Самбо федерацията ПДН учуотугар турар оҕолору босхо дьарыктыыр
«ПДН учуотугар турар сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго анаммыт самбо» бырайыакка олоҕуран, тэрилтэ итинник оҕолору босхо дьарыктыыр. Итини таһынан, бырайыак кыра дохуоттаах, элбэх оҕолоох ыаллар уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар туһуланар.
Бырайыагынан барыта 230 ПДН учуотугар турар оҕо хабылынна. Саала спортивнай тэрилинэн хааччыллыбыт, дьарыктанар усулуобуйа баар.
Оҕолору тренер уонна уһуйааччы, «Дьокуускай куорат самбоҕа федерацията» уопсастыбаннай тэрилтэ төрүттээччитэ Фархат Садыков дьарыктыыр.
Манна даҕатан эттэххэ, Дьокуускай куоракка ПДН учуотугар 337 сокуоннай саастарын ситэ илик оҕо турар. Бырайыак оҕолор көнө суолга үктэнэллэригэр, учуокка турааччы ахсаана аҕыйыырыгар туһуланар.
Спордунан дьарыктаныы физиологическэй уонна психологическэй кыһалҕалары туоратарга саамай үчүгэй антидепрессант быһыытынан биллэр.