Сардаҥанан сандааран, Саас барахсан, дьэ, кэллэ!
Дьокуускайга сааскы ылааҥы күннэр буоллулар, халлааммыт туран биэрэн үөрдэр. Өрөбүллэргэ босхо сыырдарга, оҕо балаһааккаларыгар уочараттар үөскүү сырыттылар. Мантан саас киин куораппытыгар уонна кини тулатыгар ханна сынньаныахха, иллэҥ кэми туһалаахтык уонна интэриэһинэйдик атаарыахха сөбүн таһаарабыт.
Хаҥкылааҥ уонна хайыһардааҥ
Дьокуускайга хаҥкы, хайыһар, сыыртан сырылааһын сезона саҕаланна. Саамай улахан каток “Триумф” спорткомплекс таһынааҕы күргэ аннынан Сайсары күөлгэ үлэлиир. Ону таһынан билигин Таалай күөлгэ уонна “Северное сияние” муус пааркаҕа хаҥкылыахха сөп.
Куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэргэ катоктар кулун тутар ортотуттан арыллан барыахтара.
Хайыһар проката Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар. Оттон бэйэ хайыһардаах дьон Сайсары күөлгэ уонна Күөх Хонууга барыаххытын сөп, онно хайыһар суола үктэнэн сытар.
Быйыл хаҥкы, хайыһар прокатын сыаната биир чааһа ортотунан 200 солк. буолбут.
Саамай уһун сыыртан сырылааҥ
20-с микрооройуоҥҥа баар “Северное сияние” муус пааркатыгар быйыл хаһааҥҥытааҕар да уһун сыырдары оҥордулар. Киэһээ өттүгэр араас өҥнөөх уоттарынан күлүмүрдээн олорор. Хаар, муус оҥоһуктар, каток, буранынан хатааһылааһын о.д.а. баар.
Киирии билиэт сыаната: оҕолорго – 200 солк, улахан дьоҥҥо – 300 солк. Элбэх оҕолоохторго – 150 уонна 250 солк. (дастабырыанньаҕытын хайаан да илдьэ кэлэҕит).
5 сааһыгар диэри оҕолорго уонна төрөөбүт күннээхтэргэ киириитэ босхо.
Үлэлиир кэмэ: күн аайы 11:00-23:00 чч.
Тоҥ аста амсайыҥ
Атласовтар этно-уһаайбаларын иһигэр быйылгыттан Арктика тоҥ аһын киинэ (Арктический центр строганины) үлэлиир. Балыктан уонна эттэн саха төрүт аһын амсайыаххытын сөп.
Бөлөҕүнэн сылдьар барыстаах, 10 киһиэхэ 7000 солк. Бырагыраамаҕа киин устун экскурсия, тоҥ аһы астааһын, утахтары амсайыы киирэр.
Эрдэттэн суруттарыынан тиийэҕит.
Аадырыстара: Бүлүү тр., 6 км, 6
Сыарҕалаах ыкка хатааһылааҥ
“Чочур мыраан” этнокомплекска сыарҕалаах ыкка хатааһылатар араас маршруттаахтар. Кылгас кэрчиккэ күөл тула сылдьыахха сөп, сыаната 300 солк. саҕаланар.
Эбэтэр Ойуун маһыгар тиийэ баран кэлиэххэ сөп. Айан этнокомплекстан саҕаланар, күөлү кыйа барар уонна мырааны дабатан кыһыҥҥы ойууру көрдөрөр. 2 чаас уһуннаах айан сыаната – 4500 солк. Манна итии чэйинэн күндүлээһин киирсэр.
Аадырыстара: Бүлүү тр., 7 км, 5
Зоопаркаҕа ыалдьыттааҥ
“Орто дойду” зоопаркаҕа билигин 160-тан тахса араас кыыл-сүөл иитиллэр. Быйыл кыстаабыт бөрөлөрү, саһыллары, сиэгэннэри саҥа вольерга көрүөххүтүн сөп.
Киирии билиэт сыаната: Оҕолорго – 250 солк., улахан дьоҥҥо – 350 солк. Элбэх оҕолоохторго чэпчэтиилэр көрүллэллэр.
Үлэлиир кэмнэрэ: күн аайы 10:00-17:00 чч.
Аадырыстара: Покровскай тр, 50 км, Хаҥалас улууһа.
«Үрдэл» пааркаҕа сынньаныҥ
Дьиэ кэргэнинэн сынньанарга саамай табыгастаах сир – “Үрдэл” көхтөөх сынньалаҥ паарката. Муус оҥоһуктар, араас аттракцион, быанан паарка, банааҥҥа хатааһылааһын о.д.а.
Киирии билиэт сыаната үлэ күнүгэр: оҕолорго – 150 солк., улахан дьоҥҥо – 200 солк. Өрөбүллэргэ 50 солкуобайынан ыарыыр.
5 сааһыгар диэри оҕолорго уонна инбэлииттэргэ киириитэ босхо. Төрөөбүт күннээхтэргэ (-+3 күн) эмиэ босхо.
Үлэлиир кэмнэрэ: күн аайы 11:00-00:00 чч.
Аадырыстара: Үрдэл Парк, 1
«Төхтүргэ» айаннааҥ
Хаҥалас Төхтүрүгэр хайыһар, сноуборд, хаҥкы, тюбинг уонна салаасканан хатааһылааһын баар. Хайыһардьыттары, снуобордистары үөһээ таһаарар подьемник үлэлиир.
Үлэлиир кэмэ: күн аайы 10:00- 19:00 чч.
Киириитэ босхо.
Аадырыстара: Покровскай тр., 46 км, Хаҥалас улууһа.
Өлүөнэ очуостара
Саха сирин саамай киэн туттар кэрэ көстүүтэ – Өлүөнэ очуостара кэнники сылларга дьыл ханнык баҕарар кэмигэр туристары көрсөр кыахтаах.
Киирии билиэт сыаната: Оҕолорго уонна биэнсийэлээхтэргэ – 200 солк., улахан дьоҥҥо - 500 солк.
Үлэлиир кэмэ: 10:00-19:00 чч. (Каасса 17:30 ч. диэри үлэлиир).
Бизоннары көрүҥ
Уус Буотама Бизонарий эмиэ Хаҥалас улууһугар баар. Олунньу 23 күнүттэн ыалдьыттары көрсөн саҕалаатылар.
Ойуур бизоннарын кытта көрсүһүү, сыыртан сырылааһын, минньигэс астаах балаҕан, буранынан хатааһылааһын о.д.а. тэриллэр. Хачыкаатынан массыынанан тиийиэххэ сөп.
Киирии билиэт сыаната: оҕолорго – 200 солк., улахан дьоҥҥо – 400 солк.
Үлэлиир кэмэ: Бээтинсэ-өрөбүл, экскурсиялар 11:00 чаастан саҕаланаллар.
Аадырыстара: Хаҥалас улууһа, Уус Буотама.
Суотту музей-заповедник
“Доҕордоһуу” музей-заповедник базатыгар үлэлиир сынньалаҥ киинэ Уус Алдан Суоттутугар кулун тутар 1 күнүттэн үлэлээтэ.
Сыыртан сырылааһын, атынан уонна буранынан хатааһылааһын тэриллэр. Мангал уларсыахха сөп. Баҕалаахтарга экскурсиялары ыыталлар.
Киирии билиэт сыаната: оҕолорго 200 солк., улахан дьоҥҥо – 300 солк.
Үлэлиир кэмэ: күн аайы 10:00-18:00 чч.
Аадырыстара: “Доҕордоһуу” музей Өлүөнэ өрүс уҥа кытылыгар Суоттуттан чугас баар, Дьокуускайтан 70 км ыраах.