25.01.2024 | 12:00

Саха учуонайдара электричество уотунан хааччыйар оҥоһукка патент ыллылар

Саха учуонайдара электричество уотунан хааччыйар оҥоһукка патент ыллылар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Хоту улуустарга, сорох дьоҕус бөһүөлэктэргэ интэриниэт ситимэ, электричество уота күн бүгүҥҥэ диэри «киһилии» үлэлээбэтэ кистэл буолбатах.

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ учуонайдара көс олохтоох норуоттарга анаан электричество уотунан хааччыйар тэрили оҥорон, ону туоһулуур патент ылары ситистилэр. Хоту дойду усулуобуйатыгар олус туһалаах тэрили оҥорууга М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Чукоткатааҕы филиалын уопсай дьиссипилиинэлэр хаапыдыраларын преподавателэ Майя Артемьева уонна төрдүс куурус устудьуона Симеон Айневтегин үлэлэспиттэр. Ааптардар оҥоһуктара эрэллээҕин уонна туһанарга табыгастааҕын бэлиэтииллэр.

«Араас температураттан электрическэй энергияны ылыы ньымата 19-с үйэттэн баар. Холобура, сэрии саҕана уоту котелоктан ылаллара. Маннык тэриллэри хайыы үйэ Арассыыйаҕа оҥорон таһаараллар эрээри, биһиги оҥоһукпут конструкциятынан уонна кутталы үөскэппэтинэн уратылаах. Маны таһынан, оҥоһукпут атын тэриллэртэн бары өттүнэн икки төгүл чэпчэки»,- диэн быһаарар Майя Артемьева.

Инновационнай тэрил көс олохтоох норуоттар күннээҕи олоххо көрсөр кыһалҕаларын учуоттаан оҥоһуллубута кэрэхсэбиллээх. Устудьуон уол Симеон бэйэтэ тымныы айылҕалаах Чукотка төрүт олохтооҕо буолан, хоту сир олоҕун-дьаһаҕын этинэн-хаанынан үчүгэйдик билэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...