар.
Дьэ, ол онно саныыгын,
Кэллэҕинэ өйдүүгүн -
Олоҕуҥ үтүө кэмнэрин.
Бэйэҕин тулалыыр,
Күндүтүк саныыр дьонноргун,
Таҥара бэрсибит олоҕо,
Олуһун да күндүтүн.
Сарсыҥҥы күн сырдыгын көрөөрү,
Эр санаа киһиэхэ күүһүрэр.
Ити курдук биэс уонтан тахса кыраадыс тымныыга түҥ ойуурга кэлтэгэй отуу туттан, кулуһун уотугар икки суукка буолбутум. Иккис күнүм киэһэтигэр бу да түүн манна хонор буоллум диэн олордохпуна массыына тыаһа иһиллиннэ. Кулгаах барыта массыына тыаһа буолан эрэр диэн бэйэбиттэн бэйэм куттанан эрдэхпинэ мастар быыстарынан фара уота элэҥнээн көстүбүтэ.