Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо: ”Төрүттэрбиттэн силистэнэн”
Дьылҕабын түстээбит кытылым -
Сирдээҕи мин дьикти ырайым,
Күн Айыы сырдыгым.
Күн Аммам - үйэлээх аналым,
Күн Аммам - үйэлээх тапталым!
Бу күннэргэ суруйааччылар Сойуустарын 85 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Суруйааччылар – Cээркээн сэһэнньиттэр, сир түннүктэрэ. Кинилэри кытта оҕо эрдэҕиттэн чугастык алтыспыт, суруйааччылар сыдьааннарын утума Саргылаана Васильевна Гольдерова-Саргы Куолуун бүгүн сэһэргэһэр тоҕоостоох.
Күүстээх Өрүүнэ таптала
Аҕабынан Үөһээ Бүлүүгэ, Ийэбинэн Уус Алдаҥҥа төрүттэрбэр олоҥхоһуттар бааллар эбит. Эбэм Өрүүнэ миэхэ саамай суолталаах киһи этэ. Кини дьикти олоҕу олорбута. Икки илиитин тарбахтара суоҕа. Соҕотох эрбэх тигиллибитинэн иистэнэрэ. Сабы иннэ үүтүгэр угарын сөҕөрүм. Минньигэс астааҕа. Олус тэтиэнэх этэ, олоххо тардыһыытын оҕо сылдьан буолуохтаах курдук ылынарым. Күүстээх Өрүүнэ диэн аата киниэхэ бары өттүнэн барсар. Эдэригэр аймаҕа уол алҕас саанан дэҥнээн, бастаан биир илиитин тарбаҕын быспыттар. Ол кэнниттэн аны сиилэс кырбыыр массыынаҕа биэс тарбаҕын сүтэрбит. Ол кэмҥэ Чукка кыыһын уола Василий Кустуктуров “Кустук” холкуос бэрэссэдээтэлэ. Оскуола туттаран астарбыт. Ойохтоох, оҕолордоох Кустуктуурап эбэбитин кытта тапталлара олус күүстээҕэ үһү. Ол түмүгэр мин аҕам үөскүүр. Эбэбит хаһан да кэргэн тахсыбатах. 1932 сыллаахха ахсынньыга оскуола дьиэтигэр олорор хоһугар уолу төрөтөр. Ол кини соҕотох күҥҥэ көрдөрбүтэ – мин аҕам Василий Гольдеров. Кыһыл оҕону оскуолаҕа бэбээрдэ сытыарыахтара дуо? Ийэтэ Маарыйа кэлэн Сырдык алааска илдьэ барбыт. Бастаан Борис диэн ааттаабыт. Онуоха кыыһа: “Эн барыстанаары итинник ааттаатыҥ дуо?” – диэн сөбүлээбэккэ, Баһылай диэн суруйтарбыт.
“Умнуллубат онус кылаас” түстэниитэ
Аҕам “Умнуллубат онус кылаас” ырыата эрдэттэн түстэммит курдук. Оскуола дьиэтигэр таптаһыыттан оҥоһуллубут. Ол үөскээбит, төрөөбүт хоһо кылаас буолбутугар, сэттэ сыл үөрэммит. Салгыы Бүлүү оскуолатыгар көһөн, онус кылааска үөрэнэр. Ийэтин балтыгар Александра Федотовна Гольдероваҕа олорор. Ол эдьиийбит оҕото наука доктора академик Гоголев. Анатолий Игнатьевич аҕата төрүүрүн кытта сэриигэ баран сүппүт. Аҕам Бүлүүгэ онуска үөрэнэригэр бэркэ табыллан сылдьыбыт. Онтон сылтаан “Умнуллубат онус кылаас” диэн хоһоону айар.
Кустуктан
- Аҕаҥ айар куттаахтары литератураны пропагандалыыр үлэтигэр батыһыннара сылдьара, дьиэтигэр ыалдьыттатара. Оннук кэрэхсэбиллээх кэпсээннээхтэри оҕо эрдэххиттэн сэргээтэҕиҥ.
- Үөһээ Бүлүүгэ Бүөччэ диэн олорбут. Кини үс кэрэ кыыстааҕыттан биириттэн Семен Руфов эбэтэ төрүүр. Бүөччэ атын кыыһа Чукка Силэппиэҥҥэ кэргэн тахсан уон оҕолоноллор. Кинилэр улахан кыыстарыттан Огдооччуйаттан Бүөтүр, Ньукулай Тобуруокаптар үөскүүллэр. Атын оҕотуттан Василий Кустуктуурап күн сирин көрөр. Кини 1934 сыллаахха суруйааччылар Союзтарын тэрийэр кэнпиринсийэлэригэр кыттыбыт. Хаартыската баар.
Петр Тобуруокап кыра сылдьан мин эһэбиттэн Кустуровтан: “Бу илиис ортотугар суруллубут сурук тугуй?” – диэн ыйыппытыгар: “Бу – хоһоон диэн буолар”, – хоруйдаабыта үһү.
Бүөччэ аҕатын ууһуттан – сэттэ (Ол иһигэр Чукка аҕатын ууһуттан – алта) суруйааччы таҕыстыбыт: Кустуктуурап, Бүөтүр, Ньукулай Тобуруокаптар, Семен Руфов, аҕам, мин уонна Софрон Осипов. Онно эбии Өрүүнэнэн төрүттэрбититтэн: саамай “таптыыр таайым” диэн ааттыыр киһитэ – Николай Габышев уонна Муттухай Бороҥ.
Тыл тардыыта
Харчы – харчыны, тыл – тылы үөрэ-дьүөрэ тардар. Аймахтаһыыга ханыыны тардыыта эмиэ күүстээх эбит. Ийэм-аҕам удьуордарыгар тылы сатаан быһаарар, суруйар учуонайдар, суруналыыстар, учууталлар, быраастар, салайааччылар бааллар. Ити Кустуктуурап уола Баһылай Кустуктуурап биллиилээх киинэ оҥорооччу. Соторутааҕыта Москваҕа олорор уолаттара кини архыыбын өрөспүүбүлүкэ сүүс сылын көрсө киинэлэри, кинигэлэри оҥорорго бэлэхтээтилэр. Ийэбинэн эһэм Платон Афанасьевич Ушницкай 1906 cыллаахха Казаньтан сахалартан бастакынан учуутал үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, Куонда Кириэскэ (билиҥҥинэн Намҥа) учуутал-дириэктэринэн анаммыт. Үөрэтэр оҕолорун дьиэлэри кэрийэ сылдьан талбыт. “Бу сытыы-хотуу сирэйдээх-харахтаах, туттуулаах-хаптыылаах, сахаҕа туһалаах, дойдутун, норуотун көмүскэһиэх, үөрэҕи ылыныах ыччат” диэн билгэлээбит уолаттарыттан кэлин улахан салайааччылар буолбут Максим Кирович Аммосов, Илья Егорович Винокуров тахсыбыттар. Ити бастакы уон биир үөрэнээччититтэн! Баайдар оҕолорун биэрэ сатыылларын ылымматын иһин, элбэх мэһэйдэри көрсөн баран дойдутугар Дүпсүҥҥэ көспүт. Онно аатырбыт Афанасьевтары, кинилэр күтүөттэрин Василий Васильевич Никифоровы-Күлүмнүүрү утары боростуой, дьадаҥы дьону көмүскэһэн, саха бастакы хаһыаттарыгар критическэй ыстатыйалары таһаартаабыт. Бассабыыктар, хомуньуустар кэмнэригэр үөрэнээччилэрэ репрессияланан, бэйэтэ сут-аччык кэмҥэ элбэх кыра оҕолоругар сиэтээри кутуйах хасааһын хостоон дьиэтигэр илдьэ баран истэҕинэ, холкуос сиэмэтин уорбут диэн дьыалаҕа эриллэн, эрэйи көрбүт. Ол гынан баран син биир, талбыт идэтэ, үөрэҕэ норуокка олус туһаны аҕалыахтааҕын өйдүүр буолан, 48 сыл учууталлаабыт. Оҕолоро бары үөрэхтэнэн, үксүлэрэ үтүөлээх үлэһит аатын сүкпүттэрэ. Кинилэр аймахтарыттан суруйааччы, суруналыыс Иван Ушницкайы эһиги билэҕит.
Илгэлээх сир буора
Суруйааччыга дойдуга, дьоҥҥо таптала улахан дьайыылаах. Ийэм Фаина Платоновна Ушницкая уйгуну үүннэрээччи, иккис дойду оҥостубут Амматыгар хаһан да үүннэрбэтэх быйаҥнарын чэлгитэн аатырбыта. Түөрт уон эрэ сааһыгар Саха сирин үтүөлээх агронома буолта. Кини бааһыналары сарсыарда сатыы, бэлэсипиэтинэн кэрийэн, гаражтарга трактористары, комбайнердары көрсөн баран, салайааччыларга тиийэр. Дьоно ити курдук киэһэ хойукка диэри күүскэ үлэлээн, уордьан бөҕө ылбыттара. Аҕабар уонна биһиэхэ сабыдыала сөҕүмэр.
Дьиэбитигэр ийэм сүрүн киһи этэ. Ыалдьыттары хайдах баалларынан ылынара. Биирдэ Виталий Андросов муор-туор сылдьар кэмигэр дьиэлэригэр кэлэн маанылатан, астына аһаан баран: “Баһылай, махталбын биллэрэн ырыа суруйуохпун хоһоонно бэлэхтээ эрэ”, -- диэбитигэр, мин хоһооммун биэрбит. Онон “Махтанабын” ырыа айыллыбыта. Ийэм литература нөҥүө тыл дьоҥҥо тиийэрин чопчу өйдүүрэ.
Күн курдук Күннүк
Күннүк Уурастыырабы аҕам: “Күн курдук күндү киһим”,- диирэ. Кини туһунан “Өйбүттэн-сүрэхпиттэн сүппэт дьон” ыстатыйатыгар иһирэхтик ахтыбыта. Ол туохтан диэтэххэ, аҕам эдэр эрдэҕинэ тыҥатынан ыалдьан, оччолорго итинник ыарыылаах дьоҥҥо аналлаах училищеҕа бухгалтер идэтигэр үөрэммит. Тыаттан куоракка киирбит уол олорор сирэ суох, аны ханна да сэллик ыарыылаах дьону ылбаттар. Хата, эбээн суруйааччыта Дмитрий Апросимов ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа үөрэнэр уолга сыстан, уопсайга биир ороҥҥо атахтаһан кыстаабыт. Суруйууларын “Кыымҥа” ол уол кистээн илдьэн биэрэр эбит. ”Ити суруйар уолу манна ыытаар”, – диэбиттэригэр, Күннүк көрсөн аныгыскыга көстүүмнээх кэлэригэр сүбэлээбит. Апросимовтан таҥас уларсан тиийбит. Онно редакторга киллэрэн кэпсэтэн, корреспонденынан үлэҕэ ылларбыт.
“Командировкаҕа ханна бараҕын?” – диэбиттэригэр, Амманы талбыт. Онно агроном кыыһы суруй диэбиттэр. Биһиги ийэбитин көрөөт да, наһаа таптаабыт. Аммаҕа тиийбитигэр дьон агроному олус хайҕаабыттар. Онон сиэттэрэн да буоллаҕа буолуо, кэргэн ыларга санаммыт. Ол балайда хамнастаах үлэтиттэн тыаҕа барабын диэн кэлэр.
Киэргэниэхпин баҕардым
Кэлэн баран, Семен Петрович Даниловка тапталлааҕын умсугуйан туран кэпсээбит. Ол кэпсээниттэн тэптэн Семен Данилов аан бастаан киэргэниэхпин баҕардым диэн тыллардаах “Кыыһы таптаатым” диэн хоһоон суруйбут.
Оччолорго ыарыһах киһи кэргэн ылыам суоҕа дии санаабыт. Горькай аатынан Литинститукка үөрэтэ ыыппыттарыгар хойутаабыт. Хата, Фаинабыттан тэйбэт боллум диэн үөрбүт. Кэлэн кэргэн ылан, Саҥа дьылга сыбаайбалыыллар. Урууларыгар наһаа элбэх киһи сылдьыбыт, оннооҕор Ноорой кэлбит.
- Мин уонна дьон өйдүүрүнэн, Баһылай ураты таҥастаах-саптаах сылдьара. Сааһыран да баран муус маҥан, кыһыллыҥы көстүүмнээх, араас чаҕылхай дьүһүннээх ырбаахылардаах, хаалтыстардаах буолара.
-- М. Горькай аатынан литературнай институкка тиийэн, арааһа, сабыдыалга ылларбыт быһыылаах. Алта уонус сыллар долгуннара буолуон сөп. Бэйэтэ кэрэни кэрэхсиир этэ. Кыраһыабай кыыһы батыһыннара көрөн турааччы. Ол гынан Фаинабыттан хаһан да арахсар туһунан санаабатаҕым диэччи. Хоһоонньут буолан, куһаҕаны адьас ылыммат, олох сиргэнэбин диирэ. Аҕабын бэйэтин “Кыыс кэрэ киһи” дииллэрэ. Кыламана, баттаҕа кэдэрийэн. Онто миэхэ бэриллибэтэҕиттэн кыһыйабын.
Үөрэнээччилэрэ - суруйааччылар
- Аҕаҥ үөрэппит оҕолоруттан Баһылай Харысхал, Көлбө Мэхээлэ, Семен Капитонов, эн суруйааччы буолбуккут ыраатта. Семен Жирков төһө да эдэригэр олохтон былдьаннар, балайда хоһоону айбыт. Абаҕаҥ Бүөтүр Тобуруокап күтүөтэ Дмитрий Наумов: “Учууталым Чингиз Айтматов айымньытын тылбаастаабытынан “Тэбиэн хараҕа” диэн “кинигэтин ааҕарбар тыл муусуката төбөбөр киирбитэ. Уулуу турар Кулааһай күөлгэ күлүгэ, хараҕа кытта билигин да бу көстөр. Онтон ыла суруйуу абылаҥар ылларбытым”,- диэччи. Управляющай, улуус баһылыга, миниистир, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы курдук түбүктээх үлэлэргэ сылдьан барыны чинчийэ көрөн, кэлин бэчээттэттэ. Итинник оҥосто сылдьааччылар өссө бааллара буолуо.
- Өбүгэ үтүөтэ баар эбит. Дьиэ кэргэҥҥэ үгэстэри сайыннарыахтааххын. Холобур, биһиги, оҕолор, сахалыы ааттаахпыт. Билигин сиэннэрбит эмиэ.
Чорооҥҥо ким да оччо наадыйбат кэмигэр аҕабыт ити алгыс иһитин мунньар коллекционер буолбута. Оччолорго саха үксэ төрөппүттэрин нууччалыы ыҥырара. Ону иһиттэҕинэ: “Ынах маҥырыырыгар дылы ”маа – маа”, сиргэммит курдук “па-па” диэн иһиллэр”, - диирэ. Ийэбит эмиэ сахатыйбыта. Үөрэнээччилэригэр да сыһыана оннук. Оҕолору кытта айылҕаҕа, дьиэҕэ, уруоктарга, кулуупка сылдьара. Нуучча, саха литературатын бэйэтэ туспа интонациялаан ааҕара. Оҕолорго доргуччу аахтарара.
Айар дьон аартыктара.
Аҕам ахсыска үөрэнэ сырыттахпына Москваттан кэлбитэ. Семен Данилов суруйааччылары пропагандалыыр бюроҕа үлэҕэ киир диэбитин: “Итинник үтүөкэн киһи эппитин хайдах ылыммат буолуохпунуй”,- диэбитэ. Ийэбин “дьоруой буоларыҥ, уордьан ыларыҥ чугаһаабыт, аҕыйах сыл үлэлээ” дии сатаабыттарыгар: “Дьахтар эрин батыһыахтаах”,-- диэбит. Ол гынан миигин аҕабын көрөргө соруктаан ыыппыта. Аҕабар урукку “Туймаада” маҕаһыын утары Худуоһунньуктар дьиэлэригэр хос биэрбиттэрэ. Онно олоробут, аһыыбыт, хонобут. Ыаллыы Эллэй Сивцев, Мунхалов, Рахлеева мастарыскыайдара баара. Аспын буһара, сылыта, ону-маны уларса, кинилэргэ элбэхтик сылдьарым. Бу өйдөөтөххө, Эллэй “Ньургун Боотур” олоҥхо кинигэтигэр уруһуйдуу сылдьар эбит. Геройдары тоҕо барыларын суон гынара буолла диэн дьиибэргиирим. Мин иккис оскуолаҕа үөрэнэбин. Ийэм “көрөөр” диэн соругун толорон, баар буолларбын эрэ батыһа сылдьабын. Сороҕор хаартылыыллар, аһыыллар. Мин 12 чааска тиийэ кинигэ ааҕа-ааҕа кэтэһэн олоробун. Реас Кулаковскай, Николай Заболоцкай, Иван Федосеев уо.д.а. олус дьиибэргиирдии мин диэки сөп буола-буола харахтарын быраҕан ылаллара. Семен Данилов оннук хойукка диэри олорсубат. Киирэн таҕыстаҕына да, ону-маны тургутан баран, дууһаларын арыйаары итинник диэтэххэ хайдах буолар эбитий диирдии көрөрө. Мин эмиэ кинилэри үөрэтэ-сэҥээрэ сатыырым.
Аҕам биирдэ Чехословакияттан Яан Козак кэлбитин арыаллаан Орто Халымаҕа барда. Нэдиэлэнэн эргиллиэм диэн, аһыырбар 5 солкуобайы хаалларбыта. Ый устата сүтэн хаалбыта. Харчым бүтэн, бытыылка булан туттаран эбинэрим.
Семен Руфов кинигэлэрэ
Болугурга мин оҕолорго аналлаах кинигэтиттэн доргуччу аахпыппыттан наһаа үөрбүтэ. “Чыычаахтарбар” диэн кинигэ. Дьокуускайга биһиэхэ олоро сылдьыбыта. Онно биир эрэ остуоллаахпыт. Мин уруокпун аахпытым кэннэ кини машинкаҕа бэчээттиир. Бэйэтэ кинигэ бөҕөлөөх. Аны санаатахха, Шота Руставели “Тиигир таҥастаах бухатыырын” тылбаастыы сылдьар эбит. Ол темаҕа кинигэтэ буолунай. Онтон биири ылан уурунан кэбистим. Ону көрдөөн турбат дуо?! Кыбыһынным аҕай. Ылан биэрдэҕим дии.
Аны биһиэхэ Чернышевскай уулуссатыгар дьиэ биэрдилэр. Онно утары дьиэҕэ ыаллыы буоллубут. Биһиги баай библиотекалаах этибит. Кинилэргэ өссө быдан элбэх кинигэлээхтэр. Уларсан абыранарым аҕай.
Сэмэн Данилов сүбэтэ
Университекка үһүс куурустан суруйан саҕалаабытым. Күүстээх баҕам сынтарыйбатын 18 сааспар бигэтик өйдөөбүтүм. 1977 сыллаахха Семен Петрович Данилов Болугурга уонча хонон барбыта. Онно бэйэтигэр буолбакка, редакцияҕа сурук ыыппыт эбиппин. Онуоха кини миэхэ: “Саргы, бу хоһоонноруҥ конкурска кыттар кыахтара суох. Өһүргэнимэ. Эн тыл иэйиитин сайыннар. Наһаа элбэх поэзия матырыйаалларын ааҕыахтааххын. Көҥүл форманан суруйар эбиккин,” -- эҥин диэн сүбэлээн-амалаан хардарбыта хайҕаллааҕар ордук суолталааҕа. Ол сурук кэнниттэн биир үчүгэй хоһоону суруйуохпар диэри ханна да ыыппат эбиппин дии санаатым. Аҕабынаан иккиэн улаханнык сүгүрүйэр поэппыт сүбэлэрин устаап курдук ылыммытым. Онтон ыла бэйэбэр хоһооҥҥо эрэ буолбакка. барыга ирдэбиллээх буолбутум. Билигин санаатахха, Семен Петрович улахан учуутал эбит.
1979 c “Эдэр коммунист” хаһыакка Николай Босиковка ыыппытым. Кини ону талан, түмүү оҥорон таһаарбыта. Оччолорго Семен Петрович тыыннааҕар көрдөрбөтөхпүн диэн санаарҕаабытым.
Дьүкээбил, маҥан таба уонна тэтэркэй хопто
Үөрэхпин бүтэрэн, Булуҥ Таймылыырыгар учууталлыы тиийбитим. Василий Лебедев “Маҥан таба” хоһоонун аахтым. Онон маҥан табаны көрбүт киһи дьоллоох буолар диэни өйдөөн хаалбыппын. Хайаан да ону көрүөхтээхпин диэн санаатым. Арай оскуолаттан олорор дьиэбэр кэлэн истэхпинэ, чуораан тыаһаата. Көрбүтүм, маҥан таба турар эбит! Оттон түһээтэхпинэ, тэтэркэй хопто курдук буолан көтөн иһэн, Аммаҕа тиийдим. Ол аата син-биир дойдубар төннөр эбиппин дии санаатым.
Аҕабын, аймахтарбын үөрэтэр идэлэрин утумнаабатахпын. Куһаҕан учуутал эбиппин. Оҕолорго сорудах биэрэн баран, хоһоон суруйабын. Биэс сыл учууталлаан баран, аккаастаммытым. Билигин санаатахха, дьүкээбили көрөөрү, романтикалыы, дойду ахтылҕанын билээри уһуйулла барбыт эбиппин.
Сыыһаттан үөрэнии
1983 с. “Эдэр коммуниска” кэрэспэндьиэннээбитим. “Петр Тобуруокабы суруй” диэтилэр. Cорудаҕы толордоҕум дии. Арай ол күн кылаабынай редакторга ыҥырдылар. Тиийбитим, Бүөтүр Николаевич олорор эбит.
-Тоойуом, миигин улахан саакка киллэрдиҥ ээ. Саха норуодунай поэта, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ диэбиккин. Отой итинник улахан солото суох киһибин. Наһаа чабыламмыт диэхтэрэ, – диэтэ.
Наһаа кыбыһынным. Ол кэнниттэн эбии: “Мин суруналыыс буолар дьылҕам суох эбит”,- диэн санаа киирдэ. Ол сылга оҕолоннум.
Минньигэс да эбит
-1983 сыллаахха Сааскылаахха үлэ суох буолан, эмиэ хаһыакка киирбитим. Онно аҕам суруйааччылары илдьэ барара. Тобуруокаптыын кэлбитэ. Абаҕабыттан интервью ыллым. “Боппуруостаргын бэлэмнээ, мин олорго хоруйдаан суруйуом” диэтэ. Били “Эдэр коммунистка” кэһэйдэҕэ. Петр Николаевич дьиҥнээх партия киһитэ этэ. Сэбиэскэй киһи буолан, салайааччылар ол-бу бэлэх илдьэллэрин утарар эбит. Онон Семен Петрович дипломатиятын өйдөөбөт эбит.
Таба суолу тутуу
Ыал буоллум, онон ханна эрэ олохсуйуохтаахпын. Cуолбун булуохтаахпын дии санаатым. 1985 сыллаахха Аммаҕа олордохпуна бастакы кинигэм таҕыста. Оччолорго суруйааччылар ыҥыран ыйыталаһаллар этэ. Тиийдим. Леонид Попов эҥин бааллара. Кини: “Саргы, олоҥхону ааҕаҕын дуо?» – диэн ыйытта. “Суох, ол эрээри син-биир кэнники тиийиэм”, – диэтим. Олоҥхо тылын, онно айан чыпчаалын булуу суолун туппутум. Семен Петрович “Тылы тыыннаа, иччилээ”, – диэбитэ эргилиннэ. Тыл тыына өбүгэлэргиттэн кэлэр эбит. Код, мэйиигэр сервергэ киирэр. Соһуйа, астына, дуоһуйа ааҕаҕын.
Туох барыта кэмнээх
“Аһаҕас сурук” кинигэм кыбырыйтарыылаах буолла. Михаил Тимофеев эрэдээксийэлээри дьиэтигэр ыҥырара. Онно толлобун. Кини ыйытыыларыгар биир-икки тылынан хоруйдуубун.
–Тоҕо ити алаас туһунан суруйдуҥ? – оччолорго алаас эҥин туһунан суруйар политика быһыытынан табыллыбат. Ити туһунан суруйдахпытына, “төбөбүт көтөр” эбит. “Ээ, ити куһаҕан хоһоон”, – эҥин диибин. “Инньэ диэмэ. Үчүгэйдэр. Билигин итинтэн эйигин сордуохтара. Хаһан эрэ, баҕар, кэмэ кэлиэ” –диэбитэ.
Ол алаас туһунан хоһооннорум 1987 cыллаахха уларыйыы кэмигэр “Хатыҥ уута” диэн кинигэҕэ тахсыбыттара.
Соҕуруу тургутулуу
-Урут суруйааччылар Союзтарыгар киллэрии манна да ыарахана, Москваҕа бигэргэнии уустуга. Оччолорго эн олох эдэргэр киирэн хаалтыҥ.
- 1989 с. уларыйыы кэмэ. Сойуус эдэр суруйааччыларын куонкурсугар ыҥырдылар Софрон Осиповтыын бардыбыт. Мин Лев Ошанин семинарыгар түбэстим. Сэбиэскэй сойуус барыта баар. Гостиницаҕа Мария Семенова диэн Ленинград кыыһын кытта олордум. Барыбытыттан подстрочниктары хомуйбуттара. Мин Егор Сидоровка тылбаастатан илдьибиппин туттарбытым. “Маннык күҥҥэ кэлэҕит” – диэн аныыллар. Ирдэбиллэрэ сүрдээх. Маҥнайгы ырытыллыбыттары үнтү кириитикэлээтилэр. Сарсын миигин ырытарга бэлэмнэнэн кэллэрбитигэр эттилэр. Ол хоско бииргэ ыалласпыт кыыһым “Волкодав” диэн романынан кэнники биллибитэ. Фантаст - суруйааччы эбит. “Мин хоһоону ааҕан иһэн быраҕааччыбын. Ахматованы эрэ таттаран ааҕааччыбын. Эйиэнин сөбүлээтим. Олох куттаныма”,—диэбитэ. Арай куонкуруска киирбиппэр “Сахалыы аах” диэтилэр. Волгоград суруйааччылара хайҕаатылар. Азербайджан поэта наһаа үчүгэй диэтэ. Лев Ошанин: “Хоһооҥҥун истэн баран, турок Назим Хикметы санаатым”, --диэн эттэ. Онно рекомендация биэрдилэр, сыл устата ый ахсын сэттэ уон солкуобай стипендия анаатылар. Софрон Петровичка сурук ыыппыттар: “Тоҕо тута ылбаттар?” – диэн дьиктиргээбит. Рекомендацияны манна да, антах да билиммэккэ утаран эрэйдиэхтэрэ диэтэҕэ.
1991 сыллаахха сойууска ылбыттара. Кыл-мүччү киирэн хаалбыт эбиппин. Ол Семенованы кытта өр суруйсубутум. Ити мунньахтан улахан тирэх ылбытым. Сүрдээх туһалаах эбит. Билигин соҕуруу оннуктары тэрийбэттэрэ хомолтолоох.
Өтө көрүү
- Аҕам киһи туох кыахтааҕын өтө көрөрө. Ити Николай Лугинову бастакы айымньыта тахсарын кытта Чингис Айтматов курдук улахан киһи тахсыа диэн хаһыакка суруйбута. Наталья Харлампьеваны суруйааччылар Союзтарын салайарга кандидатурата турбутугар, Семен, Софрон Даниловтар үгэстэрин салгыа диэбитэ, агитациялаабыта, талыллыбытыгар үөрбүтэ. Мин киниттэн хоһоон хомуһунугар ылларбыппын. Софрон Данилов улаханы оҥоруохтааҕын билэрэ. Кинини суруйааччылар Союзтарын бэрэссэдээтэлин талыыга утары куоластаа дии сатаабыттарын, оннооҕор убайдарын, доҕотторун да истибэккэ мөккүспүтэ.
Даниловтарга, Күннүк Уурастыырапка, саханы аатырдар, көмүскүүр улахан кыахтарыгар махтанар этэ. Күннүккэ ас бөҕөнү, дьону мунньан, Болугурга үбүлүөйүн тэрийбитэ. Онно мин кыра кыыс Надежда Гаврильевнаҕа сибэкки үргээн бэлэхтээбиппэр наһаа да үөрбүтэ! Кыраһыабайын сөҕө көрбүтүм. Кэлин куоракка Надежда Гаврильевнаҕа үөрэнэр дьолломмутум. Аны кэнники кинилэр аймах уолларыгар кэргэн тахсыбытым. Новиковтарга кийиит буолбутум. Эрим ийэтэ төрөөбүтүгэр Күннүк оруобуна Казахстантан кэлбит. Бу кыыска аатта биэр диэбиттэригэр, казахтыы “Байансулуу” диэн сүрэхтээбит.
Дьолу билинии
Индияҕа барабын диэбиппэр, аҕам үөрбүтэ. Рабиндранат Тагор аатынан конкурска кытта барбыт Семен Петрович Даниловы атаарбыт. Онно анаан чорооннору оҥотторон илдьэ барбыт. Индира Гандины көрсүбэккэ, анаммыт чороону төттөрү илдьэ кэлбит. Ону аҕабар бэлэхтээбит. Бу Индира Гандига анаммыт чороон диэн киэн туттара. Ийэбэр оҕуруо, слон ойуулаах суумка аҕалбыт.
Сүгүрүйэр киһитэ ол дойдуга сылдьыбытын санаан кэлбитэ буолуо. Өлөрүгэр: “Мин дьоллоох киһи эбиппин. Таптыыр кэргэннээх, үчүгэй оҕолордоох, идэлээх... Оттон таптыыр дьарыкпынан сатаан үлэлээбэт буола сылдьыбытым кыра эбит”, -- диэбитэ.
Ымыы ТУЛЛУК