29.04.2023 | 13:39

Саха тылын, литературатын уонна төрүт култуура учууталлара баһылык бириэмийэтин туттулар

Саха тылын, литературатын уонна төрүт култуура  учууталлара баһылык бириэмийэтин туттулар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устар 27 күнүгэр баһылык Евгений Григорьев киин куорат үөрэх кыһаларын саха тылын, литературатын уонна төрүт култуура бастыҥ учууталларыгар 100 000  солк. кээмэйдээх бириэмийэлэри туттарда. 
«Уопсастыбаҕа уонна үүнэр көлүөнэ духуобунай-сиэр-майгы өттүнэн сайдыытыгар учуутал оруолун бэлиэтээн туран, бу бириэмийэ дойду баһылыга Владимир Путин биллэрбит Учуутал уонна уһуйааччы сылынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр туттарыллар.
Куорат оскуолаларын учууталларын уонна уһуйааччыларын бастыҥ уопута үөрэх атын кыһаларыгар туһаныллыаҕа диэн эрэнэбин», - диэн бэлиэтиир Евгений Григорьев.
«Нуучча оскуолатыгар саха тылын, литературатын уонна төрүт култууратын үөрэтиигэ бастыҥ учуутал» анал аат Таися Егоровна Кулакинаҕа, В.И. Малышкин аатынан 23 №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын (кэккэ предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр) учууталыгар ананна. 
«Сахалыы оскуолаҕа саха тылын, литературатын уонна төрүт култуураны үөрэтиигэ бастыҥ учуутал» анал аатынан Майя Виссарионовна Осипова, «Саха-политехническэй лицей» МАОУ учуутала, наҕараадаланна.
«Сахалыы уһуйаан бастыҥ иитээччитэ» хайысхаҕа 100 000 солк. кээмэйдээх бириэмийэ хаһаайынынан Мария Михайловна Петрова, Е.Г Корнилова аатынан 51 №-дээх «Кэскил» оҕо саадын иитээччитэ, наҕараадаланна. 
Санатар буоллахха, саха тылын, литературатын уонна төрүт култуура бастыҥ учууталларыгар бириэмийэ олохтооһун туһунан Дьокуускай куорат баһылыгын 30п №-дээх уурааҕа быйыл, 2023 сыл олунньу 13 күнүгэр, баттаммыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...