23.01.2021 | 13:34

Сардаана Ушницкая: "Хайаҕа саарбах дьон суохтар"

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арай, интэриниэт Сардаана Ушницкая диэн аатынан туолбут. Эчи, бэрдин. Ити балтым дии. Чыкырык. Сүрэҕим үөрэр. Биһиги ыал буоларга быһаарынан убайбар дьукаах буолбуппут. Икки эдэр ыал. Убайым аах, билигин гроссмейстер, Петр Ушницкай,  нарын кыыстаахтар. Лена диэн. Онтон Сардаананы Таҥара бэлэхтээбитэ. Аҕыс хонон баран биһиэхэ Саргылаана кэлбитэ.

Ол кэмҥэ убайым Владимир Высоцкай “Альпинистка” диэн граммпластинкатын хос-хос холбуура. Ыраахха үрдүккэ угутара. Онтон, баҕар, айанньыт буолбуппут буолуо. Мин ханна сылдьыбатахпыный? Хотугу полюска кытта тиийбитим. Аны балтым ити. Сардаана оҕо эрдэҕинэ аҕатыгар төһүү көмөлөһөөччү этэ. Ол иһин ити. Убайым уола суох буолан кыыһын дьиэ ис-тас үлэтигэр тэҥҥэ көмөлөһүннэрэрэ. Аппа уҥуор чааһынай дьиэттэн ити кыыс үрдүккэ таласпыта...

Урбаанньыт, “Панда” маҕаһыыннар ситимнэрин төрүттээччи-бас билээччи  Сардаана Ушницкая Африка саамай үрдүк чыпчаалын – 5895 м Килиманджаро хайатын дабайда.

Ити туһунан кини бэйэтэ Instagram страницатыгар суруйда. Утуйа сытар вулкан үрдүттэн түһээтин кытта, ыраах  Танзанияттан  бассаап ситиминэн кэпсэттибит. Кыыс этэринэн, билигин Африкаҕа +23 кыраадыс сайыҥҥылыы сылаас. 

– Биһиги бөлөхпүт алта киһилээх. Олортон чыпчаалга биэс киһи ытынна. Эдэр дьон бары араас регионтан, Москваттан, Челябинскайтан, Сыктывкартан сылдьаллар. Сөптөөхтүк акклиматизацияланнахха эрэ альпинист итиччэ үрдүккэ тахсар кыахтанар.  Биһиги биэс күн устата ыттыбыппыт, хас күн аайы кыра-кыралаан, холобур, саҕаланыытыгар 3000 м, онтон 3600 м, салгыы түһэбит, 3900 м баран утуйабыт, онтон эмиэ тахсабыт, ол курдук түөрт күн устата ыттабыт. Бэһис эрэ күҥҥэ чыпчаалы дабайыыны саҕалаабыппыт. 3000 м саҕалаан кислород биллэ аччаабыта,  салгын тиийбэт буолбута, мэйиибит эргийбитэ, хотуолуоххун баҕараҕын, ким эрэ иһэ ыалдьар. Төһөнөн үөһэ тахсаҕын да, оччонон этиҥ-хааныҥ алдьарыйар. Кэлбит дьонтон чыпчаал үрдүгэр альпинистартан сорохторо эрэ дабайаллар. Онно эрчиллии эрэ суолтаны ылбат, организм хайаҕа хайдах дьайара, “хайа ыарыыта” хас киһиэхэ атыннык  көстөр, – диир  Сардаана.

Икки сыллааҕыта кини бастаан Илин Саян  хайаларыгар тиийбит. Ол кэмтэн ыла хайаҕа тардыспыта. Икки ыйынан Камчаткаҕа икки вулкаҥҥа сылдьыбыта. Быйыл сайын “Бурятия-Саха сирэ” официальнай альп-сбордарга бэлэмнэниини ааспыта. Онно икки чыпчаалга тахсыбыта.

Килиманджаро – кини бастакы дьоһуннаах үрдүгү дабайыыта. Сардаана спорка, музыкаҕа, айар үлэҕэ холонуута күүстээх. Экстримҥэ тардыһыыта оҕо эрдэҕиттэн биллибитэ.  Альпинизмҥа эрэ буолбатах, тиэхиньикэни интэриэһиргиир, матассыыкылынан, бэлисипиэтинэн, спортивнай массыынанан үлүһүйэр.

–Хайаҕа киһи бэйэтин кыаҕын билээри, күүһүн холоноору ыттар. Ханнык баҕарар  спорт мүччүргэннээх, оттон альпинизм өссө сэрэхтээх. Барыта экспедициялартан уонна айаннартан тутулуктаах, мин маршруттарым арыый лайтовай, туристическай этилэр. Маннык дьоһуннаах хайаларга ыттыыга олох эрдэттэн бэлэмнэниэххэ наада, саатар балтараа сыл иннинэ, оттон мин балтараа ыйынан саҕалаабытым.

2020 сылга пандемия буолан, барарым дуу, барбатым дуу биллибэт этэ. Кросс сүүрэрим, тренажернай саалаҕа эрчиллэрим, бассейҥҥа харбыырым.

Аны инники былааннарбар Европаҕа Монблан  хайаларыгар барар санаалааҕым, арааһа, быйыл Эльбруска тиийэрим буолуо. Африкаҕа билиэт Дьокуускайтан Москваҕа диэрини аахпакка туран, сыаната 75 тыһыынча солкуобай курдуга, Танзанияҕа мантан көтөр  рейстэр суохтар, онон Афинанан Эфиопияҕа көппүппүт. Мин санаабар, хайаны дабайыыга кытаанахтык санаммыт киһи тахсыан сөп. Хайаҕа мээнэ дьон суохтар. Үрдүккэ ыттарга 50-60 саастаахтар кэлэллэр, Килиманджароттан түһэн истэхпитинэ, 75-тээх европеец-оҕонньору көрсүбүппүт. Итинэн киһи сааһа быһаарбат диэххэ сөп. Бу спорт көрүҥэ ыарахан сыаналаах, ыраах айаны үрдүнэн, экипировка, кыһыҥҥы, сайыҥҥы таҥас-сап, элбэх харчыны ирдиир, – диэн Сардаана Африка сүрэҕиттэн санаатын үллэстэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....