01.09.2020 | 04:26

Сардана Авксентьева Билии күнүнэн эҕэрдэлиир

Сардана Авксентьева Билии күнүнэн эҕэрдэлиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күндү учууталлар, төрөппүттэр, үөрэнээччилэр!

Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Билии күнүнэн, саҥа үөрэх дьыла саҕаланаары турарынан эҕэрдэлиибин!

Балаҕан ыйын 1 күнэ – ордук маҥнайгы кылааска киирээччилэргэ ураты бырааһынньык. Быйыл киин куорат оскуолаларын боруогун 5 тыһыынчаттан тахса оҕо атыллыаҕа. Оҕолор учууталларын кытта билсиэхтэрэ, элбэх доҕордонуохтара, билиилэрин кэҥэтиэхтэрэ, үөрэхтэригэр ситиһиилэниэхтэрэ.

Саҥа үөрэх дьылыгар дьоһун хардыыны оскуоланы бүтэрээччилэр эмиэ оҥоруохтара. Ол курдук, сөбүлүүр идэлэрин талар бүтэһиктээх быһаарыныыны ылыныахтара, эксээмэннэригэр бэлэмнэниэхтэрэ уонна олох киэҥ аартыгар үктэниэхтэрэ.

Кэнники сылларга Дьокуускайга элбэх саҥа оскуола, оҕо уһуйаана тутуллар. Биһиги үөрэнээччилэрбит аныгы технологиялары баһылыыллар, уустук предметтэри үрдүк таһымҥа билэргэ дьулуһаллар, эбии үөрэхтээһин, култуура, спорт тэрилтэлэригэр дьоҕурдарын, талааннарын сайыннараллар. Ол дьоҕурдара инники олохторугар үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэр акылаат буолуоҕа.

Киин куоракка 2019-2020 үөрэх дьылыгар 230 оҕо оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдэ, 14 үөрэнээччи БКЭ-ни 100 баалга туттарда, онтон иккитэ үрдүк көрдөрүүнү иккитэ ылары ситистэ. Биһиги кинилэр ситиһиилэринэн киэн туттабыт!

Күндү доҕоттор! Коронавирус дьаҥа билигин да намырыы илик. Онон үүнэр үөрэх дьыла уустук усулуобуйаҕа уонна саҥа быраабылалардаах саҕаланаары турар. Учууталлар, төрөппүттэр дьүккүөрдэринэн, үөрэнээччилэр дьаныардарынан, кыһамньыларынан ыарахаттары туоруохпут диэн эрэнэбин.

Ытыктабыллаах куорат олохтоохторо, оскуола оҕолоро!

Балаҕан ыйын 1 күнэ – хас биирдии киһиэхэ чугас бырааһынньык. Бу күнтэн билии алыптаах дойдутугар умсулҕаннаах айан саҕаланар.

Дьиэ кэргэҥҥитигэр кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Үүммүт үөрэх дьыла барыгытыгар кэрэхсэбиллээх, үтүө түмүктээх буоллун,  хас биирдии саҕалааһыҥҥа үөрүүнү уонна ситиһиилэри эрэ аҕаллын! 

Бырааһынньыгынан! Билии күнүнэн!

Куорат баһылыга Сардана Авксентьева

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...