«Саха өйүн-санаатын өрө тардан, үрдүк таһымнаах оҥордо»
Сүүрбэччэ сыллааҕыта Саха сирин суруйааччыларын сойууһа суруйар талааннаах ыччаты түмэн, айымньыларын ырытар үтүө үгэһи олохтообута. Ити үлэ түмүгэр саха литературатыгар эдэр суруйааччылар көлүөнэлэрэ кэлбитэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ — Дьокуускай куораттааҕы «Айыы Кыһата» оскуола дириэктэрин солбуйааччы, кириитик Рустам Каженкин Таас Тумуска бу иккис сырыыта.
– Рустам Николаевич, саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов бу сотору 75 сааһын туолар. Кини айымньыларын эдэр көлүөнэ дьон хайдах ылынаҕыт?
– Николай Алексеевич Лугинов бэйэтин көлүөнэтин киһитэ Андрей Саввич Борисов курдук саха дьолугар төрөөбүт. Маннык дьонноох буоламмыт, саха омугун – Арассыыйа ханнык да атын норуоттара санамматах тиэмэлэригэр – түҥ былыргы бэйэбит устуоруйабытыгар хайыһыннарар хас да кинигэни суруйда. Олору көннөрү устуоруйа кэрчигин курдук көрөн-ааҕан кэбиспэккэ, киһи киһиэхэ, судаарыстыба киһиэхэ сыһыаннарын өттүттэн ылан аахтахха, кэми курдаттыыр өссө элбэх, уустук хардарыта сыһыаннаһыылар тахсан иһэллэр. Ол курдук сүдү суолталаах, таһымнаах айымньылары биһиэхэ Николай Алексеевич биэрдэ. Ону тэҥэ “Кустук”, “Суор”, “Сэргэ” курдук кылгас эрээри киһи ис туругун ойуулаан көрдөрөр, дириҥ ис хоһоонноох айымньыларынан саха өйүн-санаатын, литературатын, култууратын байыппыта, өрө тардан үрдүк таһымнаан, өһүөлээн биэрбитэ, биллэн турар, үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан бара туруоҕа. Мин кини литератураҕа кылаатын итинник ылынабын.
– Хайа баҕарар эйгэҕэ көлүөнэ солбуйсуута уонна ситимнэһиитэ диэн баар. Николай Алексеевич итиннэ ыытар үлэтин туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
– Николай Алексеевич эдэр суруйааччылары бэйэтин көлүөнэтин кытта ситимниир улахан үлэни ыытан кэллэ. Ити сэбиэскэй кэмҥэ хомсомуол саҕаттан, киһи быһыытынан сайдан-үүнэн тахсыбыт суолун-ииһин уратыта буолуон сөп. Ол курдук билигин суох Василий Егорович Васильев-Харысхал, Николай Егорович Винокуров-Урсун курдук улахан суруйааччылар, билигин баар норуодунай суруйааччылар Наталья Харлампьева, Павел Харитонов-Ойуку биһигини бу 20 сыл тухары көрөн-истэн, сүбэлээн-амалаан аҕай кэллилэр. Кинилэр мөҕөллөрө-этэллэрэ да сүрдээх минньигэстик иһиллэр буоллаҕа дии.
– Оттон бу Куокуй сиригэр-уотугар “Таас Тумус күөнүгэр” диэн биэрии уһуллубута хаһыс да сыла буолла. Ити биэрии ыччакка, кэлэр көлүөнэҕэ туох суолталааҕын эдэр суруйааччы быһыытынан этиэҥ дуо?
– Николай Алексеевич ыытар элбэх үлэтиттэн биирдэстэрэ “Таас Тумус күөнүгэр” бырайыак буолар. Бу бырайыак суолтатын киһи тутатына этэ охсубата буолуо. Ол гынан баран мин билиҥҥи көрүүбүнэн эттэхпинэ, манна билиҥҥи саха култууратын, ускуустубатын үөһүгэр сылдьар киһи өйө-санаата, духуобунай эйгэтэ иитиллэр. Мин бу бырайыагы бастакы тахсыытыттан наһаа сөбүлүүбүн, тоҕо диэтэххэ биһиги улаханнык ытыктыыр убайбыт Баһылай Харысхал наһаа үчүгэй этиилэрэ, о.д.а. киирбиттэрэ. Онон бу биэрии суолтата бириэмэ аастаҕын аайы өссө улаатан иһиэҕэ.
– Саамай үчүгэйэ диэн, бу биэриилэр кэлиҥҥи көлүөнэҕэ анаан оҥоһуллан тахсаллар.
– Билиҥҥи цифровой кэм итинэн үчүгэй, бу устуулар чахчы үйэ-саас тухары хаалалларыгар эрэнэбит. Холобур, урукку кэмҥэ Елена Миронова хаарыан устуулара пленкаттан пленкаҕа уһулла сылдьан, сотуллан хааллахтара дии. Мин махтаныам этэ Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһыгар, Куокуй нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр. Бу биэриилэр уһуллалларыгар кинилэр көмөлөрө олус улахан. Николай Алексеевиһы улууһун, нэһилиэгин дьоно олус өйүүллэрин, улахан тирэх буолалларын илэ харахпытынан көрөн итэҕэйдибит. Чахчы ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат диэн өс хоһооно кини туһунан этиллэр эбит.
Ааптар хаартыскалара