08.03.2024 | 09:30

Саллаат таҥарата — ийэтэ, кэргэнэ

Наталья Андреевна Охлопкованы анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар олус убаастыыллар, ытыктыыллар, олох дьоруой курдук саныыллар диэни истэн баран, булан кэпсэтэргэ санаммытым уонна, чахчы да, дьоруойдар тыылга эмиэ бааллар эбит диэн санааҕа кэллим.
Саллаат таҥарата — ийэтэ, кэргэнэ
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Наталья Андреевна анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан үлэлиир диэтэхпинэ, сыыспаппын. Кини өссө өрөспүүбүлүкэбит Биир кэлим координационнай киинин тэрийэ (ЕКЦ), Буойуннарга аналлаах кэмитиэт тэриллэ илигинэ, дойдутуттан командировкаҕа аттаммыта. Оччолорго тугу да билбэт-көрбөт эдэркээн киһи барыыта бэйэтэ дьоруойдуу быһыы этэ. Кини ол саҕана Уус Алдан дьаһалтатыгар дьиэ кэргэн политикатын салаатыгар сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлиирэ, билигин социальнай политика салаатын үлэһитэ.

Натальяны Уссурийскайга сырыттаҕына булан кэпсэттим. Уолаттарга, биир дойдулаахтарыгар көмө, сүбэ-ама буолар, көрсөр, атаарар, докумуоннарын бэрийэр, сүүрэр-көтөр, хамандыырдарын көрсөр, байыаннай чаастарынан айанныыр, гуманитарнай көмөнү дьаһайсар. Уопсайынан, мин олох салла иһиттим, биир эрэ хайысханан сылдьыбакка, кини дэгиттэр билэр-көрөр, билигин, этэргэ дылы, “профессионал” буолбут.

Уус Алдан улууһа маннык киһилээҕинэн, бэриниилээх үлэһиттээҕинэн киэн туттуон, ону ааһан атын улуустарга холобур буолуон сөп эбит дии санаатым.

Маннык дьоммутун суруйуохтаахпыт, билиниэхтээхпит, киэн туттуохтаахпыт.

Наталья Андреевна, байыастарбытыгар көмөлөһөргө хайдах, хаһан быһаарыммыккыный?

– Үлэбинэн. Бастаан мобилизационнай хамыыһыйаҕа баар этим, ол саҕана уолаттары аҥаар кырыы ылыы буолбута дии. Онно сокуонунан төннүөн сөптөөх уолаттары төннөртөөһүн үлэтигэр ылсыбыппыт. Онтон саҕаламмыта. Улууспутуттан ыҥырыллан барар, анараа тиийбит уолаттарга, эр киһи кыһалҕатын дьахтарга быдан аһаҕастык  кэпсиир диэннэр, мобилизация саҕаланыаҕыттан мин төлөпүөнүм нүөмэрин визитка оҥорон биэрбиттэрэ. Уолаттар ханнык чааска кэлбиттэрин тута этэн испиттэрэ, онон барытын  билэ олорбуппут. Билиҥҥи үлэм да ол тэтиминэн бара турар, бары миэхэ биллэллэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штабы кытта тэҥҥэ үлэлэһэр буоламмыт, тэҥинэн быһаарсан иһэбит.

Эйигин уолаттар олус ытыктыыллар, олох дьоруой курдук саныыллар диэн истибитим.

– Уолаттар дьиэ кэргэттэригэр туох эрэ кыһалҕа, ыксаллаах түгэн үөскээтэҕинэ, байыаннай чааһы кытта кэпсэтэммин, наадалаах, сөптөөх докумуоннары хомуйсан, уоппускаҕа барыыга көмөлөһөбүн, госпитальга атаарабын, көрсөбүн, докумуоннарын иһирдьэ хаалларан кэбиһэллэр, онно сүүрэбин-көтөбүн, таҥаһа суох уолаттарга таҥас илдьэн эҥин, сорохтор харчыта да, докумуона да суох тахсааччылар, олорго ис таҥас, наскы эҥин ылаҕын, о.д.а. кыһалҕа элбэх буоллаҕа. Бааһырбыттары Ростовка наһаа үчүгэйдик көрсөллөр. Билигин онно психологическай көмөнү оҥорор киин үлэлиир, бэйэбит дьоммут, онон көмө тута оҥоһуллар.

Билигин Уссурийскайга бааргын, салгыы ханна айанныыгын?

– Хабаровскайга барыахтаахпын. Манна ВВК ааһа сылдьар уолаттарга көмөлөһө сылдьабын, ВВК-нан (военно-врачебная комиссия – Аапт.) көрдөрөн эмтэнэ да сытааччылар бааллар, реабилитация ааһалларыгар, ол быыһыгар докумуоннары оҥорууга сүүрэбин. СОГАЗ страховката баарын үгүстэр олох билбэттэр эбит. Бааһырыыларыттан көрөн төлөбүр көрүллэр, ол страховойдарыгар докумуоннара тиийбэт, сайабылыанньа эҥин суруллуохтаах. Бааһыран эмтэммит икки уол тиийэн сэриилэһэ сылдьаллар, кинилэр докумуоннарын, страховкаларын дьонун кытта кэпсэтэн оҥоттордубут, сотору төлөбүрдэрэ түһүө диэтилэр.

Манна икки нэдиэлэҕэ кэлбитим даҕаны, ый буоллум. Төттөрү-таары айанныыбын. Ыйытыылар күн аайы киирэ тураллар, онно тутатына сүбэ-ама биэрэбин, рапорт да суруйалларыгар ыарырҕаталлар. Төрөппүттэр улууспут оҕолорун ыйыталаһа олороллор, дьоннорун харыстааннар, уолаттар баарбын, үчүгэйбин эрэ диэн суруйаллар, ону сиһилии миигиттэн хайдахтарый диэн ыйыталлар.

Гуманитарканан дьарыктанабын. Уолаттарга туох наадатын сорох ардыгар спонсордарынан даҕаны кэпсэтэн була сатыыбын. Сороҕор санааларын да үллэстээри эрийэллэр, ону-маны быһаарсаары, ыйыталаһаары, түүннэри, күнүстэри 24 чаас үлэлиибин, өрөбүл диэн миэхэ суох.

Маннык сылдьаргын өйдөөбөт дьон син биир баара буолуо?

– Араас санаалаах дьон баар. Бэйэм оҥорорбун оҥоробун, кимиэхэ да мэһэйдээбэппин.

СВО элбэх киһи өйүн-санаатын, майгытын уларытта. Эн санааҕар, үтүө санаа хантан кэлэрий?

– Иитииттэн дии саныыбын. Кыра эрдэхпититтэн төрөппүттэрим, кылааһым салайааччыта патриоттуу тыыҥҥа, бары биирбит диэн үөрэппиттэрэ. Билигин маннык ыарахан кэмҥэ туора туруо суохтаахпыт, тыылга баар хас биирдии киһи бэйэтин кылаатын киллэриэхтээх. Ыалым уола сэриигэ сырыттаҕына, эн оҕоҥ эйэлээх олоххо олорорун туһугар сырдык тыыннарын да биэрэ сырыттахтарына, хайаан быар куустан олоруоххунуй.

Хантараагынан да барбыттар, мобилизациянан да барбыттар бука бары дойдуларын туһугар, биһигини көмүскүү сылдьаллар. Хайалара даҕаны харчыны баһан ыла сылдьар дьон буолбатахтар. Бары дойду туһугар диэн санаалаахтар. Бэйэтэ баҕа өттүнэн, арыгылыы сылдьан, харчы туһугар барбыта диэн сыыһа өйдөбүл баар. Мин билэбин,  хайа да уол харчынан ыһыахтана, ыскайдана сылдьыбатын, анараа харчы буолунай баранар, сыана олус ыарахан, аһыахтарын, таҥныахтарын эмиэ наада курдук. Барыта босхо буолбатах. СВОҕа уолаттар тустарыгар норуоттан элбэх харчы хомуллар, бу саамай сөптөөх дьаһал. Холобур, уставной биэрэллэр эрээри, аармыйаҕа штатка көрүллүбэт буолунай. Оборона министиэристибэтин испииһэгэр (перечень), холобур, саамай наадалаах коптердар, дроннар о.д.а. киирбэт. Ол иһин барыта гуманитарканан бара турдаҕа. Аармыйа хааччыйбат диэн саҥараллар, дьиҥэр, көрүллүөхтээх ирдэбилгэ ол вездеходтар эҥин суохтар. Кыайыылаахтык, үчүгэйдик сэриилэһэргэ тепловизор, коптер, квадроцикл наһаа наадалар, дойдуҥ уола бэйэтин харыстанарыгар наада, олоҕун быыһыа турдаҕа дии. Бэйэлэрин харчыларынан буолунайы ылыналлар, техника боппуруоһа наһаа ыарахан, рота, этэрээт аайы массыына баар буолбатах, астарын-үөллэрин син биир эбии атыылаһаллар, наадаларын таһарга техника олус наада.

Анал дьайыы хаһан эрэ син биир бүтүө. Ол кэннэ уолаттарбыт эйэлээх олоххо үктэнэллэригэр туох нааданый, эн санааҕар?

– Дьиэ кэргэнин өттүттэн күүстээх болҕомто, өйөбүл, сылаас сыһыан наада. Ордук эдэр ыал аҕалара, кэргэннэрэ уоппускаҕа тиийэн баран түргэнник аһарыналлар эбит диэн сыаналаатым. Хайдах сылдьыбыттарын эҥин кэпсээбэттэр, аһыллыбаттар, ону син биир ортотун булан тиксиһиннэрэн, кэпсэтиннэрэн, үчүгэй баҕайытык өйдөһөллөр, туттунуҥ-хайааҥ диэн көрдөһөбүн, сүбэлиибин, онон уйулҕаһыт оруолун эмиэ толоробун. Кистэл буолбатах, аһыы утаҕы иһии баар суол. Утуйбат буолууттан, араас санааҕа ылларан, бойобуой доҕотторун аһыйан, уйулҕалара, ис туруктара алдьанар. Аһарыналлар, барыта ааһар, кылаабынайа, тулуйуохха наада, ону өйдүүр өттө өйдүүр. Саамай ыараханын дьиэ кэргэнэ, чугас дьоно, ийэлэрэ ааһыахтара.

Волонтер киһи босхо көмөлөһөр, кэлэр-барар. Сороҕор сууланан баран олоруоххун баҕарбаккын дуо?

– Муниципальнай сулууспа үлэһитэ буоламмын туораттан харчы киирэрэ көҥүллэммэт, администрация командировканы уйунар.

Сууланан баран олорор толкуй киирэр бириэмэтэ да суох курдук, быһаарсар кыһалҕа элбэх.

Дьонум кэтэһэллэр, өйдүүллэр, өйүүллэр. Эрийэллэр, дьон кыһалҕатын быһаарарбын билэллэр, бэйэм хайдах иитиллибитим да, оҕолорбун эмиэ оннук иитэбин. Син биир хаһан эрэ бүтүө диэн эрэллээхтик кэтэһэбит.

Билигин видеонан күн аайы кэриэтэ төлөпүөннэһэбит, онон аттыбар баар курдуктар.

Украинаҕа сылдьыбыккын саҥа иһиттим.

– Былырыын барыта холбоон тоҕус ый сылдьыбытым. Гуманитарка таспытым, опорнай пууҥҥа уолаттары кытта үлэлээбитим. Кэнники барыыбар бэйэм сылдьыбытым. Тугун-хайдаҕын билэр буоламмын, соҕотох сылдьар төттөрүтүн куттала суох курдук дии санаатым. Уолаттар кыһалҕаларын тутатына быһаарарга, оннук сылдьар табыгастаах. Бэйэм улууһум уолаттарыгар эрэ буолбакка, ыксаллаах кэмҥэ ону араара сылдьыбаккын, хайата суһаллааҕын бастатан быһаара сатыыгын, арыый холку боппуруоһу кэлин быһаарсаҕын. Киһи онно киирдэҕинэ, мин улууһум, атын улуус диэн араарбат. Атын регион уолаттарыттан кытта ыйытыылаах тахсаллар. Холобура, Магадантан, Амурскай уобаластан, Красноярскайтан кытта, туох докумуон наадатын, хамнастарыгар тиийэ ыйыталаһаллар, сүбэлэтэллэр.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр быһаарылла турар боппуруостар кинилэргэ олус ыараханнык быһаарыллаллар эбит, элбэх көмөнөн туһамматтар.

Тыылга баар дьон уолаттарга болҕомто ууруохтаахпыт, онно хас биирдии киһи бэйэтин кылаатын киллэриэхтээх, мин оҕом, кэргэним барбата диэн туора туруо суохтаах.

Саха сирин дьахталларыгар сааскы бырааһынньыгынан баҕа санааҥ.

– Барыта этэҥҥэ буолуо, эр дьоммут кыайыылаах кэлиэхтэрэ диэн эрэллээхпин. Күүстээх аҥаардар биһиги туспутугар күүстээхтик киирсэ сылдьаллар, дойду туһугар эрэ буолбакка. Кинилэр таҥараҕа үҥпэттэр, ыксаллаах түгэн буоллаҕына, ийэлэрин, кэргэттэрин саныыллар. Хаһан эрэ Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ суруйбутун ааҕан аһарбытым: “Мин сэриигэ элбэҕи көрбүтүм, онно  таҥараҕа үҥэ олорор биир да киһини көрбөтөҕүм, бары ийэлэрин эбэтэр кэргэттэрин аатын ааттыыллар этэ”,– диэн. Онон ийэ, кэргэн эр дьоммутугар таҥара курдук сырыттахтара, кинилэр сылаас сыһыаннарынан уолаттарбыт тыыннаах эргиллэн кэлиэхтэрэ. Уолаттар бары дьоруойдар, элбэх дьоруойдуу быһыы таах хаалар, оннооҕор Дьоруой Алексей Неустроев эмиэ: “Мин эрэ дьоруой буолуом дуо, анараа баар уолаттар бары дьоруойдар”,– диэн этэр.

Бу сааскы бырааһынньык барыбытыгар өрө көтөҕүллүүнү, дьолу аҕаллын, уолаттарбыт, оҕолорбут, кэргэттэрбит бары этэҥҥэ кэллиннэр, эйэлээх эрэ халлаан баар буоллун, кыайыы биһиги туспутугар түмүктэниэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...