09.11.2020 | 10:41

САХАЛАР КЫАЙЫЫ ТУҺУГАР КЫЛААТТАРА

САХАЛАР КЫАЙЫЫ ТУҺУГАР КЫЛААТТАРА
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кыайыы туһугар хас биирдии сэбиэскэй киһи бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ. Саха дьоно онтон да туора турбатахтара. Сыалай тааҥка оҥоһуутугар төһөлөөх үбү, көмүһү куппуттара буолуой, дьахталлар барахсаттар күүстээх үлэлэрин кэнниттэн кээнчэ, үтүлүк тигэн ыыталлара, “Барыта фроҥҥа, барыта Кыайыы туһугар!” диэн салайтаран күннэрин-түүннэрин аахсыбакка үлэлээбиттэрэ, көлөһүннэрин тохпуттара. Онон эрэ кыайыы ситиһиллибитэ, онон эрэ эйэлээх олох кэлбитэ.

Сэрии кэмигэр фроҥҥа 37 965 киһи өлбүтэ, оттон тыылга аччыктаан 60-тан тахса тыһыынча киһи суорума суолламмыта. Бу барыта ким эрэ аймаҕа, уруута, ийэтэ, аҕата, оҕото этэ.

Саха сирин 18 оройуонуттан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыһыл Аармыйаҕа дойдуларын чиэһин көмүскүү 62 091 киһи ыҥырыллыбыта, ол иһигэр 1941 сыллаахха – 17 179, 1942 с. – 23 747, 1943-кэ – 13 843, 1944 сыллаахха – 5 068 киһи.

660 саха киһитэ фроҥҥа баҕа өттүнэн барбыта. Маны таһынан, Саха сириттэн сибээс чааһыгар, салгын оборонатыгар, фронт уонна аармыйа госпиталларыгар 418 кыыс уонна дьахтар ыҥырыллыбыта.

Төһө да дьон аччыктаан, тыыннара кылгаан сырыттар олохтоохтор оборона фондатыгар 380 660 тыһыынча солкуобайы, 23 киилэ кыһыл көмүһү, 553 киилэ үрүҥ көмүһү хомуйан туттарбыттара. Маны таһынан, 40 тыһыынча балыгы Хотугу Муустаах акыйаан биэрэгиттэн бултаан фроҥҥа ыыппыттара, 90 мөлүйүөн солкуобай суумалаах күндү түүлээх эмиэ кыайыы туһугар диэн утаарыллыбыта.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар заемҥа суруйтарыы, облигация атыылаһыы, харчы хомуйуута тэриллибитэ. Ол курдук заемҥа суруйтарыы 380 660 солкуобайы киллэрбитэ, ол иһигэр бойобуой тиэхиньикэни тутууга – 27 068 солкуобай (“Советская Якутия”, “Алданский горняк” тааҥка колонната, истребитель-сөмөлүөттэр – “Комсомолец Джугджурзолото”, “Советский полярник” эскадрилья, “Медицинский работник” медицинскэй сөмөлүөт).

АЛСИБ трассанан Дьокуускайтан Красноярскайга диэри 1-кы Краснознаменнай авиадивизия американскай бойобуой сөмөлүөттэрин көтүүтэ тэриллибитэ уонна толоруллубута.

Хорсун быһыыларын иһин 24 саха киһитэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа үрдүк ааты ылбыттара уонна 1 киһи Арассыыйа Дьоруойа буолбута.

Саха буойуннара сэриигэ бэйэлэрин хорсуннарын, булугас өйдөрүн, мындыр буолалларын көрдөрбүттэрэ, уонтан тахса тыһыынча биир дойдулаахпыт бойобуой уордьаннарынан уонна мэдээллэринэн наҕараадаламмыттара. Берлиҥҥэ, Рейхстаг истиэнэтигэр ааттарын-суолларын суруйан хаалларбыт буойун-саллааттарбыт бааллар.

“Кыайыы” мемориальнай комлекс. Бу Аҕа дойду Улуу сэриитигэр тыыннарын толук уурбут саллааттарга ананар. Туруоруллубут миэстэтэ мээнэҕэ буолбатах: сэрии сылларыгар манна эдэркээн уолаттар мустан фроҥҥа барбыттара. Мемориал ааптардара: скульптордар В. Петербуржцев, А. Степанов, архитектордар И.. Слепцов, Иван Андросов.

YakutskHistory сайтан ылылынна

П.В. Аммосов, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, А.И. Мишин, Алданнааҕы ВКП(б) сэкирэтээрэ Саха АССР үлэһит норуотун үбүгэр тутуллубут тааҥка таһыгар байыаннай собуот аттыгар. Москва, 1942 сыл сэтинньи.

"Танк Советская Якутия" былакаат, худуоһунньук Романов Петр Петрович, 1942 сыл.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...