09.05.2020 | 10:28

Саханы салҕааччылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уһук Уйбаан

Уруйдааналаах элбэх бииргэ төрөөбүттэр, дьиэ иһэ кыймаҥнас оҕо. Төрөппүт аҕатыныын ийэтэ сэрии иннинэ ыал буолбуттара. Дуомуна (Домна) сэриигэ киһитин атаарарыгар икки кыыстаах хаалбыта. Уруйдаана аҕатын өйдөөбөт.  Ийэлэрэ  киһини билэр буолуохтарыттан ыанньыксыт. Сыһаҕастаһан, көрөн-харайан илдьэ сылдьыбыт эдьиийэ Уйгулаана киниттэн үс сыл аҕа. Аҕалара Дуодар Унаарап (Диодор Унаров) дьикти киһи эбит. Кыргыттарын саха тылыгар нууччалыы сыһыарыылаан ааттаталаабыт.

 Оччолорго туох барыта нууччалыы буолуохтааҕынан ылыныллара. Оҕону нууччалыы хабааннаан сахалыы  ааттааһын олус сэдэҕэ. Сэбиэттэр оҕоҕо аат суруйаары, хайдах буоллуҥ, буккулуннуҥ дуо диир кэмнэрэ.

Дуодар бардаҕын нөҥүө сылыгар сааһыары кимэн киириигэ дьоруойдуу охтубутун туһунан Дуомуна түөрт муннуктаах биллэрии суругу туппута.

Икки кыра оҕолоох сэрии огдооботобун диэн олорбот кэмнэр этилэр.  Ыанньыксыттыырыттан уурайбатаҕа. Кып-кыра кыысчааннарын уонна бэйэтин хоргуйуу иэдээниттэн быыһыыр хаххата ыанньыга этэ. Тоҕо диэтэххэ, кэтэх ынаҕын холкуос ыанньыгын кытта бииргэ тутара. Кэтэх ынаҕын аанньа аһаппатаҕа диир аньыыны саҥарыы кэриэтэ. Төһө даҕаны үтүө сиэрдээх-майгылаах киһи бэйэтин аһатыахтаах ынаҕын татымнык аһаппата үгүс дойҕоҕо суох биллэр. Уонна ыанньыксытынан үлэлиирин биир сүрүн үтүөтэ – ынаҕа  сылын аайы  төрүүрэ, үтүрүмэ. Хотон үлэһиттэрэ дьахталлар саас эрдэ ыанньык атыыр оҕуһугар бэйэлэрин ынахтарын тутан биэрэн саптараллара.

Кыргыттара сэрии бүппүт сылын күһүнүгэр оскуолаҕа үөрэнэ киирбиттэрэ уонна  интэринээккэ  ыллыллыбыттара.    Дуомуна отутун туола илик күүһүн үгэнигэр сылдьар эдэр дьахтар. Хос олоҕун оҥостуон баҕарара. Сэрии огдооболоро уонна эдэр, эдэрчи дьахталлар элбэхтэрэ, Хата, эр киһи аҕыйаҕа. Үгүстэр сэрии хонуутугар хаалбыттара.

Сэрии бүппүт сайыныгар Дьөгүөр Долгунуоп дойдутун булбута. Оччолорго өлүү уотуттан ордон кэллиҥ, олорон сынньана түс диэһин суоҕа. Бэйэлэрэ даҕаны үлэни ахтан утаппыттыы ылсан бараллара.  Сайын от үлэтигэр үлэлээн баран, кыстыкка киириигэ ыанньыкка от-мас тиэйэр үлэһитинэн анаабыттара.

Дьөгүөр таһыттан көрдөххө силиргэхтэнэн киил мастан оҥоһуллубут соҕох курдуга. Сэрии ынчыга, хара санаа дьайа кинини даҕаны тумнубатаҕа. Үйэтин-сааһын тухары умнубат бэлиэни тыҥатыгар хатаабыта. Чэгиэн этэ-сиинэ Дьөгүөрү өлүүттэн быыһаан, быстарбыт тыҥата эдэр, тэтиэнэх саастарыгар эмсэҕэлээбитин санаппата.

 Кэм барахсаны киһи ардыгар хаҕыс сыһыаннааҕынан ааҕар. Төһөнөн уһуннук орто дойдуга олордон, көй салгынынан тыыннаран, күн уота угуттуур сылааһынан имэритэ куустаран биэбэйдиир даҕаны, оччонон ыарахан сүгэһэрдиир. Ол эрээри кэм хаһааммыт сүгэһэрэ үтүөнэн эрэ сайар.  Олох олордон, кут-сүр өркөн үөрүүнэн, ардыгар кумуннарар кутурҕанын биллэрэн, билиини-көрүүнү хомуйа эпсэн, сүктэриэ дуо, эккин-сииҥҥин ыйааһынныыр. 

Дьөгүөр кэлбитин иккис күһүнүгэр Дуомуналыын ыал буолбуттара. Киһи астынан олорон кэпсиирэ – аҕыс оҕоломмуттара. Саха хоһуун дьахтара Дуомуна бастыҥ ыанньыксыт, уон оҕолонон Дьоруой Ийэ буолбута.

Дьөгүөр эмээхсинэ оҕолонор кэмигэр, кинини солбуйан бэйэтэ ыанньыксыттыыра. Онон холкуос, кэлин сопхуос салалтатыгар Дуомунаны солбуйар ыанньыксыты көрдөөн түбүккэ түһэрбэттэрэ. Улахаттар кыраларын көрөн-харайан оҕо дьиэтигэр биирдэрин да сырытыннарбатахтара.

Сэрии диэн иэдээн. Төһөлөөх элбэх кыргыттары сулумах, эдэр дьахтары огдообо, оҕону тулаайах хаалларбыта буолуой?! Оҕолор эрэйдээхтэри аһыыр ас кырыымчыгын кэмнэрэ, эттэрэ-хааннара үүнэр-сайдар тэтимин бохсуһан,  быһа тутуһан илдьэ хааллахтара.

 Дуомуна Унаараба тапталлаах эрин, икки кыыһын аҕаларын сүтэрбит аһыытын хам баттаан, сэрии тыына дьиппиниппит куттаах-сүрдээх, тымныйбыт ис сүрдээх  Дьөгүөр Долгунуобу дьахтар  ураты иэйиитинэн угуттаан, оҕо төрөтөн, сиргэ олох  дьолун биллэрбит, утуму салҕаабыт сахаҕа ытык киһи.

Оттон Элиэнэ Архыыпаба курдуктар хос эргэ тахсан, оҕо төрөтөн олох үөрүүтүн билбэтэхтэрин, омуктарын ахсаанын эпсибэтэхтэрин иһин, саха дьахтарын ыраас, сөҕүрүйбэт сырдык уоттаах тапталын тыыннаах туоһулара буолбатахтар дуо?

Ама, хайалара даҕаны саха омук өбүгэлэр сахтан илдьэ сылдьар мындыр толкуйдарынан олохтообут сиэрдэрин-майгыларын салҕаабатах дьахталлар дуо?!

Дьахталлар,  киһи аймах сүтүгүн самыыр аналлаах барахсаттар, охтон түһүөхтэригэр диэри үлэнэн эрэ буолбатах,  кинилэр тапталларыгар кыайыы  тирэҕирбитэ.

Сэрии кэмин кыргыттарыгар, дьахталларыгар, огдооболоругар  умнуллубат махтал өйдөбүнньүгүн хас түөлбэ аайы  туруоруллуохтаах!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....