САНАА-ОНОО, КУТТАЛ, ДЬИКСИНИИ
Көннөрү, кытаанах санаалаах, ньоҕой майгылаах да киһи уйулҕата уларыйар кэмэ кэллэ. Пандемия саҕаламмыта, ковид диэн ыарыы турбута сыл буолла. Кытайга Ухань куоракка өссө былырыын баччаларга, ахсынньы ыйга бу ыарыы өрө турбута. Биһиги оччолорго Саҥа дьыллаары сылдьан, бырааһынньык сүпсүлгэнигэр буолан көннөрү сонуннары истэ-истэ “һуу-һаа” буолбуппут. Бачча ыраах сытар Сахабыт сирин тумнар ини дии санаабыппыт баара... Билиҥҥи айан-сырыы, кэлии-барыы үйэтигэр оннооҕор буолуох хорҕойон, саһан сыттаххына эккирэтэн эрэ кэлиэх кудук.
Билигин, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэбит туох баар улуустарын бу ыарыы барытын сутуйда, барытыгар тарҕанна.
Бастаан утаа сымыйа ыарыы, итэҕэйбэппит, дьону албыннаан ону-маны тарҕаталлар, хас биирдии киһини чиптээн барыбытын хас хардыыбытын кэтээн көрө сылдьаары айбыт ыарыылара, о.д.а. хоп-сип, кэпсээн тарҕаммыта. Итэҕэйээччи итэҕэйбитэ, бэйэтин харыстанан барбыта, оттон саастаах да өттүлэрэ, эдэрдэри этэ да барбаккын, бу сымыйа ыарыы, дьону, биһигини албынныыллар диэн этээччи элбээбитэ. Онон дьон санаата икки аҥы, икки лааҕырга хайдыбыта.
Билигин дьон суруйарын аахтахха, кэпсиирин иһиттэххэ, бу ыарыы таарыйбатах ыала аҕыйаабыт курдук, билэр дьоммут бары ыарыйдылар дэһэллэр, ол быыһыгар өлүү-сүтүү да кэмэ суох тахса турар. Онон итэҕэйэрбитигэр, харыстанарбытыгар эрэ тиийдибит.
Соторутааҕыта биир дьүөгэм төлөпүөннээн сэрэтэр: “Дьэ, хотуой, олох сэрэнэ сырыт. Абааһы ыарыы эбит. Кэргэмминээн иккиэн ыарыйдыбыт, мин арыый атахпар тура сылдьан аһардым, кэргэним балыыһаҕа киирэн эмтэнэн таҕыста. Атахпар тура сылдьан диэн, ити арыый чэпчэкитик аһарынным диэн буолуо. Ол да буоллар киһи сэниэтэ суох олох сытар эбит, аһыах санааҥ кэлбэт, ол курдук хас да күн турбатым. Дьиҥэр, тугум да быһыта-хайыта тутан ыалдьыбат курдук. Онтон дьэ анаалыһым барыта үчүгэй буолла, аны туран били эмтэрбит күүстээх буоланнар охсуута улахан эбит. Билигин онтубун көрдөрүнэ сылдьабын. Быарбар систиэмэ, укуол ылабын, хараҕым олох мөлтөөн киирэн барда, умнуган да буолан эрэр курдукпун. Дьэ, накаас, онон дьиэҕиттэн олох быгыма, мин да наһаа сэрэнэр курдук этим да, булан буулаата”.
“Ийэлээх аҕам тэҥинэн ыалдьан эмтэнэн таҕыстылар, аҕам 87-тэ, ийэм 84-дэ. Дьэ, кырдьаҕас дьон диэтэххэ өрүтүннүлэр. Оннооҕор быраастар сөхпүттэр этэ. Аҕам тыҥатын 60 бырыһыан сиэппит, ийэм киэнэ арыый кыра. Улуус кииниттэн санитарнай рейсинэн аҕалбыттара, тута пульмонологияҕа киллэрбиттэрэ. Уонча эрэ хоннулар. Итини биһиги, оҕолоро, маннык быһаарабыт. Кинилэр айылҕаттан бэриһиннэрбит доруобуйалара, бэйэ аһынан аһыыллара, үйэлэрин тухары төһө да кытаанах, ыарахан үлэҕэ үлэлээтэллэр, бэйэлэрин көрүнэ сылдьыбыттара туһалаатаҕа диэн. Аны чөл олоҕу тутуһаллара, аҕам куруук оту-маһы, үүнээйини үргээн араастаан хатаран куруук иһэ, эмтэнэ сылдьыбыта быыһаата быһыылаах. Маны таһынан кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр наһаа истиҥ сыһыаннаахтар, билигин да уоллаах кыыс курдук дьээбэлэһэ сылдьаллар, олус суохтаһаллар. Онон аны арааһынай буолан хааллахтарына иэдэйиэхтэрэ диэн куттаммыппыт, хата этэҥҥэ буоллулар. Ол да буоллар, ийэбит барахсан тура илик, ыарыылыыбыт, аҕабыт туран хаама сылдьар. Эмтэниилэрэ күүстээх, кырдьаҕас да буоланнар умнуганнара бэргээбит, хайдах эрэ кыратык түөһэйбит курдуктар диэн бэлиэтии көрдүбүт. Мантан инньэ дьоммут олохторун уһатар, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр инниттэн бары күүспүтүн, кыһамньыбытын ууруохпут”, - диэн билэр киһим кэпсээтэ.
“Мин бу ыарыы туруоҕуттан куттана, дьааххана сылдьабын. Хайдах эрэ биһиги дьиэбитигэр, чугас дьоммор киирбэтэр ханнык диэн Үрдүк Айыылартан көрдөһөбүн. Бэйэм диабеттаах буоламмын ордук куттанабын. Оннооҕор ыарыйдахпына бастаан тугу гыныахтаахпын, кимиэхэ эрийиэхтээхпин, балыыһаҕа кими эрэ кэпсэтиннэрэн киллэттэрэри кытта толкуйдуубун. Иһиттэххэ наһаа ыараханнык киирэр ыарыы быһыылаах, чэпчэкитик да ыалдьыбыт дьон син биир тугунан эрэ киирэн тахсар диэн кэпсииллэрин салла истэбин. Уопсайынан “фобия” да буоллум быһыылаах. Мин бу аата өссө холку курдукпун. Биир билэр саастаах дьүөгэм олох иэдэйдэ. Сорох ардыгар наһаалыыр дуу диибин. Аһара барда, дьиэтин иһэ барыта хлор сыта, иһитэ-хомуоһа, таҥаһа-саба барыта хлорданар, антисептигынан ыстарыллар. Мин ол биирдэ улахан наадаҕа киирэ сылдьыбытым. Эгэ, дьиэтигэр кими да сырытыннарбат, ол эмиэ да сөп. Били кытайдары бастаан кэпсииллэрин курдук, хас бэрчээккини, маасканы туттубутун ааҕан да сиппэккин. Оннооҕор дьиэтигэр кытта кэтэр. Утуйарыгар устара дуу”, - дьэ маннык кэпсээн эмиэ баар.
Ковидынан ыалдьа сылдьыбыт устудьуон: “Аан бастаан ковидынан ыалдьыбыппын билэн баран, өлөр буоллум диэн санаа кылам гыммыта, онтон анаалыс кэлэн ылбыттара, бастакы анаалыспын туттарбытым кэннэ уонча күнүнэн биллэр диэбиттэрэ, онуоха диэри тугу да билбэккэ олорбутум. Бастакым положительнай этэ, онтон иккиһим отрицательнайы көрдөрбүтэ. Ол да буоллар үсүһүн эмиэ кэлэн ылбыттара, онтукам эмиэ үчүгэй буолбута. Дьиибэтэ баар, бу ыарыы кэнниттэн үтүөрдүм диигин да, син биир икки ый курдук сылдьар быһыыта, ол кэмнэргэ хат ыалдьыам диэн дьаахханыы, аҕылааһын хаалар уонна киһи хамсанара бытаарар эбит, күөмэйбэр туох эрэ аһыйар син биир баар курдук, онтон сыыйа сүтэр. Мин ыалдьыбыт кэммэр бэйэбит төрүт натуральнай аспытын клюква морса, ынах миинэ дэлби испитим, үрүҥ аһы элбэхтик сиэбитим. Уонна ону сэргэ битэмиин, кальций испитим. Уопсайынан сэниэтэ суох буолаҕын, онно сэниэ биэрэр аһы сиир ордук эбит. Мин бу пандемияттан билигин да куттанабын, харыстамматахха хаттаан ыалдьыаххын сөп диэбиттэрэ, ким эрэ сыл аҥаарынан, ким эрэ 2-3 ыйынан. Онтон симптом өттүнэн эттэххэ, миэхэ тумуу да киирбэтэҕэ, температураламматаҕым даҕаны, эмискэ биир күн сэниэм отой суох буолан хаалбыт этэ, оронтон да кыайан турбат буолбутум, ол иһин үлэбэр тута биллэрбитим. Ол кэннэ түөрт хонон баран ас сытын, амтанын билбэт буолбутум. Элбэх дьонноох сиргэ сылдьымаҥ диэн сэрэтии баар эрээри, эн дьиэҕэр да олордоххуна ыалдьаҕын быһыыта, ол баар киһи куттанара”.
Акулина Бережнева:
— Айылҕа бэйэтин бастакы оҥорбут тыыннаах кэрэтэ Киһи диэн буолар. Бу киһи бары өттүнэн көҥүл, саныырынан, олоххо тардыһыытынан, толкуйдуурунан. Ол эрээри киһи өйүн өркөнө аһара таҕыста буолбатах дуо, ол түмүгүн бу көрөбүт. Туох барыта орто дойду сиэринэн, айыллыбыт алгыһынан туохха барытыгар ортону эрэ тутуһуохтаах этэ. Ол сокуону киһи аймах кэстэ. Киһи олус өйүттэн билиитинэн киһиргэнэн, баайга-харчыга үлүһүйэн, тугу да баардыылаабат, аанньа ахтыбат буолуутун көрөн, киһи бэйэтэ толкуйдаан айбытынан тыыннаах Айылҕаҕа утары турда. Норуот эмчитэ, норуот маастара Тирэх Уйбаан этэн турар: «Айылҕа тыыннаах, ол иһин бэйэтин көмүскэнэр ньымалардаах. Ыраастанар эттиктэрэ уу уонна уот. Аньыыны хараны уот эрэ сиир, кири-хаҕы уу эрэ илдьэ барар.1998 сылтан айылҕа ыраастаныыта бара турар. Сырдык уонна хараҥа киирсэллэр. Икки атах аньыытыгар-харатыгар үүнээйилэр толук буолаллар.Улахан уларыйыы, хамсааһын аҕыйах ахсааннаах омукка охсуута улахан. Быыһанар суолбут түмсүүлээх, сомоҕоһуулаах буолуу. Сомоҕолоһуу диэн – соргулаах суол, суолбутун бэйэбит солонуохтаахпыт... ” - диэн биир кэпсэтиигэ эппиттээҕэ. Туох барыта туолар, барыта бүтэр аналлааҕын киһи барахсан умнаахтаабыт. Ол түмүгэр ким билигин охсуу ыларый, кыаммат кырдьаҕас уонна оҕо аймах. Киһи генофондатын экономиялыыр албаска киирии диэн бу аһара түһүү дии саныыбын. Билиҥҥи балаһыанньа көрдөрөрүнэн киһиэхэ сатамньыта суох сокуоннары, эмтээһини, ыарыыны, сайдыы технологията диэн албыннаан соҥнооһун сиэрэ суох туттуу диибин. Олохсуйбут итэҕэлбит кэрэтин суох оҥорон эрэр түмүгүн көрөбүт. Бу ыарыыны киһи айбыта, ол иһин хайдах баҕарар дьаһайан, араастаан дьону кутталга, угаайыга киллэрэ олороро, бүгүҥҥү олохпут буолуохтаах быһыытын-майгытын курдук көрөн эрэбит. Ол эрээри уйулҕалаах, сиэрдээх итэҕэллээх, киһи бу манныгы хайдах да, эт мэйиитинэн сөптөөх быһыы диэн ылыммакка олорор... Киһи санаатын сайа этэр уларыйыы кэмэ кэлэн эрэр. Бу билиҥҥи бүрүүкээн турар уустук кэмҥэ кутталга киирбит быһыы-майгы баара кистэл буолбатах, хайдах быыһанабыт диэн ыйытык үгүс киһини долгутар. Биһиги омук быһыытынан күүспүт итэҕэлбитигэр, итэҕэлбит тылбытыгар – ол аата тылбыт күүһүгэр баар диэтэхпинэ сыыспаппын. Тоҕо диэтэххэ, Тыл сүрдээх уонна дьайыылаах буолар. Ону уйуохха наада. Тылбытын наһаа киртиттибит, хас биирдии тыл туох суолталааҕын, дьайыылааҕын умнан эрэбит. Айылҕаны кытта тэҥнэһэр туох да суох, хайдах да оҥоһуу өй, тыыннаах өйү кытта киирсэн кыайыа дии санаабаппын... Онон, кытаатан бары сомоҕолоһон, тылбыт күүһүн таба туттан, махталынан бар дьоммутугар хайыһан, куһаҕаны арбаппакка, улаатыннарбакка, кэрэ эйгэтин кэҥэтэргэ хас биирдиибит дьулуһуоҕуҥ, кыһаллыаҕыҥ.
Уйулҕаһыт С.Б. Николаева сүбэтэ:
— Бу быыһык кэм, дьон сэргэ кэми-кэрдиини ылымматтарыттан, буола турар дьайыыга ээл-дээл сыһыаннарыттан буолуон сөп. Онон, хайдах баарынан бэйэ-бэйэни харыстаһыы уонна харыстаныы диэн бу икки тылы дьүөрэлии тутар кэм кэллэ. Онон, олорон кэлбит олохпутун хайдах даҕаны биир күнүнэн, биир ыйынан, биир сылынан, биир чааһынан уларыппат буоллахпыт. Ону тыыннаах айылҕабыт орун-оннун сааһылыаҕа. Саҥа кэм, саҥа санаа, саҥа дьаһаныы, уопсайынан эттэххэ саҥа үйэ кэрдиис кэмэ арыллан кэлэн эрэр. Онно өй-санаа өттүнэн бөҕө, үтүөнү, ырааһы, кэрэни саныыр, оҥорор туруктаах дьон өрүттүөхтэрэ.