18.04.2019 | 08:53

Саргылана ЗАХАРОВА: “Бу олоххо тугу барытын ситиһиэххэ сөп”

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Саргылана Егоровна Захарова –  психология наукатын кандидата, социальнай психология, имиджелогия, акмеология, космос уонна авиация психологиятын, аэрокосмическэй эйгэҕэ уопсастыбаннаһы кытта сибээс исписэлииһэ, 40-тан тахса научнай үлэ ааптара. “Москватааҕы авиационнай институт” Научнай чинчийэр университет” омук тылыгар институтун “Үрдүк технологияларга реклама уонна уопсастыбаннаһы кытта сибээс” кафедратын доцена.

 

- Саргылана Егоровна, сахалар бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев космоһынан улаханнык үлүһүйэр эбит. Саамай улахан баҕа санаата – сахаттан космонавт тахсыан баҕарар. Эн санааҕар, төһө туолуох курдук ыра санааный?

- Мин саныахпыр, киһиэхэ кыаллыбат диэн суох. Бу олоххо тугу эрэ күүскэ баҕарар, туохха эрэ дьүккүөрдээхтик дьулуһар буоллаххына, тугу барытын ситиһиэххэ, кыайыахха сөп. Аан дойду сокуоннарын кытта сөпсөһөн, Таҥара көмөлөстөҕүнэ, ыра санаа барыта туолан иһэр айылгылаах. Ситиэххэ-хотуохха, онно бэлэм буолуохха эрэ наада диибин.

Космонавтар этэрээттэригэр ылыы аһаҕастык ыытыллар. Арассыыйа ханнык баҕарар гражданина сүүмэрдээһиҥҥэ кыттар кыахтаах. Саамай сүрүнэ – Роскосмос ирдэбиллэригэр эппиэттиир буолуохтааххын. “Ю.А. Гагарин аатынан космонавтары бэлэмниир киин” быйыл эмиэ дьону сүүмэрдиэхтээх. Онон биһиги да дьоммутуттан холонон көрүөхтэрин сөп. Мин бэйэбит оҕолорбутугар эрэнэбин, кыахтаахтар бааллар дии саныыбын.

Байконур, 2010 с. Кумах куйаар усулуобуйатыгар быыһаныы тургутуга.

- Оттон эн космонавтары бэлэмниир кииҥҥэ хайдах киирбиккиний?

- Аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан Москваҕа Саха сирин норуоттар икки ардыларынааҕы университетыгар преподаватель буолбутум. Арассыыйа наукаларын академиятыгар сахаттан бастакы техническэй наука доктора профессор Владимир Петрович Ларионов салалтатынан үлэлээбит дьоллоохпун. Онтон Москва араас үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар, ол иһигэр Москватааҕы авиационнай институкка преподавателлаабытым.

Ол саҕана “Звезднай городокка” олорбутум. “Ю.А. Гагарин аатынан космонавтары бэлэмниир киин” байыаннайтан гражданскай систиэмҕэ көһүүтэ саҕаламмыта. Гражданскай персоналы сүүмэрдээн барбыттара. Сүүмэрдээһини ааһан, “Ю.А. Гагарин аатынан космонавтары бэлэмниир научнай-чинчийэр кииҥҥэ” үлэҕэ ылыллыбытым. Бастаан старшай научнай сотрудник этим, онтон космонавтары (астронавтары) бэлэмниир, космонавтар көтүү кэнниттэн психологичкескай реабилитацияларын хааччыйар, бу эйгэ психологиятыгар араас чинчийиилэри ыытар медико-психологическай лаборатория начаалынньыга буолбутум. Бу үлэм наһаа интэриэһинэй, эппиэтинэстээх уонна ыарахан этэ. Мин эбээһинэспэр космонавтары талыы, көтүү иннинээҕи бэлэмнээһин, космостан кэлбиттэрин кэннэ реабилитациялааһын, космоска көтөр кэмнэригэр өйөбүл буолуу; бэлэмнэнии кэмигэр психологическай арыаллааһын; бэлэмнэнии кэмигэр космонавтар ыксаллаах-быһыыга майгыга хайдах буолуохтарын тургутан көрүү, парашютнай бэлэмнэрин бэрбиэркэлээһин; үөрэтэр методическай комплекстары оҥоруу, лиэксийэлэри, научнай чинчийиилэри уонна практическай дьарыктары ыытыы киирэр этэ.

 

- Олохпун космоһы кытта ыкса ситимниэм дии саныыр этиҥ дуо?

- Оҕо сылдьан космонавт буолуохпун ыраламмыт да этим. Космос диэн миигиттэн олох ыраах эйгэ курдуга. Ол эрэн түүҥҥү халлааны одуулуурбун, сулустары көрөрбүн наһаа сөбүлүүрүм. Түүлбэр космоска көтөрбүн көрөр этим. Арааһа, ол этиттэрэр эбит. Онус кылааска астрономия уруога киирбитэ. Ордук практическай чааһын сөбүлүүр этим – оскуолаҕа мустан түүҥҥү халлааҥҥа сулустары телескобунан көрөрбүт. Онтон кынаттанан, астроном буолуохпун баҕарбытым. Дьылҕам салаллыытынан астроном да буолбатарбын, сулустарга муҥутуу чугаһаабытым.

 

- Космонавтар диэн ураты дьон буолуо? Кимнээҕи кытта ыкса алтыспыккыный?

- Космонавтары кытта үлэ, биллэн турар, үрдүк эппиэтинэстээх уонна олус интэриэһинэй. Бу барытыгар уһулуччу көрдөрүүлээх дьон. Профессиональнай, медицинскэй уонна психологическай кытаанах сүүмэрдээһини ааһаллар. Эт-хаан, психология өттүнэн барытыгар үрдүк көрдөрүүлээхтэр. Мотивациялара үрдүк, наһаа өйдөөхтөр, сиэрдээхтэр, ону тэҥэ дууһаларынан улахан романтиктар, дойду иннигэр ытык иэс уонна эппиэтинэс өйдөбүллэрин өрө туталлар. Ханнык баҕарар ыксаллаах быһыыга-майгыга сөптөөх быһаарыныыны ылынар бэлэмнээх, хорсун быһыыга моральнай да, физическэй да кыахтаах дьон. 

 

 

- Билигин космос эйгэтин пиардыыр специалистары бэлэмниир эйгэҕэ көспүт эбиккин. Ол туһунан кэпсии түс.

- Билигин мин устудьуоннары үөрэтиигэ уонна наукаҕа күүстээхтик ылыстым. Авиацияҕа, ракетаҕа, космоска үлэлиир кыахтаах, бу эйгэ бары түһүмэҕин, бырайыактааһынтан саҕалаан оҥорон таһаарыыга, исписэлиистэрин бэлэмниир, Арассыыйаҕа соҕотох үрдүк үөрэх кыһатыгар үлэлиибин. Биһиги кафедрабыт “Үрдүк технологияларга реклама уонна уопсастыбаннаһы кытта сибээс” исписэлиистэрин таһаарар. Научнай үлэм сүрүн хайысхата – авиакосмическай PR психологията. Ол иһигэр авиакосмос эйгэтин үчүгэй имиджин олохтооһун, авиационнай уонна космическай идэлэр престижтэрин үрдэтии, дойду авиациятын уонна космонавтикатын дьыалабыай көстүүтүн үрдэтии о.д.а. киирэр.

Билигин академик Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лицейи кытта оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах бырайыагы олоххо киллэрдибит. Бу бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ инженердэри, үрдүк технологияларга реклама уонна уопсастыбаннаһы кытта сибээс исписэлиистэрин  бэлэмниир сыаллаах. Ил Дархан Айсен Николаев өйүүр.

Бастакы түһүмэх муус устар 12 күнүгэр ааста - «Старт в космос!» диэн  физикаҕа, математикаҕа олимпиаданы Москватааҕы авиационнай институт иһинэн үлэлиир “Физико математическай киин оскуола” ыытта.

Салҕыы муус устар 20 күнүгэр “Старт в космос” олимпиада космонавтика уонна авиация историятыгар олимпиаданы, ону тэҥэ «Лучший PR-проект в области рекламы и связей с общественностью» куонкуруһу биһиги кафедрабыт ыытыаҕа.

Иккис түһүмэххэ “Үүнээйис” оҕо сайыҥҥы лааҕырыгар авиационай-космическай хайысхалаах үөрэтэр смена үлэлиэҕэ. Олимпиада кыайыылаахтара уонна призердара Амма өрүс кытылыгар туһалаах сынньалаҥҥа ыҥырыллыахтара. Оҕолору кытта үлэҕэ Москватааҕы авиационнай институт, Ю.А. Гагарин аатынан космонавтары бэлэмниир киин, “Якутия” авиахампаанньа,  “Россия – моя история” мультимедийнэй паарка үлэһиттэрэ кыттыахтара.

Үһүс түһүмэххэ оҕолор Москватааҕы авиационнай институкка, Ю.А. Гагарин аатынан космонавтары бэлэмниир кииҥҥэ ыалдьыттыахтара. Төрдүс түһүмэххэ Москватааҕы авиационнай институкка уонна да атын үөрэх кыһаларыгар киириэхтэрэ диэн эрэнэбин.

Барайыакпыт чэрчитинэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (корреционнай) оскуола-интэринээт үөрэнээччилэрин кытта үлэлэстибит. Оҕолор уруһуйдарын “Ю.А. Гагарин аатынан космонавтары бэлэмниир научнай-чинчийэр киин” үлэһиттэрэ уонна устудьуоннара сыаналыахтара. Сайын уруһуйдары төттөрү Саха сиригэр аҕалыахпыт уонна кыайыылаахтары наҕараадалыахпыт. “Россия – мин историям” музейга быыстапкалыахпыт, онтон Дүпсүҥҥэ баар космонавтика музейыгар бэлэхтиэхпит.

 

- Төрөөбүт дойдугар Арассыыйа геройа Р. Романенконы арыаллаан кэлэ сылдьыбытыҥ. Герой Саха сирин туһунан туох санаалаах барбытай? Маннык айаннар, тыыннаах көрсүһүүлэр ыччакка, уопсастыбаннаска улахан сабыдыаллаахтар дии саныыбын.

- Мин уһулуччу дьону кытта ыкса алтыспыт, киһиэхэ барытыгар бэриллибэт үрдүк дьолго тиксибит киһибин. Олус интэриэһинэй профессионаллары кытта үлэлээбитим. Олортон биирдэстэрэ – Арассыыйа геройа Роман Юрьевич Романенко – удьуор космонавт. Аан дойдуга уопсайа үс эрэ удьуор космонавт баар – Сергей Александрович Волков, Роман Юрьевич Романенко уонна биир астронавтар дьиэ кэргэттэрэ баар. Саха сирин Романенко олус сөҕө-махтайа көрбүтэ. Дүпсүҥҥэ Космонавтика музейыгар сырыытын туһунан кэнники элбэхтик ахтар. Бу сайын эмиэ бииргэ Саха сиригэр кэлэн барыахтаахпыт.

 

- Сэбиэскэй кэмҥэ уол оҕо барыта кэриэтэ космонавт буолар баҕа санаалааҕа. Сырдатар үлэ, пропаганда да оннук хабааннаахтык барар эбит. Билигин ыччат Гагарин курдук кумира суох...

Итинник сырдык ыра санаалары, өрө күүрүүлээх романтиканы иитиэхтиир туһугар, эн санааҕар, тугу гынар нааданый?    

- Ыччаты патриотическай иитиигэ болҕомто, хата, күүһүрэн эрэр. Ол иһин дойдубут авиациятын уонна киһи салайыытынан ыытыллар космоска көтүүлэри киэҥник кэпсиэхтээхпит. Авиация уонна космонавтика геройдарын, конструктордары уонна техниктэри, “Восточный” космодром туһунан о.д.а. дьоҥҥо биллэриэхтээхпит. Ол туһугар космонавтары, летчиктары, пилоттары кытта тыыннаах көрсүһүүлэри тэрийиэххэ, киинэ устан көрдөрүөххэ наада. Биһиги бу соторутааҕыта устудьуоннарбытын кытта “Союз-7” киинэ устуутугар үлэлэстибит. Устудьуоннар киинэ оҥорооччуларга экраҥҥа хайдах көстүөхтээҕин, ыччаты туох угуйарын сүбэлээтилэр. Ыччаты уонна оскуола оҕолорун дойдубутун, өрөспүүбүлүкэбитин сайыннарар хайысхаларга кыттыһыннаран иһиэххэ.

 

 

- Саха тэтимнээх олоххо дьоҕурдааҕын, уһулуччу эппиэтинэстээх үлэҕэ, чулууттан чулуулары кытта алтыһар, эн-мин дэһэр кыахтааҕын дакаастаатыҥ.  Оннооҕор космонавтар бэлэмнэнэр ньымаларын кытта бэйэҕэр боруобалаабыт сурахтааҕыҥ...

- Биһиги үлэбит диэн күннэтэ космонавтары бэрэбиэркэлээһин, тургутан көрүү эрэ буолбатах этэ. Психологтар тэбис тэҥҥэ кинилэри кытта бэлэмнэнэрбит. Кэтээн көрүү быһыытынан мин невесомость туругар киирэ сылдьыбытым, вестибулярнай кириэһилэҕэ олорон эргийбитим, парашютунан ыстаныыга үһүс разрядтаахпын. Космонавт ис туругун бэйэм эппинэн-хааммынан биллэн, теорияттан быраактыкаҕа уопут ыларбар наада этэ.

- Төрөөбүт дойдугар, дьоҥҥор төһө кэлэн бараҕыный? Дойду ахтылҕана төһө күүстээҕий?

- Мин төрөппүттэрим үйэлэрин тухары Амма улууһун сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит, дойдуларыгар эрэ үлэлээбит дьон. Аҕам Егор Егорович Захаров Аммаҕа КПСС райкомун иккис сэкирэтээрэ этэ. Ийэм Светлана Михайловна Норуодунай үөрэхтээһин оройуоннааҕы отделын салайбыта,  СССР уонна РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, “СӨ Учууталлар учууталлара”, “XXI үйэ Учуутала», «За милосердие и благотворительность» диэн бочуоттаах наҕаараадалардаах.

Төрөппүттэрбит биһигини наһаа таптыыллар этэ уонна бары өттүнэн сайдарбытыгар олук уурбуттара. Олус доҕордуу дьиэ кэргэммит, үтүө үгэстэрдээхпит. Төрөппүттэрбит дойдубутугар, Ийэ айылҕабытыгар тапталы иҥэрбиттэрэ. Кырдьаҕас дьону ытыктыырга, эппиэтинэстээх, чөл олохтоох, бүгүрү үлэһит буоларга үөрэппиттэрэ. Чиэһинэй, аһаҕас, дьоҥҥо элэккэй уонна дьулуурдаах буолары хайҕыыллара.

Дьиэ кэргэн – личность улаатар, сайдар, тирэҕин ылар эйгэтэ. Мин олохпор төрөпүттэрим оҥорбут тирэхтэрэ билигин да күүстээх өйөбүл.

 

- Оҕо сааһыҥ саамай чаҕылхай өйдөбүлэ...

- Саха сирин кэрэ айылҕалаах сиригэр-уотугар – Амма өрүс кытылыгар улааппытым. Аммаҕа улааппытым, борбуйбун көтөхпүтүм, киһи быһыытынан иитиллэн тахсыбытым. Киһи төрөөбүт сирэ-дойдута кини хараактырын чочуйар, дьылҕатын суолун ыйан биэрэр дии саныыбын. Биһиги дьикти кэрэ айылҕабыт айар дьоҕурбутун сайыннарар, кэрэни кэрэхсииргэ, тапталга үөрэтэр. Аммаҕа элбэх талааннаах дьон төрөөн, олорон ааспыта, билигин да айар куттаах дьоно үгүс. Дойдубут иэйиини уһугуннарар, ыра санаалары кынаттыыр ураты энергетикалаах сир.

Мин Амма 2-ис нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэммитим. Саамай дьоллоох кэмим манна ааспыта. Кылааһым салайааччыта Любовь Васильевна Заварзина, учууталларым Светлана Васильевна Климонтова, Любовь Михайловна Решетникова, Марьяна Ивановна Трифонова, Любовь Григорьевна Назарова уонна да атыттар этилэр. Биһиги көхтөөхтүк физическэй култууранан, туризмынан дьарыктанар этибит, айар кэлэктииптэргэ кыттарбыт. Билигин да олус доҕордуубут, дойдубутугар бэриниилээхпит. Биһиги октябреноктар, онтон пионердар уонна комсомолецтар буолбуппут. Онон өрүү сырдык идеалларга таласпыппыт.

Оскуолаҕа көхтөөх уопсастыбанньык этим. “Амма чэчирэ” ансаамбылга сылдьыбытым миэхэ элбэҕи биэрбитэ. Санаан көрүҥ, учууталларбыт Ольга Петровна Иванова-Сидоркевич уонна Гелярий Владимирович этилэр. Үҥкүүгэ, искусствоҕа, норуот айымньыларыгар уһуйбуттара. Бу ансаамбылга дьарыктанан бэйэбин дьон иннигэр сатаан  көрдөрөргө, көрөөччүлэр болҕомтолорун тардарга, бэйэм күүспэр эрэллээх буоларга  үөрэммитим.

 

- Ханнык кинигэлэри ааҕан улааппыккыный? Сахалыы тылгын илдьэ сылдьарыҥ олус хайҕабыллаах эбит.

- Оҕо сааһым тапталлаах кинигэлэрэ – нуучча уонна саха остуоруйалара барыта этилэр. Ону тэҥэ Ганс Христиан Андерсен, Шарль Перро о.д.а айымньыларыгар улааппытым. Жюль Верн бэриниилээх ааҕааччыта этим, улааттахпына хайаан да киэҥ сирдэринэн сылдьыам диирим.

Обургу сааспар нуучча классикатыгар ылларбытым. А.С. Пушкин, М.Ю. Лермонтов о.д.а. айымньыларын ааҕарым. Улахан кылаастарга М.А. Булгаков «Мастер и Маргарита» ааҕан сөхпүппүн өйдүүбүн. Нуучча поэзиятыттан Анна Ахматова, Марина Цветаева, Борис Пастернак уо.д.а. сөбүлүүбүн. Омук литературатыттан М. Митчел «Унесенные ветром» уонна  К. Маккалоу «Поющие в терновнике» о.д.а. айымньыларын таптыыбын.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан саамай соһуйбут айымньыбынан Э.Л. Войнич «Овод» уонна  «Как закалялась сталь» Николай Алексеевич Островскай романа буолбуттара. Онтон ыла олоҕум девиһэ: «Самое дорогое у человека – это жизнь. Она даётся ему один раз, и прожить её надо так, чтобы не было мучительно больно за бесцельно прожитые годы», - диэн.

 

- Наһаа кэрэ көстүүлээххин. Доруобуйаҕар, эккэр-сииҥҥэр болҕомто уурар кэриҥнээххин.

- Биһиги дьиэ кэргэнинэн спордунан дьарыктанар үгэстээхпит – кыра эрдэхпинэ сарсыарда аайы сүүрэр, онтон сэрээккэлиир, күөлтэн тымныы уунан саба куттар этибит. Кыһын хайыһардыырбыт. “Амма чэчирэ” үҥкүү ансаамбылыгар олох кырабыттан дьарыктаммытым. Алта сыл устата Дьокуускайдааҕы филармонияҕа эстраднай үҥкүү театрыгар сыанаҕа үлэлээбитим. Улахан киһи буолан баран, “Звездный городокка” олорон, Космонавтар дьиэлэрин иһинэн арааб үҥкүүтүн ансаамбылыгар дьарыктаммытым. Билигин нэдиэлэҕэ үстэ хайаан да сөтүөлүүбүн, йогалыыбын, фитнестиибин. Ол барыта олохпор үөрэ-көтө сылдьарбар уонна эт-хаан өттүнэн чэгиэн буоларбар олус көмөлөһөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...