22.08.2020 | 06:31

Сардана Авксентьева бырааһынньыгынан эҕэрдэлиир

Сардана Авксентьева бырааһынньыгынан эҕэрдэлиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ытык-мааны куорат олохтоохторо!

Дьокуускай куорат дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Арассыыйа судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Судаарыстыбаннай былаах – гиэрбэни уонна өрөгөй ырыатын кытта дьон иллээх-эйэлээх олоххо тардыһыытын көрдөрөр, модун санааны, албан ааттаах историяны, биир дойдулаахтарбыт кыайыыларын-хотууларын, хорсун быһыыларын көрдөрөр дойдубут сүрүн бэлиэтэ. Арассыыйа үс өҥнөөх былааҕа дойдубут улуу уруккутун, саҥа историятын, биһиги Аҕа дойдубут кэскилин кэрэһилиир.

Биһиги былаахпытынан, дойдубут историятынан, үтүө үгэстэринэн, өбүгэлэрбит мындыр өйдөрүнэн киэн туттабыт. Хас биирдиибит күннээҕи үлэтиттэн дьон-сэргэ уйгулаах олоҕо, куораппыт, өрөспүүбүлүкэбит саргылаах сайдыыта тутулуктаах. Арассыыйа регионнарынан, баай култууралаах, дириҥ итэҕэллээх норуоттарынан, кинилэр уопсай дьылҕаларынан күүстээх, бу барыта холбоһон улуу дойдубут үүнэрин-сайдарын, чэчириирин туругурдар.

Саха сирин киин куоратыгар саҥа социальнай эбийиэктэр уонна дьиэлэр, оскуолалар, оҕо уһуйааннара тутуллаллар, суоллар өрөмүөннэнэллэр, тупсарыы үлэтэ ыытыллар, пааркалар, сквердэр, чулуу дойдулаахтарбытыгар аналлаах пааматынньыктар оҥоһуллаллар. 

Дьокуускай дьоһун-мааны олохтоохторо, эһиги сомоҕолоһуу уонна Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу үтүө үгэстэрин үйэтитэн, дойдубутунан киэн туттан, өссө үлэлиэххит, айыаххыт-тутуоххут, Арассыыйа сайдыытыгар кылааккытын киллэриэххит, уйгулаах олоҕу уһансыаххыт диэн эрэнэбин.

Бырааһынньыгынан, күндү доҕоттор! Эйэни, үтүөнү уонна саҥа саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри баҕарабын.

Дьокуускай куорат баһылыга Сардана Авксентьева 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...