Сардаанабыт туһунан истиҥ тылынан...
Ураты этэ
Орто дойду... Биир идэлээхпит Сардаана Багынанова бу орто дойдуттан букатыннаахтык күрэммитэ номнуо 40 хонук буола оҕуста. Киһи итэҕэйбэт. Бэҕэһээ эрэ эрэдээксийэҕэ дьиэтиттэн аҕалбыт миинин, узбектыы пловун сылытан, остуолга ыҥыра сылдьыбыта ээ...
Мин Сардааналыын бу орто дойдуга «Орто дойду» хаһыакка билсибитим. Биир күн эрэдээксийэҕэ олус килбиктик туттубут, хараҥа халлаан күөҕэ баархат узбектыы халааттаах 3-4 саастаах уолчаан батыһыннарыылаах киирэн кэлбитэ. Мичээр быыһынан сибигинийэн кэриэтэ, «матырыйаал аҕаллым» дии-дии, тэбиис-тэҥ буукубаларынан илиинэн суруллубут былыргы саһархай кумааҕы илиистэри утары ууммута. Оччолорго суруналыыстар үксэ көмпүүтэри баһылаан испиппит, ааптардар ыстатыйаларын дискета (флоппи) диэҥҥэ уган аҕалаллара. Онуоха эбии, соһуйуом иһин, суорумньу туһунан ыстатыйа этэ. Оччолорго олус хорсун, сонун тиэмэ. Сотору буолан баран Сардаана Ивановна игирэлээҕин билэн, өссө соһуйтум. Орто дойду олоҕор мин Сардаананы кытта билсиһиим итинник ураты этэ.
Бу санаатахха, биһиги Сардаанабыт, чахчы да, ураты киһи кэлэн бараахтаабыт. Күннээҕи түбүктэн саҕалаан, олоҕу көрүүгэ тиийэ.
Үлэтин олус сөбүлүүрэ. Көҥүллүк тыынар, санаабытын сайа этэр үлэлээхпит диэн ааттыыра. Хаһыат биир уустук «Сытыы муннук» рубрикатын үксүгэр киниэхэ эрэнэрбит. Эрэдээксийэҕэ өрөбүллэргэ кытта олорооччу, киэһэ хойут эрэдээксийэни хатаан барааччы кини буолара. Үлэнэн тойоттору кытта куорат хаһаайыстыбаларынан эриэйдэҕэ барыы буоллаҕына, эрэл эрэ Сардаана буолааччы. Салалта өттүттэн былааннаах эриэйдэ суох буоллаҕына, бэйэтин санаатынан тохсунньу тоһуттар тымныыта, от ыйын өҥүрүк куйааһа диэн толлон турбакка, өрөбүлүн аахсыбакка, 17-с кыбаартал сыбаалкаларынан, Труд уулуссатын атыыһыттарынан, Кытай ырыынагынан, арыгы маҕаһыыннарынан кэрийэр, кэмиттэн кэмигэр суруйар, кириитикэлиир, былаас дьаһал ылынарын туруорсар үгэстээҕэ. Оннук суруналыыс, бука, суох буолуохтаах.
Аҕыйах сыллааҕыта уон биэс сыл буолан баран төрөөбүт дойдутугар Боотулууга баран кээлтэ. Онно олус долгуйбутугар, эрэдээксийэнэн бука бары алгыс бөҕө буолбуппут, үүттээх тааска тиийэ сүбэлээбиппит. Сиэр-туом, үгэс боппуруостара кинини оннук долгутар этилэр. Онон «Сиэр-туом», «Айылҕаттан айдарыылаахтар» рубрикалары сөбүлээн ылсара.
Иккилии сыл буола-буола игирэтин аҥаарыныын уоппускаларын булгуччу Узбекистаҥҥа атаараллара. Туора дойдуга сорох дьон уһаабыта икки нэдиэлэ буолаллар. Оттон кинилэр эдэр саастара ааспыт Узбекистаннарын төрөөбүт дойду тэҥэ күндүтүк саныыр, санаалара сытар, дууһалара ылынар буолан, иккилии ыйга тиийэ сылдьан кэлэллэрэ. Арай Сардаанабыт былырыын уоппускатыгар соҕотоҕун бэйэтигэр Турцияны «арыйбыта”. Хаста даҕаны биһиэхэ видеозвоногунан муораны, куораты, ол дойду ырыынагын көрдөрбүтэ. Олус сөбүлээбит этэ. Кэлбитигэр: «Сардаана, эн Турцияҕа олоруоххун сөп эбит, интэриниэтинэн үлэлиэҥ буоллаҕа», – диэбиппин, олус сэргии истибитэ, онно элбэх саха баарын, кини эмиэ баҕатыйарын билиммитэ. Узбектыы тото кэпсэтэринэн охсон, түүрдүү тылы үөрэтэр былааннааҕын эппитэ. Өлүү дэгиэ тыҥыраҕа харбаабатаҕа буоллар, бүгүн эмиэ Сардаанабыт Турцияттан видеозвоноктуо этэ... Балаҕан ыйын 15 күнүгэр онно билиэттээх эбит. Олус да кыһыылаах, хомолтолоох.
Сардаанабыт ити курдук үгүспүтүттэн ураты этэ. Таҥнардыын-симэнэрдиин, кэпсэтэрдиин, толкуйдуурдуун. Уонна, бу санаатахха, биир уратыта, олус көҥүл эбит. Бу кэлин коронавирустан сылтаан кэлиигэ-барыыга хааччах сытыырхайбытыттан, вакцинацияны бүгүстээһин саҕаламмытыттан олус эрэйдэммитэ, дууһата моруу буолбута. Ол сирэйигэр көстөрө. Муус доруобай киһини ити хааччахтар, күүһүлээһиннэр кэбирэппиттэрэ мөккүөрэ суох. Мин тус санаам итинник.
Сардаанабыт ситэри олорботох олоҕун бииргэ төрөөбүттэр ыччаттара салгыахтара диэн тулхадыйбат эрэллээхпин. Эдьиийдэрин сырдык аатын үйэтитиэхтэрэ.
Галина СПИРИДОНОВА
Тулуйуҥ дуу...
Мин Сардааналыын билсибитим, арааһа, 20-чэ сыл буоллаҕа буолуо. Быйыл “Киин куораппар” үлэлээбитим 21-с сыла. Ол сахха эрэдээксийэбит билиҥҥи “Туймаада” атыы-эргиэн киинэ турар миэстэтигэр баара, ол типография этэ. Онно саҥа киирэн үлэлии сырыттахпына икки кырачаан, үүт-үкчү узбекскай былаачыйа кэппит, баттахтарын наһаа элбэх гына өрүммүт кыргыттары сиэтэн Сардаана кэлэн барара. Кини матырыйаал аҕалара, оччолорго эрэдээктэрбит Андрей Васильевич Аргунов этэ. Кумааҕы да күндү быһыылааҕа, билиҥҥи А-4 курдук гынан баран саһархайдыҥы өҥнөөх, чараас кумааҕыны суруйарга диэн ылан барара. Мин ол саҕана корректор уонна наборщица этим. Сардаана суруйбут ыстатыйаларын элбэхтэ бэчээттээтэҕим буолуо.
Дьылҕа Хаан ыйааҕа кытаанах. Ону кытта мөккүспүт суох, ол гынан баран киһи сөпсөспөт, итэҕэйбэт түгэнэ элбэх. Сорох ардыгар кыһыыгыттан хаһыытыаххын, тоҕо, туох иһин диэн ытыаххын, айманыаххын баҕараҕын. Тоҕо, туох иһин саамай олохторун үгэнигэр, үлэлии-хамсыы сылдьар, олоҕу олуһун таптыыр күндү дьоммутун ылан барарый? Тоҕо чугас дьонун, оҕолорун ытатан-соҥотон соҕотох хааллартыырый?
Биһиги Сардаанабыт олус үлэһит, талааннаах, наһаа элбэх дьүөгэлэрдээх, билэр дьонноох этэ. Сорох ардыгар билбэт киһитэ суох да диэххин баҕарарыҥ. Киэҥ сирдэринэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарынан сылдьан сытыы тиэмэлэргэ үгүс элбэх ыстатыйалары аҕалтыыра, айанныырын наһаа сөбүлүүрэ. Сардаана ыстатыйаларын уһуннук суруйара, сорох ардыгар тиэтэтэрбит, кини ону сөбүлээбэтэ. Сэрэдэ – хаһыат тахсар күнэ, онуоха кини сороҕор саҕалыы да илик буолара, онно эбиитин балаһалары корректуралыыр. Ол да буоллар, хойутаан даҕаны син биир матырыйаалын сыа-сым курдук суруйан, туттаран тиһэҕэр тиэрдэрэ. Араас тиэмэҕэ барытыгар хорсуннук суруйара, дьаныардаах буолан тиһэҕин булан тэйэрэ. Киһини тылыгар киллэрэр үтүө өрүттээҕэ, онтон элбэх интервью, матырыйаал таҕыстаҕа. Араас таһымнаах дьону кытта кэпсэтэрэ, бэрт интэриэһинэй, ааҕыллымтыа гына суруйара. Балаһаларын хайаан да верстальщик уолга таһааттаран мунньан иһэрэ.
Кини кэрэни, саҥаны олус кэрэхсиирэ. Наһаа маанытык таҥнара, симэнэрэ. Соҕуруу, омук сирдэригэр бардаҕына хайаан да барыбытыгар кэһиилээх, илии тутуурдаах кэлэрэ. Сылдьыбыт дойдуларын субу баардыы ааҕааччыларыгар суруйан тиэрдэрэ. Ханна да тиийдэр хаһыатын кэпсии, рекламалыы сылдьара. Ол сүүрбэччэ сыллаахтан “Суорумньу” диэн рубрикалааҕа. Оччолорго эмиэ ону суруйар быһыылааҕа. Балаһаҕа колонканан биэрэрэ, онтон элбэх киһи ыал буолан олордоҕо, сороҕор ол дьонун тылыгар киллэрэн хаһыакка суруйара.
Аны туран дэлэй илиилээҕэ, кини эбиэккэ аҕалар аһа хайаан да барыбытыттан улахан иһиттээҕэ, олус минньигэһэ, ол курдук ийэтин көбүөрдээх лэппиэскэтэ, духуопкаҕа буспут бэрэскитэ бу элбэҕэ. Бара сатаан: “Итиччэ элбэх дьиэ кэргэнтэн хайдах ордорон аҕалаҕын?”, – диирбит. Дьэ суох, доҕор, куруук элбэх астаах буолара. Узбектыы плова, аатын билигин умнубуппун, чараас тиэстэлээх эттээх аһа, хоргуннаах үөрэ миинэ, күһүн баччаларга астаан аҕалар “Огонек” диэн аджиката...
Балтыларын, бырааттарын туһунан наһаа астынан, киэн туттан кэпсиирэ, ситиһиилэрин хаартысканан ыытара. Сардаана оҕолуу уйан дууһалааҕа. Кыраттан хомойуон, арыт олус үрдүктүк үөрэн туруон сөбө. Сороҕор тугу тута сылдьарын киһи сатаан таайбат этэ, оннук бүтэйдии иһигэр илдьэ сылдьара. Онтон төлө биэрэн кэпсээтэҕинэ олус аһыллан, оҕолуу үөрэн, наһаа астынан сэһэргиирэ.
Сардаана уоппускатын күһүн ылааччы, мин сайын ылан күһүн үлэбэр тахсарбар суох буолар, онон кыһын, хаар түспүтүн кэннэ биирдэ көрсөөччүбүт. Быйыл бэс ыйыгар үлэбэр киирэ сылдьан көрсүбүппүт, бэрт өр кэпсэппиппит. Мин ковидтаан балыыһаҕа сытан тахсыбытым, ыалдьыбыппын истэн бассааппар үтүөрэрбэр, эмтэнэрбэр баҕа санаатын суруйбута. Ол көрсүһүүбүтүгэр эмиэ бу абааһы ыарыыта, пандемията кэлэн көрсөрбүт аҕыйаата, эбиэттэрбитин суохтуурбутун, ийэтин сүтэрбититтэн айманарын кэпсэппиппит, ийэҥ наһаа дьоһуннаах олоҕу олордо диэн дэлби санаатын көтөҕө сатаабытым. Онтон балачча кэпсэтэн, аны кыһын ахсынньыга дуу, тохсунньуга дуу көрсүөхпүт диэн үөрэ-көтө арахсыбыппыт. Бу биһиги тиһэх көрсүһүүбүт эбит...
Чугастык билэр киһигин ааспыт кэмҥэ тутан суруйуу олус ыарахан, мин тус бэйэм бу кутурҕан сонуну итэҕэйиэхпин баҕарбаппын. Хаһан эрэ эрэдээксийэбит аанын арыйан, сэрэммит курдук үктэнэн, толору миинэ тохтубутуттан саҥа аллайан, мөҕүттэн, “Хаһан эбиэттиибит, аччыктаатыгыт дуо?”, – диэбитинэн киирэн кэлэргин олус суохтуохпут.
Сардаанабыт барахсан, уһун уугар сымнаҕастык утуй дуу, чугас дьонугар, бииргэ төрөөбүттэригэр, халыҥ аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэн туран сахалыы дириҥ, муударай санааны ылынан тулуйуҥ дуу диирбэр тиийэбин...
Наталья КЫЧКИНА