Саха ыччатын угуйар киҥкиниир киэҥ куйаар
Дьокуускайга иккис төгүлүн ыытыллыбыт С.П.Королев аатынан научнай ааҕыыларга космонавт-испытатель Олег Артемьев кэлэн барда. Космос куйаарыгар чахчы тахса сылдьыбыт, СССР уонна Арассыыйа 118-с космонавта, аан дойду 534-с астронавта буолбут билиҥҥи кэм геройун кытта саҥа арыллыахтаах 39-ус нүөмэрдээх оскуолаҕа көрсүһүү буолан ааста.
Королев ааҕыыларыгар оскуола үөрэнээччилэрэ тэхиньиичэскэй, гуманитарнай, естесственно-научнай хайысхаларынан бырайыактары көмүскүүллэр. Куонкурус ийэ дойду уонна аан дойду космонавтикатын ситиһиитин киэҥ эйгэҕэ тарҕатар, талааннаах оҕолору өйүүр, идэлэрин таларга тирэх буолар сыаллаах.
Сүүмэрдиир түһүмэххэ 1012 кыттааччы настаабынньык учууталларын кытта кытыннылар, кинилэртэн 320 бастыҥ үлэлээхтэр 9 секцияҕа арахсан үлэлээтилэр. Троицкай, Красноярскай, Дьокуускай, Покровскай, Өлүөхүмэ, Амма, Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Ньурба, Уус Алдан кыттааччылара муһуннулар. Экспертэринэн Космофизика уонна аэрономия институтун, РНА СС Криолитозона уонна биологическай кыһалҕалары үөрэтэр институтун, ХИФУ, АГИКИ, Дьокуускайдааҕы авиационнай тэхиньиичэскэй училищетын, Сибээс уонна энергетика колледжын, “Айар уустар” Креативнай индустрия колледжын уһуйааччылара, Дьокуускай куорат эбии үөрэхтээһинин тэрилтэлэрин бастыҥ учууталлара буоллулар.
Иккис төгүлүн ыытыллар тэрээһиҥҥэ быйыл летчик-космонавт, Арассыыйа геройа, Москва дууматын дьокутаата Олег Артемьев; Троицкай куорат баһылыга Владимир Дудочкин; “РИСКСАТ” научнай чинчийэр хампаанньа генеральнай дириэктэрэ, тэхиньиичэскэй наука кандидата, полковник, МАИ доцена Алексей Кучейко; “Арктика уонна космос” бырайыактыыр сессия салайааччыта, РФ Космонавтикаҕа Федерациятын чилиэнэ Ольга Мороз; МАИ Аэрокосмическай институтун дириэктэрэ Ольга Тушавина ыалдьыттаатылар. Кинилэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр.
Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар ытык ыалдьыттары үҥкүү ансаамбыллара, хомус кэлэктииптэрэ эҕэрдэлээтилэр. Дьокуускай куорат Үөрэххэ управлениетын салайааччыта Мария Петрова Олег Артемьевка "Любимый город" кинигэни бэлэх туттарда. Бу 75 грамм эрэ ыйааһыннаах Дьокуускай туһунан хоһооннору түмпүт кинигэни Арассыыйа геройа, Саха сирин чугас доҕоро Олег Кононенкоҕа тиксэриэхтээхтэр. Космонавт куйаарга көтөрүгэр бэйэтин кытта 1 киилэ тус малын ылар кыахтаах, ол иһин бу кинигэ ону учуоттаан, олус дьоҕус кээмэйинэн оҥоһуллубут.
***
Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев космоһынан улаханнык үлүһүйэр. Саамай улахан баҕа санаата – сахаттан космонавт тахсыан баҕарар.
Биһиги хаһыаппытыгар хас да сыллааҕыта психология наукатын кандидата, социальнай психология, имиджелогия, акмеология, космос уонна авиация психологиятын, аэрокосмическэй эйгэҕэ уопсастыбаннаһы кытта сибээс исписэлииһэ, 40-тан тахса научнай үлэ ааптара, “Москватааҕы авиационнай институт” Научнай чинчийэр университет” омук тылыгар институтун “Үрдүк технологияларга реклама уонна уопсастыбаннаһы кытта сибээс” кафедратын доцена Саргылаана Захарова интервьютугар маннык диэбиттээх: “Мин саныахпар, киһиэхэ кыаллыбат диэн суох. Бу олоххо тугу эрэ күүскэ баҕарар, туохха эрэ дьүккүөрдээхтик дьулуһар буоллаххына, тугу барытын ситиһиэххэ, кыайыахха сөп. Аан дойду сокуоннарын кытта сөпсөһөн, Таҥара көмөлөстөҕүнэ, ыра санаа барыта туолан иһэр айылгылаах. Ситиэххэ-хотуохха, онно бэлэм буолуохха эрэ наада диибин.
Космонавтар этэрээттэригэр Арассыыйа ханнык баҕарар гражданина сүүмэрдээһиҥҥэ кыттар кыахтаах. Саамай сүрүнэ – Роскосмос ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр буолуохтааххын. Онон биһиги да дьоммутуттан холонон көрүөхтэрин сөп. Мин бэйэбит оҕолорбутугар эрэнэбин, кыахтаахтар бааллар дии саныыбын”