Санкция, бизнес уонна барыс
Импортнай уонна дэписсиит табаардар
Омук хампаанньаларын табаардарын атыыта дойду үрдүнэн тохтотуллубута. Ол эрээри билигин таһаҕаһы тиксиһиннэрээччи (байер) нөҥүө ылыахха сөп. Табаары тас дойдуттан таһаарар кэккэ доҕордуу дойдулар бааллар. Ол курдук урбаанньыт Кытайтан, Турцияттан, Казахстантан арҕааҥҥы дойдулар табаардарын атыылаһар уонна дойдутугар аҕалан атыылыыр. Саха сиригэр ордук муодунай таҥас-сап, атах таҥаһын, спортивнай табаардары, оонньуурдары, дьоҕус тиэхиньикэни аҕалан эргиниэххэ сөп.
Бородуукта
Пандемия кэмигэр куорат эрэстэрээннэрэ, кафелара курьер өҥөтүн олус сэҥээрбиттэрэ. Аныгы технологиялары сырдаттахха, ас иҥэмтэлээх веществоларын барытын бэйэтинэн хаалларар холодильниктар бааллар. Олор тоҥ бородуукта амтанын, сытын-сымарын уларыппаттар эбит.
Билиҥҥи кэмҥэ биир тоҕоостоох уонна чахчы наадалаах бизнес салаата диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ биһиэхэ бу хайысханан дьарыктанар дьон билигин суохтар.
Эмп-томп
Фармацевтическай бизнес – биир саамай бигэ туруктаах хайысха. Эмп-томп икки атахтаах баарын тухары наада. Манна даҕатан эттэххэ, билигин дьон бэйэтин доруобуйатын көрүнэр буолла. Ол курдук битэмииннэри, БАД-тары хамаҕатык ылар.
Аптеканы арыйыы оннук уустук буолбатах. Лицензия эрэ наада, онтон докумуоннары хомуйуу уонна туһааннаах көҥүлү ылыы 1,5-2 ый буолар. Бу ырыынакка күрэстэһии (конкуренция) баара чахчы. Ол курдук аҥаардас биһиги куораппытыгар хас да улахан сетевой аптека баар. Биир да, биэс да буоллун – аптека нэһилиэнньэҕэ наадалааҕа биллэр.
Клининг
Бу ырыынакка конкуренция балачча үрдүк. Саха сиригэр маннык өҥөнөн туһанар киһи элбэҕэ бэлиэтэнэр. Манна киирэр: дьиэни сууйуу-сотуу, аныгы тиэхиньикэнэн дьиэ малын саҥардан, ыраастаан биэрии, утуйар орон тэллэҕиттэн саҕалаан, оҕо оонньууругар тиийэ ыраастааһын. Биллэн турар, үлэһиттэр бары бэлэмнэнии куурустарын ааһаллар уонна түргэн-тарҕан туттууларынан үлэни кыайаллар.
Микрозелень
Эрэстэрээннэргэ, кафеларга бүлүүдэни киэргэтиигэ уонна тупсарыыга тутталлар. Саха сиригэр бу бизнеһинэн таһаарыылаахтык дьарыктанар номнуо хас да киһи баар. Кинилэр үүннэрэн таһаарбыт отторун-мастарын эрэстэрээннэргэ батараллар.
Эко-бизнес уонна эко-бородууксуйа
Уопсайынан, нэһилиэнньэ “ЭКО” диэн тылга ордук охтор буолла. Ол үксүн үрдүк хаачыстыбаны мэктиэлиир, туох даҕаны суурадаһына, эбиилигэ суох, ыраас матырыйааллары туһанан оҥоһуллубут мал-сал, туттар тэрил, ас-үөл да буолуон сөп.
Холобура, билигин сатабыллаах дьон ыһылла сытар бөхтөн уонна салгынтан харчыны оҥороллор. Чахчы, оннук олоххо кэлэн олоробут. Маркетинг уонна реклама дьон өйүгэр-санаатыгар түргэнник дьайар. Ол курдук, “ЭКО” диэн үс буукубалаах тылы туттаннар араас тэрилтэлэри арыйаллар, экологическай клининг сулууспаларын үлэлэтэллэр, оттон-мастан астанар бүлүүдэлэри астаан, эрэстэрээннэри арыйаллар, х/б матырыйаалтан хаачыстыбаннай таҥас-сап тигэллэр.
Кэтэх хаһаайыстыба уонна экотуризм
Арассыыйа туризм эйгэтин күүскэ сайыннарар сыаллаах. Онуоха элбэх үлэһит уонна туристическай хабааннаах эбийиэктэр ирдэнэллэр. Уһук Илиҥҥэ туризм хайысхалаах үтүмэн үгүс бырайыак олоххо киирэрэ күүтүллэр.
Кэлии табаарга сыана үрдээн, дьон олохтоох бородууксуйаны быдан ордорор буолла. Инньэ гынан, Саха сиригэр экологическай ыраас аһы-үөлү элбэтии саҕаланна. Үгүс фермердэр экотурдары тэрийэллэр, ону таба туһаналлар.
Өйөбүл баар, суох буолбатах
Билигин бизнескэ элбэх болҕомто ууруллар, Дьокуускай куоракка, оннооҕор улуустарга анал туһалаах кииннэр бааллар. Чахчы, дьоҕус бизнеһи сайыннарыыга үгүс үп көрүллэр. Аҥаардас «Мин бизнеһим” киин кирэдьииттэн, нолуок чэпчэтиититтэн саҕалаан, субсидияҕа, үлэһиттэри үөрэтиигэ тиийэ көмөлөһөр. Саамай улахан болҕомто тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ууруллар.
Сатыыр дьон хайа да кэмҥэ үүт-хайаҕас булаллар, бэйэлэрин суолларын-иистэрин оҥостоллор.
Дистанционнай өҥөлөр
Икки сыллааҕыта пандемия саҕаламмытыгар һуу-һаа бөҕө буолбуппут. Билигин дьон дьиэтиттэн олорон этэҥҥэ үлэлиир, үөрэнэр, оннооҕор саҥа идэни баһылыыр кыахтанна. Дистанционнай өҥөлөргө туох киирэрий? Телемедицина (быраас тэйиччиттэн олорон эрэ консультацията), онлайн юристар, бухгалтердар уонна репетитордар өҥөлөрө. Цифровой үөрэхтээһин билигин оскуола үөрэнээччилэригэр уонна устудьуоннарга нуормаҕа кубулуйда, үгүс исписэлиистэр саҥа кэм ирдэбилинэн үлэлиир буоллулар.
Экономическай кризиһинэн уонна дохуот түһэ турарынан сибээстээн үбү-харчыны уонна инвестицияны салайыыга исписэлиистэр консультациялара ирдэниллэр буолла. «Подушка безопасности» диэн тылы иһиттибит эрэ, мах барабыт, брокерскай счеттары арыныҥ дииллэрин өйдөөбөппүт. Онон экономистарга дьиэлэриттэн тахсыбакка үлэлииллэригэр саҥа суол аһылынна.