23.09.2022 | 18:00

Саныахха бу ааспыт сайыны

Сайыммыт элэс гынан ааспытын өйдөөбөккө да хааллыбыт. Харах далыгар сылдьар дьоммут сынньалаҥнарын хайдах атаардылар? Ким тугу ситистэ, ханна сырытта? Ол туһунан биһиги “сулус” доҕотторбутуттан сурастыбыт.
Саныахха бу ааспыт сайыны
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Анастасия Алексеева, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа:

— Бу сайын аан маҥнайгыбын Амма өрүс икки кирбиитигэр – Таатта өттүгэр уонна Амма бэйэтигэр астына-дуоһуйа сөтүөлээтим. Ону таһынан хас да муораны илэ харахпынан көрөн, дохсуннаах долгуннарыгар оҕустаран, күөлэһийэ көрүлээтим. Хара муора да балкыырын, Дьоппуон муора да арыытын кытта билистим.

Сайыным, биллэн турар, ыһыахтарынан саҕаламмыта, онтон тута Крым Судак куоратыгар «Таврида» диэн эдэр ыччат Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлигэр Саха сирин  сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, саха төрүт үгэстэрин, култууратын, ырыатын-тойугун, историятын туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ иһитиннэрэн, билиһиннэрэн, нэдиэлэ курдук үлэлээн, ыллаан-туойан төннүбүппүт. Онтон Владивосток куоракка Саха сирин күннэригэр Олоҥхо тыйаатырын кытта эмиэ төрүт ырыаларбытын ыллаан, төрүт дорҕоону дьүрүһүтэн кэлбиппит. Уонна, биллэн турар,  Чурапчым Чакырыгар тахсан күүс-сэниэ ылан, билигин үлэ үгэнигэр номнуо киирэн сылдьабын.

Тамара Попова, ырыаһыт:

— Ыһыахтарга үчүгэйдик үлэлээн баран, от ыйыттан уоппускаҕа барбытым. Күннээҕи түбүктэн ураты дьиэбэр олорон эрэ иистэнним, ырыаларбын суруйдум, санаабын сааһылаатым. Клипкэ уһулуннум. Күһүөрү дойдубар баран кэллим. Кэнсиэрдээн, элбэх араас тэрээһиннэргэ кыттан, кылгас сайыммын бэрт сэргэхтик атаардым. Көрөөччүлэрим да миигин олус кэтэһэллэр эбит. Ити курдук сайыным эмиэ түп-түргэнник ааһа охсон хаалла.

Саина, ырыаһыт:

— Быйыл бэс ыйыгар Олоҥхо ыһыаҕар, куоракка хас да сиргэ ыллаатым, сольнай кэнсиэрбин көрдөрдүм. 2007 сылтан куорат ыһыаҕар сылын аайы кэнсиэрдиибин. От ыйыгар Мииринэйгэ баран ыллаан-туойан, маастар-кылаас ыытан кэлбитим. Атырдьах ыйыгар Алдан куоракка Тимир суол күнүгэр баран кыттыбытым. Игорь Николаев курдук таһымнаах ырыаһыттары кытта тэҥҥэ ыллаабытым.  Саамай улахан сонунум диэн, чааһынай дьиэ тутта сылдьабын. Ол түбүгэ, сүүрүүтэ-көтүүтэ. Дьиэбитигэр киириэх курдук буоллубут.

Анита уонна Дуолан Трофимовтар, ырыа куттаах дьиэ кэргэн:

— Бэрт таһаарыылаах, эмиэ биир умнуллубат сайын ааста. Ыһыахтарга ыллаан, сир астаан, сөтүөлээн, сайын үтүөтүн биллибит. Дьокуускай кытыытыгар даача туттаары, уhаайба ыллыбыт, онно күн солото суох сырыттыбыт. Эһиил халлаан сылыйдаҕына тутуубутун саҕалыахпыт.

Матрена Евсеева-Мотокуо, ыытааччы, тамада:

— Үс ыйдаах сайын биллибэккэ ааста. “Айар Кут-Hollywood” лааҕырбын үс сезон үлэлэттим. Быйыл лааҕыр үлэлээбитэ лоп курдук уон сыл буолла. Биир симиэнэҕэ өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 120-лии оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын атаарда. Ол кэннэ оскуолаҕа үлэбэр таҕыстым. Түгэнинэн туһанан, халыҥ хамаандабар махталбын тиэрдэбин. 

Сандаара Кулаковская, блогер, юрист:

— Сайын дойдубар Нөмүгүгэ тахса сырыттым, күүс-сэниэ эбинэн киирдим. Өлүөнэ очуостарыгар бара сырыттым, айылҕаны кытта алтыстым. Өссө биир саамай умунуллубат түгэнинэн Алтай сирин-уотун кытта билистим. Ааптарыскай туурга киирэн, дьиэ кэргэнэ, оҕото суох баран кэллим, астынным аҕай, билбэтэхпин биллим, көрбөтөхпүн көрдүм. Алтай айылҕата да кэрэтэ бэрт уонна сынньалаҥа даҕаны табыгастаах эбит диэн түмүк оҥоһуннум. Бу сынньалаҥ наһаа элбэҕи биэрдэ, толкуйдатта, олохпун анааран көрдүм.

Виталий Очиров – Алгыс Ачыырап, алгысчыт:

— Ааспыт сайын хаһан да буолбатах элбэх ыһыахха алгыс сиэрин-туомун толордум. Ону тэҥэ күн эргииринэн эргийэ сылдьан, истиҥи иитэн, үгүс үтүөнү үмүрү тардан аҕалар ырыа-тойук бөҕө ылланна. Ону тэҥэ, саамай үөрэрим диэн, уонча сыл испэр иитиэхтээбит баҕа санаабын – саха балаҕана туттан, оҕолуу истиҥник үөрэн-көтөн олоробун. Үтүө балаҕаммын олоххо киллэрэргэ күүс-көмө буолбут биир дойдулаахтарбар Баһылай Дьоруойапка, Охонооһой Чаахапка, Сааска Ардьакыапка муҥура суох махтанабын. Билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии ыал эйгэтэ тэлгэһэтигэр үтүө үгэһи салҕыыр балаҕаннаах буолуохтаах дии саныыбын. Балаҕан эйгэтэ ураты истиҥ эбит. Онно киирдим да, уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ эйгэҕэ оройбунан умсабын, көстүбэт күүскэ куустарабын.

Кирилл Матвеев, ырыаһыт:

— Сайын аҥаарын ыһыахтарга ыллаан атаардым. Хоруона хамсыгын кэмигэр саха норуота төрүт бырааһынньыкпытын олус да ахтыбыт эбит. Хас биирдии оройуоҥҥа, нэһилиэккэ үтүмэн элбэх тэрээһин буолла.

Бу сайын биир бэлиэ түгэнинэн киин куорат ыһыаҕар Айсалыын иккиэн дуэтнай кэнсиэрбитин бэлэхтээбиппитин ааттыахпын баҕарабын. Олус таһымнаахтык ааспыта. Ол кэннэ от ыйын бүтүүтэ дойдубар кэлэн, оҕолорго анаан вокальнай ырыа кууруһун үлэлэттим. Барыта 11 оҕону дьарыктаан, ырыа алыптаах эйгэтин кытта билиһиннэрдим.  Ол кэнниттэн дьиэ кэргэммин, чугас аймахтарбын кытта Владивосток куоракка сынньанан, муораҕа сөтүөлээн кэлбиппит. Атырдьах ыйыттан быыбардарга үлэлээн, билигин үлэ үгэнигэр хайыы-үйэ киирэн сылдьабын.

Татьяна Легантьева, Саха тыйаатырын артыыһа:

— Бу сайын икки ытарҕа кыргыттарбын илдьэ кииним түспүт сиригэр, дойдубар Ленскэй оройуонун Чамчатыгар атаардым. Лыҥкыныыр мэник сүүрүктээх Нүүйэ өрүспэр сөтүөлээтим, күп-күөх ходуһа кытыытыгар хаптаҕастаатым, убайым, бырааттарым төрөппүттэрбитигэр дьиэ туталларыгар ас астаан көмөлөстүм.  Дьэ уонна икки сыл ыһыахтан маппыппын ыһыахтаатым. Ийэлээх аҕабар оҕо буоларбын санаан, кып-кыратык атаахтаан да ыллым. Чамчам сириттэн күүс-сэниэ мунньунан, куораппар кэлэн, таас дьиэбэр икки ньырыласпын кытары аныгыс сайыны кэтэһэн чороллон олоробут.

Семен Ченянов, продюсер:

— Сайыны айар үлэ үөһүгэр куоракка атаардым. Үрдүк таһаарыылаахтык, бэртээхэйдик ааста. Сир аһа даҕаны өлгөмнүк үүнэн, дьон сир астаан абыранна.

Надина Эльпис, ырыаһыт:

— Сайын саҕаланыыта Крым Симферополь куоратыгар балыс оҕобун лааҕырга илдьэн кэлбитим, ол кэннэ чугас дьүөгэбин кытта Дагестаҥҥа сынньаммыппыт. Абхазияны баран көрдүм, дуоһуйа сынньанным.  Онтон кэлэн баран үлэ үөһүгэр киирэн, өрөспүүбүлүкэни биир гына кэрийдим. Мииринэйинэн, Ньурбанан,Эдьигээнинэн, Томпонон, Мэҥэ Хаҥалаһынан гостуруол буолла. Онон сайыным үлэни уонна сынньалаҥы кытта тэҥҥэ ааста. Арба, ол быыһыгар Сочи куоракка биир дойдулаахтарым ыҥыраннар кэнсиэр көрдөрдүм, саҥа ырыалары таһаардым. Сайыным куоракка буолбакка, куруук айан суолугар ааста.

Сайын бүтэһик күннэригэр Өлүөнэ очуостарыгар сынньанным, “Демьян Бедный” теплоходунан уһуннум уонна “Икки сардаана” диэн клиппин сүрэхтээтим.

Мария Столярчик, предприниматель, блогер:

— Сайыным ыам ыйын бүтэһик күннэриттэн саҕаламмыта. Урбаанньыттар кулууптарын кытта Кэтэмэ үрэххэ бара сылдьыбыппыт. Биир күнү быһа уунан устарбытыгар олоҕу кытта тэҥҥэ дьүөрэлээн, бэрт интэриэһинэй тургутуулары ааспыппыт. Ол кэннэ оскуола үөрэнээччилэрин ыһыахтара саҕаламмыта. Онтон улам-улам биир ый барыта ыһыахха ананна. Бэс ыйын бастакы күннэригэр, бырдах түһэ илик кэмнэригэр, волейбол күрэҕин ыыппытым. Түөрт хамаанда тэриллэн, уоттаах-күөстээх күрэх ааспыта. Бу кэннэ бэйэм сөбүлүүр дьарыгым сиэринэн хас даҕаны үөрэх куурустарын аастым. Ол түмүгүнэн кондитерскайбар уларыйыы бөҕө бара турар.

Аны туран, сайын саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри элбэх рекламаҕа уһулуннум, бэйэм блогпар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тахсар рекламаларга эмиэ кытынным. Бииргэ төрөөбүттэрбин кытта бары бииргэ түмсүбүппүтүн эмиэ бэлиэтиир тоҕоостоох. Дьиэ кэргэн өйөбүлэ, таптала ситиһиигэ сирдиирин бары бэркэ диэн билэбит.

Бэс ыйын бүтүүтэ Дьокуускайга түөрт блогер кэлэн ыалдьыттаабыта. Кинилэри көрсүбүппүт, биэс хонуктаах тэрээһиннэри оҥорбуппут. Сүүс кэрэ аҥаары мунньаммыт биир киэһэ психологическай тренинг тэрийбиппит. Ону таһынан дьахтар кулуубум чэрчитинэн хас даҕаны тэрээһин буолбута. Бурятия блогердарын Өлүөнэ очуостарынан, Булууһунан, Күрүлүүрүнэн  сырытыннаран, Бурятия аудиториятыгар Сахабыт сирин киэҥник көрдөрдүбүт. Эһиил туризм күүскэ сайыннаҕына, өссө элбэх атын омук биһиги култуурабытын, сирбитин-уоппутун кэлэн көрүөхтэрэ диэн эрэнэбит.

От ыйа эмиэ олус күүрүүлээхтик ааста. Аммаҕа сплавка сырыттым.Ол кэннэ эрдэттэн оҥостон, хомунан, былааннаан ый бүтүүтэ 19 хонуктаах Бурятия сиригэр-уотугар автотурга баран  кэллим. Бурятиянан, Иркутскай уобалаһынан, Байкал күөлүн үс өттүттэн көрөммүт наһаа үчүгэйдик сынньанан, астынан-дуоһуйан кэллибит. Дьиэ кэргэнинэн барбыппыт, оҕолорум айан суолун тулуйан, этэҥҥэ сырыттылар.

Ол быыһыгар онлайн үлэм олох тохтооботоҕо. Саҥа сонун меню толкуйдаан, куурус тэрийэн, куруук төлөпүөҥҥэ, сибээскэ сырыттым. Бэрт сэргэх, үтүө түмүктэрдээх уонна таһаарыылаах сайын ааста диэн бэлиэтиибин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...