Санитарнай ыраастаныы уонна халааны сэрэтэр тэрээһиннэр тэҥинэн бараллар
Куорат баһылыгын хаһаайыстыба боппуруоһугар солбуйааччы Егор Кардашевскай иһитиннэрбитинэн, сааскы санитарнай ыраастаныы уонна сааскы халааны сэрэтэр тэрээһиннэр тэҥинэн бараллар.
«Муус устар 10 күнүнээҕи туругунан полигоҥҥа 660 тыһ. куб/м хаар тиэйилиннэ. Маны сэргэ сааскы халааны сэрэтэр үлэ чэрчитинэн уопсайа 10400 погоннай миэтэрэ усталаах лотогу ириэрдибит, 53 тахса дьаама уонна носуос ыстаансыйата бэлэм. Уокуруктарынан ЕДДС уонна социальнай ситимнэр нөҥүө киирэр сайаапкаларынан үлэлиибит»,– диэтэ Егор Кардашевскай.
Сааскы халааны сэрэтэр тэрээһиннэр хаамыыларын туһунан «Якутдорстрой» АУо кылаабынай инженерэ Сергей Юрченко иһитиннэрдэ: «15 биригээдэ, 40-ча тиэхиньикэ, 30-тан тахса оробуочай үлэлииллэр. Үлэ куорат киинигэр уонна кытыытыгар тэҥинэн барар». Ол туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.