“Самоизоляция” бэрээдэгин кэһии ыстырааптара
Аан дойдуну барытын сутуйбут коронавирус олохпутун тосту уларытта. Киһи киһиэхэ сыһыаныттан саҕалаан, суут-сокуон кытта уларыйда. Саҥа бэрээдэгинэн олорорго күһэллэбит. Билигин дьиэбитигэр “хааллан” олорор кэммит “самоизоляция” диэн ааттанар. Ол аата бэйэбит доруобуйабыт туһугар бэйэбит эрэ эппиэтинэһи сүктүбүт.
Кулун тутар 30 күнүгэр СӨ Ил Дарханын уурааҕынан Дьокуускайга, Жатайга, Нерюнгри уонна Мииринэй оройуоннарыгар “толору самоизоляция” эрэһиимэ олохтоммута. Оттон муус устар 9 күнүттэн “самоизоляция” эрэһиимэ Ленскэй уонна Мииринэй оройуоннарыгар кытта тарҕанна.
Бу иннинэ маннык кытаанах эрэһиим 65-тэриттэн үөһээ саастаахтарга анаммыт буоллаҕына, билигин бары дьиэбитигэр олоруохтаахпыт. “Самоизоляция” эрэһиимэ Москваҕа, Питергэ уонна кэккэ регионнарга киирэн турар.
“Самоизоляция” кэмигэр бобуллар:
- Олорор дьиэбититтэн тахсыа суохтаахпыт. Үлэҕэ, маҕаһыыҥҥа, аптекаҕа уонна ыт күүлэйдэтэ (дьиэттэн 100 м ордук ырааппакка), бөх тоҕо эрэ тахсыахха сөп.
- Дьонтон 1-1,5 м тэйиччи туттуохтаахпыт. Ол иһигэр уопсастыбаннай тырааныспарга кытта.
- Арыгы атыыта бобуллар.
Көҥүллэнэр:
- Олоххутугар куттал суоһаатаҕына, медицинскэй суһал көмөнү ыҥыраргыт.
- Үлэҕит тохтуу илик буоллаҕына кэлэргит-бараргыт.
- Чугастааҕы маҕаһыыҥҥа, аптекаҕа баран кэлэргит.
- Ыты дьиэттэн 100 м ордук тэйбэккэ күүлэйдэтии.
- Бөх быраҕар сыаллаах тахсыы.
Маҕаһыыннар, аптекалар дьон бэйэ-бэйэтиттэн 1-1,5 м ыраах буолалларын тэрийиэхтээхтэр. Куорат иһинэн суһал көмө, полиция, ЫДьМ, прокуратура, Роспотребнадзор уонна балыыһа үлэһиттэрэ эрэ көҥүл сылдьар бырааптаахтар.
“Самоизоляция” бэрээдэгин кэһии иһин ыстырааптары олохтуур сокуону Госдуума суһаллык ылынна. Холобур, улахан биричиинэтэ суох дьиэттэн тахсыы ыстырааба – 15 тыһ. солк. саҕалаан 40 тыһ. солк. тиийэ буолла. Биллэн турар, киһини барытын дьиэҕэ хаайан кэбиһэр кыаллыбат, ол иһин уураах бастаан “рекомендательнай” диэн кыбытыктаах этэ. Муус устар 8 күнүттэн, Ил Дархан уурааҕынан, “самоизоляция” эрэһиимин тутуһар тулхадыйбат эбээһинэстэннибит.
Уураах чахчы үлэлиирин туоһулаан, биирдиилээн дьону ыстырааптааһын хайаан да баар буолуоҕа диэн юристар сэрэтэллэр. Тоҕо диэтэххэ, билигин хас биирдиибититтэн дьон доруобуйатын туруга тутулуктаах буолла.
Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ уулуссаларга дьуһуурустубалыыллар. Дьаарбайа сылдьар, суһал наадата суох таһырдьа тахсыбыт дьону ыстырааптыыллар уонна дьиэлэригэр утаараллар.
Онон “Самоизоляция” билигин булгуччулаах буолла. Физичэскэй сирэй, ол аата көннөрү дьон, 1000 солкуобайтан саҕалаан 30 000 солк. ыстыраап ууруллуон сөп – бу “ураты бэлэмнээх буолуу эрэһиимэ” олохтонно да туттуллар накаастабыл. Оттон дуоһунастаах дьон бэрээдэги кэстэхтэринэ – 10 000-50 000 солк., ИП-ларга – 30 000-50 000, юридическэй сирэйдэргэ – 100 000 – 300 000 солк. ыстыраап олохтонно.
Ил Дархан укааһынан, ас маҕаһыынарыттан уонна аптекалартан ураты, суотабай сибээс маҕаһыыннара үлэлиир буоллулар.