Сардаана Сыромятникова: Өбүгэ үгэһин цифровизациялыыр сорук турар
Сардаана Николаевна Сыромятникова уопсастыбанньык. Бүгүҥҥү күҥҥэ олоххо сонун көрүүлээх ыччатынан биллэр. Тус көрүүтүн олоххо киллэрэр сыаллаах үлэлиирэ, билиҥҥи ыччат биир бастыҥ хаачыстыбата буолар.
Хантан силистэнэҕин да, онно тирэҕирэҕин
- Ийэлээх аҕам холбоспут сылларыгар сайын олус элбэх сардаана үүммүт үһү. Эһиилигэр мин төрүүбүн. Онон кэрэ сибэкки аатынан Сардаана диэбиттэр. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт, мин ыал улахан оҕотобун. Аҕабынан Чурапчы Дириҥиттэн төрүттээхпин, мэлдьэхсилэрбит. Ийэбинэн Чурапчы Одьулууна уонна Өймөкөөн Төрүтэ. Киһи хантан силистээҕин билэрэ, онно тирэҕирэрэ олоҕор төһүү күүс дии саныыбын.
Саха култууратыгар цифровизация эйгэтигэр үлэлиэм
-Билигин АГИКИ культурология салаатыгар аспирантураҕа үөрэнэбин. Фрилансербын диэххэ сөп. Сүрэҕим тугу этэринэн дьарыктанабын. Былырыын сонун хайысхалаах бырайыактарга үлэлии сылдьарбын көрөн, социология наукатын доктора, Арктиканы кытта үлэни бастаан саҕалаан үлэлэтэ сылдьар Ульяна Алексеевна Винокурова: “Аспирантура базаны биэрэр, онон киирэн үөрэн”,- диэн сүбэлээбитигэр, үөрэнэ сылдьабын. Саха култууратыгар цифровизация боппуруостарын кытта үлэлэһэрбэр көмөлөөх буолуо.
Кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар сыаллаах
- Элбэх хайысханы интэриэһиргиибин. Үөрэхтээһин, култуура, политика, ИДьм, суруналыыстыка эйгэлэригэр үлэлээбитим. Бу кэнники сылларга суруналыыс идэтин ордоро сылдьабын. Ону таһынан киинэ эйгэтигэр киирэн саҕалаатым. Бэйэм идэбинэн историк буоларым быһыытынан, ону хабан үлэлиирбин ордоробун, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар сыаллаах үлэлэһэбин.
Аныгы олох сайдыыта – электроннай ситим
- Саха сирин култуурунай нэһилиэстибэтигэр санаабын ууран эрэбин. Өбүгэбит баайын кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр соруктаах, электроннай ситимҥэ көһөрөргө үлэлиибин. Норуоппут баайын материальнай уонна материальнайа суох диэҥҥэ арааран, цифровизациялыыр сорук турар. Сүрдээх баай нэһилиэстибэбит элбэх салааҕа арахсар: уус-уран айымньы, фольклор, былыргы өбүгэ тутуулара (көмүлүөк, моҕол ураһа), тимиринэн уһаарыы (саха быһаҕа), сахалыы ювелирнай оҥоһуктар, мастан, тирииттэн, сылгы сиэлиттэн, кыбытык тигиилэр о.д.а. оҥоһуктар, история кэрэһиттэрэ буолар. Бу барыта бэрээдэктэнэн, электроннай ситимҥэ киирэн, бигэргэниэн баҕарабын. Билиҥҥи туругунан үксэ научнай пуондаларынан хааччахтаах диэххэ сөп. Маны барытын электроннай испииһэккэ киллэрэр баҕа санаа баар. Бу үлэҕэ Юлия Бурнашева диэн юрист дьүөгэбинээн үлэлэһэбит. Кини иэйии киллэрэн, баай нэһилиэстибэбит сокуон өттүнэн харыстанарын курдук, сайт оҥорон киллэрэр баҕа санаалаахпыт. Дьэ манна медиа, наука уонна сокуон дьүөрэлэһиитигэр улахан үлэ күүтэр.
Норуот дипломатията
- Миигин норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыактар ордук интэриэһиргэтэллэр. Саха култууратын тас дойдуга билиһиннэрээри, Европаҕа ыытыллар ыһыаҕы бренд оҥороору, ааспыт сылтан тэрийээччи быһыытынан үлэлии сылдьабын. Лариса Реасовна Кулаковскаяны кытта иллэрээ сылтан саҕалаан үлэлиибит. Кини ыччат блогун миэхэ эрэнэн туттарбыта. Саха сириттэн төрүттээх атын дойдуга олорор дьоммут бары түмсэр, алтыһар, билсиһэр тэрээһиммит буолар. Бу манна олорон, ханнык дойдуга туох үлэни ыытарбытын ырытыһабыт, ыалдьыттарбыт этиилэрин истэбит. Саха сириттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбыт араас омук дойдутун тэрилтэлэригэр, оннооҕор аан дойду таһымнаах улахан тэрилтэлэргэ ХНТ-га, ЮНЕСКО-ҕа тиийэ үлэлииллэр. Ол гынан баран үксүлэрэ төрөөбүт тылларын билбэттэр. Саха култууратын сырдатар, кэпсиир английскай тылынан суруллубут улахан саайтар суохтарын тэҥэ. Ютуб канал эмиэ суох. Төгүрүк остуол тула кэпсэтэ олорон, маннык кыһалҕа баарын дьэ билэн, оннук сайтар баар буолуохтаахтарын өйдөөбүппүт.
Атын дойдуларга кимнээх олороллорун билсэн, инникитин норуот дипломатията кэҥииригэр, Саха сиригэр өйөбүл тэнийэрэ үчүгэй. Ханнык университекка Саха сириттэн төрүттээх уһуйааччылар баалларын көрөн олорон, быһалыы тахсан кэпсэтиэхтэрин, сүбэлэтиэхтэрин сөп. Манна улахан үлэ тахсыаҕар саарбахтаабаппыт. Былырыын Сербияҕа эдэр архивиһы, музей үлэһитин, ыччат лидерын илдьэ барбыппыт. Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаны олохтуур бырайыак эрэ буолбакка, үлэлиэн баҕалаах ыччат сайдыылаах дойдуга тиийэн олоҕу көрүүлэрэ кэҥиэн баҕарабыт. Онон маннык тэрээһиннэр ыытыллаллара, сайдыыны аҕалар кыахтаахтар. Былырыын Латвияҕа 18 дойду араас куоратыттан, 100-тэн тахса киһи кэлбитэ. Сорох төрөппүттэр оҕолоро сахалыы да, нууччалыы да билбэттэр. Биһиги кинилэри кыра эрдэхтэриттэн ыһыахха сырытыннаран, култуурабытыгар сыһыарар үлэни тэрийиэхтээхпит. Оччоҕо кэлин улаатан баран патриотическай санаалара уһуктуо, саха төрүттээхтэриттэн киэн тутта, аан дойдуга кэпсиэхтэрэ дии саныыбыт. Ол биһиэхэ туһаттан атыны аҕалыа суоҕа. Инникитин ыһыах форматыттан тахсан, норуоттар икки ардыларыгар ыытыллар бэстибээл таһымынан барыахтаах. Атын дойду култууратын кытта билсиэхпит. Оҕолорго остуол оонньуутун, мас тардыһыытын, өбүгэ оонньуутун көрдөрөн, оонньотон, кинилэр өйдүүллэрин курдук английскай тылынан кэпсиэхпит. Биһиги сахалар аан дойду таһымыгар үлэлии сылдьар дьоммутун ыһыахха ыҥыран, алгыс анаан, оһуокай тула доҕордуу буоларга түмүөхпүт. Норуот дипломатиятын инстаграма @yakutiateam2022.
Тыа сиригэр сонун бырайыак
- Тыа сирин сайыннарар, сөргүтэр сыаллаах «Новая модель села» диэн дойдум Дириҥ нэһилиэгин холобурга ылан, пилотнай бырайыак быһыытынан саҕалаан, саҥалыы тутуулаах, укулааттаах нэһилиэккэ түөлбэлэри тэрийиини киллэрэр санаалаахпын. Ыччат тыаҕа олохсуйуон баҕарбат сүрүн биричиинэтинэн, тыа олоҕун укулаата уларыйбатыттан буолар дии саныыбын. Ол курдук, баһылык Борис Архиповы кытта сүбэлэһэн баран, «Точка кипения» диэн куоракка баар тэрилтэ салайааччытын Иван Степановтыын үлэбитин саҕалаатыбыт. Биир «уникальнай» модель оҥорон баран, ол уопуппутун атын нэһилиэктэринэн тарҕатар соруктаахпыт. Билигин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Бырабыыталыстыба иннигэр бу бырайыакпытын көмүскээбиппит.
Сахалыы иитиигэ анаммыт блог
- Күөрэгэй блог - сахалыы минньигэс (сахалыы эйгэни тэрийэр бөлөх), сахалыы тыыннаах кыргыттар мустан инстаграмҥа “Күөрэгэй” (@kyoregei_blog) диэн страница арыйбыппыт. Манна сахалыы иитиилээх оҕолор төрөппүттэрин, сахалыы тыыннаах ыалы билиһиннэрэбит. Мин кэтээн көрүүбүнэн, толкуйбут тылбыт баайыттан сайдар. Саха тыла олус баай. Хас биирдии тыл, мэйии үлэтигэр оруолу оонньуур дии саныыбын. Оҕо өйө-санаата сааһыланан, түргэнник толкуйдуур буолар эбит.
Ыччакка эко-духуобунай кэпсэтии наада
-“Амма кырдалын ыччата» уопсастыбаннай түмсүүгэ үлэлэһэбин. Ыччакка анаан эко-духуобунай форумнары ыытабыт. Ол аата айылҕаҕа көрсөн, араас кэпсэтиилэри көҕүлүүбүт. 2015 сылтан Саргылаана Неустроевалыын форумнары тэрийсэн саҕалаабытым. Биһиги сахалар толкуйбут олох атын ээ. Балаҕан иһигэр тула олорон, олоҥхону сэҥээрэн “ноо” диир омук буоллахпыт. Атах тэпсэн олорон кэпсэттэххэ, саха киһитин айылҕата уһуктар, арыллар. Маннык кэпсэтии элбэҕэ буоллар, тыа ыччата арыллан, бэйэтин толкуйун, санаатын сайа тиэрдиэ этэ буоллаҕа. Кэлиҥҥи кэмҥэ араас эйгэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар, салайар дьоҕурдаах ыччаты мунньан, маннык тэрээһиннэри ыытабыт. Экология тыын боппуруостарыгар үлэлиибит. Билигин Амма кытылын маһын кэрдэр боппуруоһун чинчийэ сылдьабыт.
Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтэ
-Билиҥҥи оҕо, ыччат улуу суруйааччыларбыт уус-уран айымньыларын ааҕалларын, ылыналларын туһугар арааһы толкуйдуубут. Норуот баайын, күүһүн, өйүн-санаатын айымньыларынан тиэрдиэхпитин сөп диэн, өйдөөн туран, интэриниэт үйэтигэр ону киллэрэ сатыыбыт. Инстаграмҥа страница арыйан, онно уган бастакы билиһиннэриини ыытабыт (@kulakovskii1877). Өксөкүлээх Өлөксөй философията миэхэ ордук чугас. Кини хомуйбут матырыйаалларын түмэн, электроннай барыйааннарын таһаарарга үлэлэһэбит. Маннык дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэргэ кыттыспыппыттан киэн туттабын.
Киинэ эйгэтэ иитэр суолтата күүстээх
- Киинэ эйгэтэ. Мин төһө да олус баҕаран туран, сайт оҥорбутум үрдүнэн, дьон ону киирэн көрбөт. Тылынан уус-уран айымньыбытыгар дьону кинотеатр нөҥүө чугаһатыахтаах эбиппит диэн толкуй киирбитэ. “Игра престолов”, “Властелин колец” норуот эпостарыгар олоҕуран уһуллубут киинэлэр. Оччоҕо тоҕо биһиги олоҥхобут киинэ буолан тахсыа суохтааҕый? Аан дойду таһымыгар тахсан биллиэхтээх. Ол иһин ART Doydu киинэ хампаанньата олоҥхо матыыбынан «Хаар кынат” этно-фентэзи саҕалаабытыгар, продюсер Марианна Скрыбыкина толорооччу продюсерынан ыҥырбытыгар, тута сөбүлэһэн үлэлэспитим. Үлэбит бүтэ илик. Инникитин бэйэбин продюсер быһыытынан көрөбүн. Марианна күүстээх өйөбүлүнэн бэйэбэр итэҕэйдим диэххэ сөп. Билиҥҥи цифровизация үйэтигэр төрүт култуурабыт, айымньыларбыт философиятын киинэнэн тиэрдиэххэ сөп эбит диэн түмүккэ кэллим.
Куорат дьаһалтатын өйөбүлүнэн
- Сахабыт сирин иһигэр уонна таһыгар ыытыллар брендовай тэрээһиннэр интэриниэт, цифровизация үйэтигэр, электроннай ситимҥэ киирэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ өйдөнүмтүөтүк суруллара наада. Төрүт тылынан, нууччалыы, омуктуу суруллубут быһаарыылаах буолуохтаах. Сылларынан наарданан, систиэмэлэнэн, электроннай ситимҥэ киирбит тэрээһин сайдарын, уларыйарын норуот кэтээн көрөрө үчүгэй. Холобур, Саха сиригэр икки бренд баар: кыһын уонна сайын. Кыһыҥҥыта “Зима начинается с Якутии”, сайыҥҥыта “Туймаада ыһыаҕа”. Сахабыт сирин имиджин үрдүктүк тутар сыалтан, бу төрүт үгэспитин көрдөрөр, билиһиннэрэр сүдү улахан тэрээһиннэр, дьон интэриэһин тардар контент буолар. Ол сыалтан официальнай сайтары, ютуб каналлары, инстаграм страницаларын арыйбытым. Ааспыт сылга куорат дьаһалтата бу саҕалааһыммын өйөөбүтүгэр олус махтанабын.
Кэргэним олоҕум учуутала буолар
- Билигин карантин бириэмэтигэр дьиэҕэ олоробут. Кэргэммин кытта ютуб канал арыйан саҕалаатыбыт, “Сардаана: сахалыы канал” диэн. Олох хаамыытынан, күннээҕини тупсарыыта суох устуулар. Кэргэним Иван Сыромятников Анаабыртан төрүттээх. Кини үлэбэр күүс-көмө, өйөбүл буолар. Хоту дойду киһитэ буолан, көҥүллүк толкуйдуур, айылҕа оҕото буолан төбөтүгэр хааччах санаа суох. Онон миэхэ олоҕум учуутала буолар диэн махтана саныыбын. Киһи энергиятын баҕа санаата туоларыгар ыытыахтаах.