24.04.2021 | 13:34

Сахалыы саҥа киинэлэр

Сахалыы саҥа киинэлэр
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Кэнники кэмҥэ саха киинэтин таһыма үрдээн, ис хоһооно кэҥээн иһэр. Бу диэн эттэххэ, аҕыйах сыллааҕыта биһиги киинэлэрбитин аан дойду барыта биһириэ диэбиттэрэ буоллар, соччо-бачча итэҕэйиэм суоҕа этэ.

Киинэ – биһиги дьиҥ олохпут көстүүтэ, историябыт кэрэһитэ уонна аан дойду аартыгар тахсар суолбут.

Бу сырыыга саҥа тахсаары турар уонна субу буорулуу сылдьар саха киинэлэрин билиһиннэрэбит.

«Агент Мамбо: Трупак»

Муус утар 15 күнүттэн Дьокуускай куорат бары киинэ театрдарыгар «Агент Мамбо: Трупак» таҕыста.

Киинэ эпизодическай уонна ойоҕос оруолларыгар биллиилээх вайнердар, ырыаһыттар, артыыстар, рэпердэр уһуллубуттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Мин киинэни  хайдах эрэ 90-с сылларга улааппыт ыччакка анаммыт курдук көрдүм. Тыаһа-ууһа, артыыстар таҥастара-саптара, саҥалара-иҥэлэрэ, быһыылара кытта 2000 с. кэми көрдөрөр. Киинэ сүрүн режиссёрунан уонна сценариһынан Алексей Амбросьев-Чоох Мунду буолар, оттон продюсер –  биллэр артыыс Степан Порядин.

Киинэ сүрүн дьоруойа – Дьулус дэриэбинэҕэ хачыгаарынан үлэлиир. Уол олоҕор биир улахан, хаһан даҕаны туолбат ыра санаалаах. Кини ис-иһиттэн арыллан рэп толорор. Арай биирдэ бииргэ төрөөбүт эдьиийиҥ эйигин көрдүүр диэн сурук тутар. Санатан эттэххэ, кини чороҥ соҕотох улааппыт уол. Хочуолунайга бииргэ үлэлиир аллар атаһа Аппос Дьокуускайга барыахха, эйигин “сулус” оҥоруом диэн этии киллэрэр. Куоракка кэлэннэр, уолаттар сытыылара-хотуулара бэрдиттэн дуу, криминальнай олоххо сыстан бараллар.

Арыт-ардыгар киһи кутун-сүрүн баттыыр түгэннэр эмиэ бааллар.  Дьулус оҕо дьиэтигэр иитиллибит, онно бэйэтин тэҥэ саастыы кыыстыын доҕордоһон улааппыттар. Ол кыыһы биир ыал иитэ ылыаҕыттан кинилэр сибээстэрэ уһун сылларга быстар. Дьылҕа кинилэри көрүһүннэрэр. Онтон салгыы туох буолбутун бэйэҕит көрүҥ.

Киинэҕэ «Агент Мамбо» бастакы чааһыттан элбэх хартыына көстөр. Көрбөтөх буоллаххытына, YouTube-ка баара буолуо.

Санатан эттэххэ, 2019 сыллаахха «Агент Мамбо» киинэ 16 мөл. солк. киллэрбитэ. Онон, саха киинэлэриттэн саамай “кассовайынан” биллэр.

«Саллаат сүрэҕэ»

Киинэ театрдарыгар муус устар 29 күнүттэн көстөр. Режиссер — Руслан Тараховскай, сценарист — Гела Красильникова.

Талааннаах поэт, буойун суруйааччы Тимофей Сметанин саха литературатыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ, үйэлэргэ сүппэт ураты айымньылары суруйан хаалларбыта. Кинини биһиги талааннаах поэт, драматург уонна прозаик быһыытынан, дириҥ иэйиилээх хоһооннорунан, оҕолорго аналлаах остуоруйаларынан, “Лоокуут уонна Ньургуһун” драматынан, “Егор Чээрин” сэһэнинэн,   «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” уонна да атын айымньыларынан үрдүктүк сыаналыыбыт. Ол эрээри кини уоттаах сэриигэ биһиги билиҥҥи олохпут иһин хорсуннук сэриилэспитин, буойун суруйааччы буоларын үгүс киһи билбэт.

Саха сирин талааннаах режиссера Руслан Тараховскай кэтэһиилээх-күүтүүлээх  «Саллаат сүрэҕэ» киинэтэ сэрии кэминээҕи олоҕу көрдөрөр драма буолар. Ол эбэтэр Тимофей Сметанин кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕун киинэҕэ билиһиннэрэр. Манна кинини эдэр скрипач Марк хараҕынан көрдөрөллөр. 

Сүрүн оруолу толорооччу уонна бырайыак генеральнай продюсера Дмитрий Татаринов: «Биһиги киинэбит араас жанрдартан турар. Биир өттүнэн сэриилээх-кыргыһыылаах. Итиэннэ сэрии күннээҕитин көрдөрөр, ону тэҥэ боростуой саллааттар мэтириэттэрин ойуулуур байыаннай драма диэххэ сөп. Ону тэҥэ биһиги киинэ атын ис өрүтүн сайыннарабыт, онно ордук киһи чараас эйгэтин, уйулҕатын, ис мөккүөрүн таарыйар түгэннэри көрдөрөбүт... Оннук соругу анаан-минээн туруорумматахпыт даҕаны, театр артыыһын күннээҕитэ, сыана кэтэҕинээҕи олоҕо бу киинэҕэ көстөн хаалбыта эмиэ биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн буолла».

Марк оруолун биллэр-көстөр скрипач-виртуоз Олег Уаров толордо. Уопуттаах артыыс Тамара Обутовалыын бэйэ бэйэлэригэр сөп түбэһэллэр, ситэрсэн, толорсон биэрдилэр.

Күн бэҕэһээ пресса үлэһиттэригэр улахан экраҥҥа көрдөрдүлэр. Санатан эттэххэ, бу киинэ ааспыт сылга тахсыахтаах этэ. Руслан Тараховскай бу хартыынаны оруобуна үс сыл уһулла, онон аныгыскы нэдиэлэттэн саҥа киинэҕэ сылдьаргытыгар ыҥырабын.

«Миигин кытта үҥкүүлээ»

Бу киинэни эдэр режиссер Никандр Федоров устубут. Киинэ сүрүн идиэйэтэ –  маҥнайгы таптал нарын уонна ыраас иэйиитин көрдөрүү. Дьоруойдар тыа сиригэр кыра эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин билэн улааталлар, доҕордоһоллор. Ньургун ис санаатын Сайсарыга  сатаан тиэрдибэтиттэн олоҕун тутула уларыйар, атын суолга үктэнэр. Киинэҕэ киһини долгутар түгэннэр биир-биир тахса тураллар.

Никандр сценарийын 2017 сыллаахха суруйбут, оттон киинэни икки сыл кэриҥэ устубуттар. Айар бөлөх – Култуура уонна искусство колледжын устудьуоннара уонна выпускниктара. Өрөспүүбүлүкэттэн да, баай тэрилтэлэртэн да туох да материальнай өйөбүлэ суох, бэйэлэрин харчыларыгар уһуллубуттар диэтэххэ, сүрдээҕин табыллыбыт. Ол туохха көстөрүй? Оператор үлэтэ кэрэхсэбиллээх, тыыннаах кадр элбэх, тыа сирин олоҕун ойуулуур түгэннэр хайа баҕарар киһини долгуталлар. Киинэ эдэр да көрөөччүнү сэҥээрдэр, саастаах дьоҥҥо урукку тапталларын санатар.

«Рядовой Чээрин»

Кулун тутар 11 күнүгэр «Рядовой Чээрин» киинэ премьерата буолбута. Бу Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» айымньытыгар олоҕуран уһуллубут.

Күһүн, 1943 сыл. Хас да ыйдаах кыргыһыы кэнниттэн майор Беляев батальонун улахан өттүн урусхаллыыллар. Лейтенант Лобода ньиэмэс снайпердарын утарсар кыаҕа суоҕун дакылааттыыр уонна уопуттаах бэргэн ытааччылары туруорсар. Кэлиэхтээх снайпердар өстөөххө түбэһэн, суоллара урусхалланар. Бары өлөллөр, тыыннара быстар. Биир эрэ киһи тыыннаах хаалар, кини – саха снайпера Егор Чээрин. Лобода эдэр, саха снайперын тургутан көрөргө быһаарынар. Чээрин хара бастакыттан бэйэтин кыаҕын көрдөрөр, ньиэмэс снайпердарын кытта хапсыһыыга инники күөҥҥэ сылдьар.

Режиссер, сценарист – Дмитрий Кольцов. Киинэ 70 %-на CGI-графикаттан турар. Ол да буоллар, бэрт итэҕэтиилээхтик оҥорбуттарын бэлиэтиэххэ сөп. Санатан эттэххэ, өссө 2015 сыллаахха Аркадий Новиков бу киинэни устарга быһаарыммыта, Дмитрий Кольцову биир оруолу толороругар ыҥырбыта. Ол киинэҕэ сүрүн оруолу Федот Львов оонньуохтаах этэ. Новиков олохтон туораабытын кэннэ, кини саҕалаабыт бырайыагын Дмитрий Кольцов уонна продюсер Ньургун Иванов урукку матырыйааллары сөргүтэн, саҥалыы тыыны эбэн киинэ улахан экраҥҥа таҕыста.

«Иччи»

Ыам ыйын 27 күнүттэн «Art Doydu» киинэ хампаанньатын саҥа киинэтэ дойду бары киинэ театрдарыгар тахсар. Ааптарынан Саха сирин биллэр режиссера Костас Марсан буолар. Киинэҕэ ураты сиргэ олохсуйбут ыал туһунан ойууланар. Биир үтүө күн былыргы дьылларга буолан ааспыт кэм эргийэр, дьоруойдар иччилэри, көстүбэт күүстэри кытта утарсыылара саҕаланар. Киинэ устатын тухары бииртэн биир кутталлаах хартыыналар арыллан иһиэхтэрэ диэн кэпсииллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...