18.10.2022 | 19:00

«Сахафильм» үбүлүөйүнэн босхо киинэҕэ ыҥырар

Алтынньы 17 күнүттэн «Сахафильм» киинэ хампаанньата, 30 сыллаах уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйдэринэн, нэдиэлэ аайы ыытыллар «Киинэ барыбытыгар» аахсыйаны биллэрдэ.
«Сахафильм» үбүлүөйүнэн босхо киинэҕэ ыҥырар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аахсыйа чэрчитинэн, саха киинэлэрин бэнидиэнньиккэ, оптуорунньукка, сэрэдэҕэ күнүс 12:00 чаастан босхо көрүөххэ сөп. Тэрээһин сыл бүтүөр диэри салҕанар.

««Сахафильм» афишаны көрөөччү баҕа санаатын учуоттаан оҥордо. Аахсыйа Далан «Дьикти сааһыттан» саҕаланна. Салгыы «Снайпер саха» уонна «Журавли над Ильменем» тахсаллар. Онтон Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр үрдүк ситиһиилэммит «Надо мною солнце не садится» уонна «Тойон кыыл» киинэлэри көрдөрүөхтэрэ», - диэн кэпсээтэ СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин.

Киинэ саалатын аадырыһа: Ленин пр., 45.

Каасса төлөпүөнэ: 8-(914)-266-84-42

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...