01.10.2021 | 19:32

Сахастат биэрэписчиктэргэ наадыйар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сахастат алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри ыытыллыахтаах Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэриэпиһин сүрүн түһүмэҕэр быстах кэмҥэ биэрэпис персоналын үлэҕэ ылар. 
Кандидаттарга ирдэбиллэр: Арассыыйа гражданствота, саастара – 18 саастан үөһээ,  сууттамматах дьон, үөрэҕи ситиһиилээхтик ааһыы. 
Биэрэпис персоналыгар ирдэбиллэр: толоругас, дьиссипилиинэлээх, эппиэтинэстээх буолуу; инструкция ирдэбиллэрин булгуччу толоруу; планшеттарынан сатаан туттуу; үлэ күнүн сатаан аттаран тэрийии, кылгас болдьоххо элбэх хабааннаах үлэни толоруу;  дьону кытта сатаан алтыһыы, сайаҕас-эйэҕэс буолуу.
Биэрэпиһи ыытарга Саха сиригэр барыта 1,6 тыһ. биэрэписчик ирдэнэр. Билиҥҥи кэмҥэ биэрэписчиктэр «Дьокуускай куорат» куорат уокуругар уонна Алдан, Ленскэй, Мирнэй, Нам, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Уус-Алдан, Хаҥалас, Чурапчы муниципальнай оройуоннарыгар наадалар.
Биэрэписчик – буолаары турар биэрэпис сүрүн үлэһитэ. Кинилэри үөрэтии кууруһа биэрэпис сүрүн түһүмэҕэ буолаары турдаҕына саҕаланар. Биэрэписчиктэри дьону кытта хайдах алтыһарга, ыйытыктары биэрэргэ, араас быһыыга-майгыга хайдах буоларга, ыйытыктарга хайдах сөпкө хоруйдуурга үөрэтэллэр. 
Хас биирдии биэрэписчиккэ биэрэпиһи ыытарга 550-ча киһи олорор учаастагын биэрэллэр. 
Итини сэргэ кинилэргэ дастабырыанньа, ыраахтан көстөр фирменнэй бэлиэлээх таҥас бэриллэр. Ирдэнэр буоллаҕына сүүскэ иилинэр банаары туттуохтарын сөп. Докумуоннары уонна планшеты итиннэ анаммыт бартыбыал-суумкаҕа уган илдьэ сылдьаллар. 
Тоҕо биэрэписчигинэн үлэлиир наадалааҕый? Ити сүдү уопут, дойдубут устуоруйатын сорҕото буолааһын. Хас биирдии биэрэпис – өйдөбүнньүк түгэн, хас биирдии биэрэпис ураты интириэһинэй, бу нэһилиэнньэ ахсаанын учуоттааһын эрэ буолбакка, араас дьону кытта алтыһыы, кэпсэтии. 
Бу ыйга саҕаланыахтаах Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис бастакы цифровой уонна бүтэһик үгэс быһыытынан ыытыллар тэрээһининэн ааттанна. Биэрэписчитттэр инники кэскили түстүүллэр, дойду устуоруйатын оҥороллор. 
Эһиги 18 сааскытын туолбут, планшеттары сатаан туттар, ноҕуруусканы тулуйар – биир ый иһигэр 550 киһиэхэ сылдьан суруйар кыахтаах уонна 18 тыһыынча хамнаска сөбүлэһэр буоллаххытына, биэрэписчик быһыытынан үлэлииргэ электроннай аадырыһынан sakha@gks.ru,   төлөпүөннэринэн 8(4112)42-45-17, 8(4112)34-16-23 эбэтэр хас биирдии муниципальнай оройуоҥҥа баар статистика салааларыгар сылдьан билсиҥ. 

САХАСТАТ
+7 (4112)42-4518
+7(4112)42-45-17
https://www.strana2020.ru/
https://vk.com/strana2020
https://ok.ru/strana2020/
https://www.facebook.com/strana2020
https://www.instagram.com/strana2020/
Youtube
Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэриэпиһин библиотеката:
https://disk.yandex.ru/d/79EKVqgukw9_DQ
Сахастат сообществолара:
https://sakha.gks.ru
https://sakha.gks.ru/folder/53472
http://stat.sakha.gks.ru/files/perep2020/index.html
https://www.instagram.com/sakhastat

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...