04.10.2022 | 14:00

«Сахафильм» уус-уран салайааччыта Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка киинэ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн талылынна

Өрөспүүбүлүкэ Култуураҕа министиэристибэтин баһылыга Юрий Куприянов «Сахафильм» уус-уран салайааччыта Алексей Романов Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка киинэ хамыыһыйатын салайар буолла диэн иһитиннэрдэ.
«Сахафильм» уус-уран салайааччыта Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка киинэ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн талылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ киинэ хамыыһыйатын бастакы мунньаҕар кытынна. Тэрээһиҥҥэ РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы федерациятын миниистирин солбуйааччы Марат Шамьюнов, РФ Кинематографияҕа уонна цифровой сайдыыга департаменын дириэктэрэ Дмитрий Давиденко, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуруктар бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

«Уһук Илиҥҥи уонна Арассыыйа таһымнарыгар киинэ сайдыытыгар кылааппытын, уопуппутун учуоттаан киинэ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн Алексей Семенович Романов талылынна. Үлэ барыллаан былаана чопчуланна, итини биһиги сэтинньи ыйга бигэргэтиэхтээхпит. «Сахафильм» киинэ хампаанньатыгар улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ. Кини регионнарга киинэ устар тэрилинэн хааччыйыыны сыаналыыр  биир кэлим операторынан буолуоҕа», - диэн бэлиэтээтэ Юрий Куприянов.

Алексей Семенович Романов – продюсер, киинэ режиссера, сценарист, «Сахафильм» киинэ хампаанньатын төрүттээччи,  уус-уран салайааччы.

«Биһиги Уһук Илиҥҥэ бүттүүнүгэр «Сахафильм» уопутун уонна кыаҕын туһаныы туһунан дьүүллэстибит. Саха сирин үлэни сүрүннүүр киин оҥорор былаан баар, ол туһугар техническэй базабытын саҥардыахпытын наада», — диэтэ Алексей Романов.

«Сахафильм» уус-уран салайааччыта эппитинэн, РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы федерациятын министиэристибэтэ, өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн, көмөлөһөргө бэлэм.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....