17.05.2024 | 18:00

Сахалыы толкуйдуур оҕо тугу да ыарырҕаппат

Сахалыы толкуйдуур оҕо тугу да ыарырҕаппат
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Скрябиннар дьиэ кэргэн ийэлэрэ Вилюяна Васильевна алын кылаас учуутала, аҕалара Еремей Михайлович суол инженерэ. Икки оҕолоохтор – кыыстара иккис кылааска үөрэнэр, уоллара уһуйаан иитиллээччитэ. Эдэр ыал оҕолорун уу сахалыы саҥардаллар, сахалыы эрэ иитэллэр. Куорат усулуобуйатыгар оҕону төрөөбүт тылыттан тэйиппэт эйгэни тэрийбит уопуттарын үллэһиннилэр:

– Дьиэ кэргэн иһигэр төрүт эйгэни тэрийэргэ биһиги, бастатан туран, оҕолорбут өссө кыра буоланнар, сахалыы ойуулуктары үгүстүк көрөбүт. Билигин бэйэбит тылбытынан саҥарар ойуулук наһаа элбээн эрэрэ үөрдэр. Сахалыы киинэлэри көтүппэппит, ырыалары наар холбоон истэ сылдьабыт. “Айар” кинигэ кыһатын таһаарыыларын сэргээн ааҕабыт. Дьокуускайга “Күөрэгэй” түмсүү сыл аайы ыытар бэстибээллэригэр куоттарбакка сылдьабыт, оҕолор наһаа астыналлар.

Оҕолорбутун кытта төрүөхтэриттэн сахалыы кэпсэппиппит, ол иһин кинилэр сахалыы тылламмыттара. Арай икки түгэҥҥэ оҕобут нууччалыы саҥарар буолан хаалыа диэн долгуйа сылдьыбыппыт. Бастакытын: улахан кыыспыт логопедическай кыһалҕалардаах этэ, хойут саҥарбыта. Оннук кыһалҕалары көрсүбүт саха оҕотун төрөппүтүгэр исписэлиистэр оҕоҕутун нууччалыы үөрэтиҥ, оччоҕо биирдэ тылланыаҕа диэн өйдөбүлү соҥнууллара олохпутугар кытаанахтык киирэн сылдьар. Ону кытта мин сөпсөспөтөҕүм, дьиэбитигэр бэйэбит дьарыктанан саҕалаабыппыт. Онтон “Сайдыс” оҕону сайыннарар кииҥҥэ сахалыы логопедическай дьарыктар баар буолбуттарыгар, онно суруйтарбыппыт. Үөрэтэр кииҥҥэ сахалыы, дьиэтигэр сахалыы дьарыктанан, оҕобут саҥарбыта. Иккис түгэммит: уолбут уһуйааҥҥа барарыгар нууччалыы бөлөх эрэ баар диэбиттэрэ, кыһалҕаттан онно киирбиппит уонна нууччалыы эрэ кэпсэтэр буолан хаалыа диэн кутаммыппыт. Төрөппүттэрэ бэйэлэрэ сахалыы кэпсэтэр, оҕоттон төрөөбүт тылынан кэпсэтэри ирдиир буоллахтарына, оҕо буккуллубат эбит. Билигин уолбут уһуйааныгар нууччалыы кэпсэтэр, дьиэтигэр ыраастык сахалыы саҥарар – оҕо тыллары араарар буолар эбит. Ол иһин барыта төрөппүттэн олус улахан тутулуктаах буолар дии саныыбын.

Билиҥҥи оҕолор саҥаралларыгар нууччалыы тыллары кыбыталлар, биһиги да оҕолорбут оннуктар. Ол эрэн ону сыыс түһэрбэккэ көннөрөн, тута сахалыы тылбааһын этэн, быһааран, хатылатан иһэбин, чиҥэтэн биэриэхпин сөп.

Төһө да дьиэ иһигэр сахалыы саҥара сылдыбыппыт иһин, оскуолаҕа, уһуйааҥҥа тиийэн оҕолору кытта нууччалыы кэпсэтэллэрэ эмиэ баар. Маннык түгэҥҥэ сорох тылы умнан кэбиһэллэр, ону тута санатан, тылбааһын этэ сылдьабыт.

Гаджеттары туттууну улаханнык хааччахтаабаппыт. Табаарыстарын кытта кэпсэтэллэр. Олох туттумаҥ диэбэппит эрээри, бириэмэтин хонтуруоллуубут.

Сыыппара эйгэтэ олохпутугар күүскэ киирбитин содулугар, онно барыта нууччалыы тылынан буолан, билиҥҥи оҕо сахалыы сатаан оонньообот буолла. Бэйэ-бэйэлэрин кытта оонньуур буоллахтарына, нууччалыы чуубугураһалларын бэлиэтии истэр буолуохтааххыт.

Дьиэ кэргэн иһигэр истиҥник кэпсэтии аҕыйаабыт үйэтигэр олоробут. Оҕолорун кытта соло булан, үлэлэриттэн ордон, сахалыы буолуохтааҕар, атын да тылынан кэпсэппэт төрөппүттэр бааллар – тэйсии баар буолла. Маны кытта, билиҥҥи икки тыл булкуспут кэмигэр учууталлар, иитээччилэр туох сокуоннары тутуһан иитиэхтээхпитий, үөрэтиэхтээхпитий диэн ситэри билбэппит эмиэ баар.

Сахалыы иитиллибит оҕо ханнык да омук тылын үөрэтэригэр ыарырҕаппат. Мин ону учуутал быһыытынан да этиэхпин сөп. Эксээмэннэри туттарыыга сахалыы саҥарар уонна сахалыы толкуйдуур оҕо олох ыарырҕаппат. Сахалыы үөрэнэр, саха тылын предметин үөрэтэр ыарахан буолбатах, оҕоҕо барыта чэпчэкитик киирэр, төрөппүттэр бэйэбит чэпчэки суолу талыа суохпутун наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....