29.01.2020 | 13:26

“САХАЛЫЫ БУУКУБААР” СЫҺЫАРЫЫТА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Андроид уонна Айфон платформаларга “Сахалыы буукубаар” диэн бэртээхэй сыһыарыы тахсыбытын элбэх киһи истибит буолуохтаах. Арсений Колодезников былырыын сайын ыччат “Синергия Севера” фестивалыгар 100 000 солкуобай суумалаах Грант сүүйэн, бырайыагын номнуо App store-га уонна Play market-ка таһаарда.

“Киһи дойдутуттан ыраата бардаҕына, төрөөбүт сирин-уотун ордук сыаналыыр эбит. Мин ону аан бастаан аармыйаҕа сылдьан билбитим. Атын дойду, омук дьонугар бэйэм дойдум, норуотум, култуурам туһунан киэҥник тарҕатар, дьоҥҥо билиһиннэрэр ирдэнэрин өйдөөбүтүм. Хантан сылдьарбын, кимҥин-туоххун, дойдум айылҕатын уратытын, омугум менталитетын, норуотум олоҕун хаачыстыбатын, төрүт аһым, таҥаһым о.д.а. туһунан олус элбэҕи билиэхтээхпин. Сыыйа “бэйэм дойдум историятын, төрөөбүт тылбын билбэт буоллахпытына, кэнэҕэһин оҕолорбун хайдах иитэбитий?” диэн санааҕа күүскэ ылларбытым. Санаабын, ырабын дириҥэтэн, аныгы оҕо эйгэтигэр чугас буолар туһуттан, төлөпүөҥҥэ сахалыы сыһыарыы оҥорор туһунан толкуйга кэлбитим. “Маннык сыһыарыы баар, төлөпүөҥҥэр хачайдаан көр эрэ” диэн тутан олорон көрдөрөргө даҕаны астык”, — диэн кэпсиир сыһыарыы ааптара Арсений Колодезников.

Талааннаах айтишник бу иннинэ Google Play Маркекка дьүһүннэр сыһыарыыларын оҥорбут, салгыы сыыппаралары ылсан баран, кэмигэр саҥардан испэккэ, сотуллан хаалбыт.

Оттон “Сахалыы буукубаар” диэн буруолуу сылдьар саҥа сыһыарыыта, үчүгэйэ диэн, өҥнөөх, баттаатахха, буукуба дорҕооно чуолкайдык иһиллэр, ол буукубаттан тахсар предмет, кыыл-сүөл ойуута көстөр уонна нууччалыы тылбааһа, омуктуу тылынан транскрипцията суруллан тахсар. Уопсайа 40 буукуба уонна 4 дифтонг киирбит. Ону таһынан мөлтөхтүк истэр оҕолорго аналлаах азбукалаах.

“Оҕоҕо бэйэтигэр сыҥалаан кэбиспэккэ, төрөппүт тэҥҥэ ылсан иһэрэ ордук көдүүстээх буолуоҕа. Инникитин сыыппаралары, өҥнөрү уо.д.а. киллэриэххэ сөп”, — диэн ааптар санаатын үллэстэр.

Бу сыһыарыыны хачайдаан, оҕолоргутугар сахалыы буукубаары үөрэтиҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....