28.10.2023 | 10:00

Саха спордун уҥа илиитэ

Саха спордун уҥа илиитэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Мэҥэ Хаҥалас Лоомтукатыттан төрүттээх Юрий Петрович Баишев үлэтин Ленин аатынан сопхуоска оробуочайынан, аармыйаҕа сулууспаттан саҕалаабыта. Оскуолаҕа Спиридон Яковлевич Павлов диэн бэртээхэй физкультура учууталыгар үөрэнэн, спорт үгүс көрүҥнэригэр оройуонугар инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Тустан бастыыра. Физкультура уонна спорт эйгэтигэр уһуннук үлэлээтэ, үлэлии да сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах салайааччы. Анал физкультурнай үөрэхтээх, педагогическай наука кандидата, 1992 сылтан спорт миниистирдэрин барыларын кытта үлэлэстэ, кэлиҥҥи уон сылга икки төгүл Ил Түмэн дьокутаатынан  талыллан, физкультура уонна спорт сис кэмитиэтин үүннээтэ-тэһииннээтэ.  Саҥаны киллэрэр, ырыҥалыыр, айар-тутар уратылаах.

Улуу дьоннуун ыкса алтыһан

1975 с. Красноярскайдааҕы пединститут физкультурнай салаатыгар үөрэххэ киирэн, Олимпийскай оонньуулар икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Иван Ярыгин, тустуу профессора, ССРС тустууга федерациятын бэрэсидьиэнэ, уон Олимпийскай чөмпүйүөнү ииппит Арассыыйа Үлэтин Дьоруойа  Дмитрий Георгиевич Миндиашвили, үтүөлээх тренер Владимир Леонидович Гусев курдук уһулуччулаах   дьону кытта ыкса алтыһан, спорт ымпыктарыгар-чымпыктарыгар улахан оскуоланы ааспытынан киэн туттуон туттар. Улуу дьонтон дириҥ билиини иҥэриммитэ. Маастарга кандидат нуорматын толорбута. Дьиҥинэн, билигин да хары баттаһыытыгар кыахтааҕыттан сылыктаатахха,  кырата маастар эҥин буолуон сөп эбитэ буолуо да, болҕомтотун үөрэх-иитии хайысхатыгар туһаайбыта.

Майа орто оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээн, эдэр эрчимнээх исписэлиис быһыытынан бэйэтин көрдөрөн, куоракка ыҥырыллан, биллиилээх сүүрүк-быһый, мелодист-ырыаһыт, тэрийээччи-салайааччы, тэрийэр-салайар дьоҕурдаах Аркадий Михайлович Алексеев бэрэссэдээтэллээх өрөспүүбүлүкэ “Урожайыгар” ыҥырыллыбыта. “Урожай” иһинэн үлэлиир оҕо спорт оскуолатыгар завуһунан, онтон дириэктэринэн,  салгыы,  бэрэссэдээтэли солбуйааччынан үлэлээбитэ. 1981-1987 сс. өрүс нөҥүө, айылҕатынан сүүрэргэ-көтөргө олус табыгастаах сиргэ турар Төхтүр бөһүөлэгэр тустуу баазатын көҕүлээн туппуттара. 1985 с. Дьокуускайга ыытыллыбыт көҥүл тустууга ССРС чемпионатыгар өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын бөҕөстөрө ити дьоһун баазаҕа бэлэмнэммиттэрэ. Үрдүк мырааннаах, кытылга кумахтаах бааза дьарыктанарга олус табыгастаах этэ. Сибиэһэй иҥэмтэлээх ас-үөл толору хааччыллан, сопхуос өттүттэн дьарыктанарга өйөбүл оҥоһуллан, тыа сирин усулуобуйатыгар бэртээхэй көмө тэриллибитэ. 

Айар дьоҕурдаах, өрүүтүн саҥаны тобулан олоххо киллэрэ сатыыр салайааччытын Аркадий Михайловиһы учууталын курдук ытыктабыллаахтык ахтар. Иккиэн элбэх идеялаах салайааччылар, онон биир санаанан бэркэ үлэлээбиттэрэ. Намҥа Тыа сирин спортивнай оонньууларын балааккалары туруортаан, үрдүттэн олорон, күрэхтэһэн, араас култуурунай-маассабай дьаһаллары, күрэхтэһиилэри олус сэргэхтик ыыппыттара. Аммаҕа буолбут Манчаары спартакиадатыгар стадион тутуллубута. Оҕолорго эмиэ өйдөбүнньүк мэтээллэрдээх, атрибутикалаах тыа сирин оонньуулара көҕүлэммиттэрэ. Онон, тэрийэр-көҕүлүүр үлэлэргэ Юрий Баишев өрөспүүбүлүкэ таһымнаах киэҥ өрүттээх дьаһаллары ыытыыга улахан үөрүйэҕи ылбыта.

Уларыйыылары уҥуордаан

Кэм ирдэбилинэн спорка саҥаттан саҥа тэрээһиннэр, уларыйыылар бараллара. Саҥа салайар араҥа үлэһиттэр кэлэллэрэ. 1987 с. спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолата уонна Олимпийскай эрэл училищета  холбоһоннор, Юрий Баишев тэрийэр дьоҕурдааҕын көрдөрөн, дириэктэринэн анаммыта.  Спорт миниистирэ Виктор Петрович Ноговицын кэмигэр 1993 с. спорка үрдүкү ситиһиилэр Управлениета тэриллибитигэр дириэктэрдээбитэ. Дойду үрдүнэн  уларыйыы кэмигэр үп-харчы кырыымчык этэ. Хамнас кэлэн биэрбэтинэн, ас-үөл, табаар да аҕыйаабытынан, олоххо-дьаһахха, үлэҕэ-хамнаска ыарахаттар бааллара. Итинник кытаанах быһыыга-майгыга олорон биэрбэтэхтэрэ. Бэйэлэрин кыахтарынан туох кыаллары оҥоро сатыыллара. Спортсменнар  аһылыктарыгар болҕомто ууруллубута. Куобаҕы  бултааһыҥҥа биригээдэ тэриллибитэ, Байанай “мичик” гыммыт булда спортсменнарга  түҥэтиллэрэ. Сүүмэрдэммит хамаанда иҥэмтэлээх аһынан-үөлүнэн хааччыллыбыта.

Спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолатыгар кэпсэтиилэргэ тустуук уолаттар аармыйаҕа тиийэн сулууспалыыр кэмнэрин мүччү туппакка,  салгыы сайдалларын ситиһэр сыаллаах-соруктаах үлэ ыытыллыбыта. Сүнньүнэн, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Климент Кириллович Корякин Забайкальскай байыаннай уокуругу кытта кэпсэтэн, өрөспүүбүлүкэ военкома Виталий Николаевич Попову кытта түһэрсиллибит дуогабарга сөп түбэһиннэрэн, уолаттар сулууспалыыр чаастарыгар  экспериментальнай бөлөх тэриллибитэ. Ол көдьүүстээҕэ көстүбүтэ. Петр Юмшанов Европаҕа миэстэлэспитэ, Кирилл Павлов, Алексей Варламов норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдары кыайталаабыттара. Артур Федоров ССРС Сэбилэниилээх Күүстэригэр чөмпүйүөннээбитэ. Хамсааһын тахсыбыта.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата өйөөн

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев өйөбүлүнэн спорт үрдүк таһымҥа тахсыбыта. Олимпийскай оонньуулар 100 сылларыгар 1996 с. Атлантаҕа буолбут Олимпийскай оонньууларга  150 киһилээх Саха сирин делегациятын Юрий Баишев уонна дуобакка “Рейтинг-плюс” салайааччыта Иннокентий Андросов салайан илдьэ сылдьыбыттара. Артур Федоров уонна Владимир Торговкин тустаннар, Олимпиада күүрээнин, тыынын билбиттэрэ. Сүүрэн-көтөн, эндирдэрдээх туруорсууларынан “Азия оҕолоро” уотун Олимпийскай чөмпүйүөн Р.М. Дмитриев уматан, лампаадаҕа ылан, пилоттар кабиналарыгар уган, көҥүллэтэн, элбэх хонтуруолу, бэрэбиэркэни ааһаннар, Дьокуускайга аҕалбыттара.

Ити сыл норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” көҕүлэнэн, 1-кы Оонньуулар Дьокуускайга үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыттара.  Идиэйэтин Михаил Ефимович сахпыта, өрөспүүбүлүкэ спорка миниистирэ Виктор Петрович Ноговицын, миниистири солбуйааччы Михаил Егорович Друзьянов, “Азия оҕолорун” оонньууларын Дирекциятын салайааччыта Иннокентий Юрьевич Григорьев уонна спорка үрдүкү маастарыстыба управлениетын начаалынньыга Юрий Петрович Баишев Оонньуулар ыытыллыыларын олоххо киллэрбит толорооччулар этилэр. Физкультура уонна спорт өрө тутуллан, судаарыстыбаннай политиканан буолбута. Биир өйүнэн-санаанан спорт эйгэтигэр саҥа сүүрээннэр олоххо киллэриллибитинэн барбыттара. Олимпийскай бырагыраама ылыллыбыта. Сүүмэрдэммит хамаандаҕа киллэриллибит спортсмен-инструктордар хамнастаммыттара.

Тустуу федерациятын салайааччытын эбээһинэһин М.Е. Николаев  бэйэтинэн ылынарга сөбүлэспитэ.  Бырабыыталыстыба  бэрэссэдээтэлиттэн, бэрэссэдээтэли солбуйааччылартан саҕалаан, бары миниистирдэр, биирдиилээн спорт көрүҥнэринэн федерациялары салайбыттара.  2000 сыллаахха федерациялары түмэр М.Е. Николаев салайааччылаах спорт өрөспүүбүлүкэтээҕи Ассоциацията тэриллибитэ. Толорооччу дириэктэринэн Юрий Петрович Баишев анаммыта. Итинник Ассоциациялар улуустарга, оройуоннарга эмиэ тэриллибиттэрэ. Дьон-сэргэ баһыйар үгүс араҥата тардыһар, санаатын табар, биир сыалга-сорукка түмэр  чөл олоҕу, физкультура уонна спорт эйгэтин өрөспүүбүлүкэ салалтата улаханнык өйөөбүтэ.

Саҥа сүүрээннэр

2003 с. Госкомспорт бэрэссэдээтэлинэн үлэтин саҕалаабыт Михаил Дмитриевич Гуляев ыҥырыытынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Вячеслав Анатольевич Штыров ыйааҕынан Юрий Петрович Баишев Госкомспорт бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччынан анаммыта. Саха сирин норуоттарын Спортивнай оонньуулара, Манчаары оонньуулара, “Азия оҕолорун” оонньуулара өрөспүүбүлүкэни салгыы өрө көтөхпүттэрэ. 

Азия дойдуларын кытта сылаас, истиҥ-иһирэх сыһыан  күн бүгүн оруола сүҥкэн. Спортивнай оонньуулар, Манчаары оонньуулара социальнай, култуурунай-экономическай сайдыыга тиэрдэр суолталаахтарынан, оройуоннар, улуустар бэйэлэригэр ыла сатыыр буоланнар, былдьаһыылаах, улахан куонкурустар ыытыллыылара үтүө үгэскэ кубулуйда. Дьон-норуот сэҥээрэр күрэхтэһиилэрэ, дьаһаллара ыытыллаллара кэрэхсэнэр, биһирэнэр. Оонньуулар үлэ-олох сайдыытын бары хайысхаларынан  хамсааһыны таһаараллар.

Өй-санаа саҕааччы

Таһаарыылаах, хотоойу үлэлээх Юрий Баишев 2007-2011 сылларга Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччынан үлэлээн, үөрэх управлениетын салайааччыта Евдокия Ивановна Евсиковалыын 15-20 спорт балаһааккатын туттарары ситиспиттэрэ. Балаһааккаламмыт оскуолалар физкультура уруоктарын ыытыыларыгар улахан төһүүнэн буолбуттара.  Оҕолорго сайыҥҥы спортивнай сынньанар лааҕырдар тэриллибиттэрэ. 2011 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидьиэнэ Егор Афанасьевич Борисов ыҥырыытынан Юрий Петрович Госкомспорт бэрэссэдээтэлэ А. Г. Подголов солбуйааччытынан ананан кэлбитэ. Көҥүл тустууга Арассыыйа чемпионата “Эллэй Боотур” Муус дыбарыаһыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта.

2013-2023 сылларга Юрий Петрович Ил Түмэҥҥэ дьокутаатынан икки төгүл талыллан, Дьиэ кэргэн, ыччат, физическэй култуура уонна спорт сис кэмитиэтин салайыста, бүддьүөт кэмитиэтигэр үлэлээтэ, кэккэ сокуоннары  таһаарыста. Физкультура уонна спорт сокуонун, өссө спорт миниистирэ В.П. Ноговицын саҕана, 1992 с. ылынан тураллар. Ол кэмнэргэ Арассыыйа итинник сокуона 1996 с. ылыллыбытын санатар тоҕоостоох. Онон, “өй укпуттара” диэххэ сөп. Хорсун идиэйэлэрдээх үлэһиттэрдээх Сахабыт сирэ дойду спордугар билигин да холобурунан буолар. Оҕо спордугар, спорт национальнай көрүҥнэригэр, тренердэр тустарынан, Олимпийскай оонньууларга, аан дойду, Европа, Арассыыйа чөмпүйүөннэрин материальнай өйөөһүҥҥэ сокуоннары бэлэмнэстэ.

Өрөспүүбүлүкэ спордун араас салааларыгар, эппиэттээх үлэлэригэр ханна да ананнар,  хамсатыылаах дьаһаллар тахсалларыгар өй-санаа саҕааччы быһыытынан уһуннук үлэлэстэ. Баар кыһалҕалары таба көрөн быһаартарар, хамсатыылаах дьаһаллары ыллартарар мөккүөрдээх. Кэккэ улахан дьаһаллары олоххо киллэртэрэн, таһаартаран да кэллэ.

Билигин “Газпром” дойду үрдүнэн 22 эбийиэги тута сылдьар, онтон үһэ – Саха сиригэр. Нерюнгрига тутулунна, Ленскэйгэ тутуллуохтаах. Үһүс эбийиэк Дьокуускайга аэропорт анараа өттүгэр, Можайскай уулуссатыгар катоктаах уонна бассейннаах “Сулус” диэн аатынан сүрэхтэммит чэбдигирдэр физкультурнай-спортивнай комплекс баар буолла.  Олунньу 1 күнүттэн үлэлии турар. Куорат олохтоохторо сылдьыбыттара ыраатта. Салайааччынан Юрий Петрович Баишев ананан үлэтин саҕалаата.

 

Ситиһии тосхойдун!

Юрий Баишев ыллыктаах этиилэрэ

Кыһалҕа хаһан баҕарар баар. Спорт оскуолалара, спорт эбийиэктэрэ бааллар курдук, ол эрээри олорго үөрэхтээх исписэлиистэр, үлэһиттэр тиийбэттэр. Холобур, 31 тыһ. нэһилиэнньэлээх Мэҥэ Хаҥалас курдук улахан улууска икки эрэ спорт оскуолата баар. Ити, биллэн турар, ситэтэ суох. Итинник хартыына өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баар. Ол маассабаска охсор.

Гиподинамия баара дьиксиннэрэр, куорат оҕолоро дьарыктамматтар, эр киһилии хаачыстыбаларын сүтэрэн эрэллэр.  Эдэр ыаллар оҕоломмотторо нэһилиэнньэ аҕыйааһыныгар, демографияҕа охсор. Оҕо доруобуйата инники күөҥҥэ тутуллуохтаах. Кыһалҕа дириҥээн иһиэн сөп.  Олохпут сайдыыта эр киһиттэн тутулуктааҕын өйдүөх кэриҥнээхпит.

Физкультуранан уонна спордунан дьарыктаныыга үгүөрү үбү-харчыны көрүөххэ сөп этэ. Кыһалҕа хоту оройуоннарга баар, онно социальнай тутуулар аанньа барбаттар.

Эһиил “Азия оҕолорун” ыытаары олоробут. Тренер бөҕө үлэлиир эрээри, Арассыыйа таһымыгар улахан спорка көрдөрүүбүт сэмэй. Д.П. Коркин күҥҥэ икки дьарыгы ССРС-ка аан бастаан киллэрбитэ. Оҕолорун тустууларын анаалыстыыра, бэйэлэринэн ырыттаран кэпсэттэрэрэ. Икки дьарыктаах оҕо биир дьарыктаах оҕону кыайара эрэбил. Арассыыйаҕа бастыыр, миэстэлэһэр эрэ буоллахпытына, оҕолорбут көрдөрүүлэринэн үөрдүөхтэрэ. Хаһан, ханна даҕаны талааннаах, айылҕа биэрбит дьоно үрдүк көрдөрүүлээх буолаллар, Виктор Лебедев курдук.

Пандемия кэмигэр дьарыктары тохтотон, олорон биэрдибит. Ити сыыһа. Красноярскай, Дагестан, Осетия дьарыктарын тохтоппокко, күүскэ үлэлээтилэр. Инньэ гынан, көрдөрүүлэрэ харахха быраҕыллар.

“Азия оҕолоругар” диэри сылы кыайбат кэм хаалла. Арассыыйаҕа миэстэлэһэр оҕолору бэлэмниэхпитин наада. Азия дойдуларыгар оҕолорун күүскэ бэлэмнээбиттэрэ ыраатта. Биһиги, биллэн турар, тэрээһинин, култуурунай-маассабай өттүн кыайыахпыт. Ол эрээри сүрүн сыал-сорук туолуута спортивнай күрэхтэһиилэр түмүктэринэн буолуоҕа.

Баар эбийиэктэр 300-тэн тахса тыһ. нэһилиэнньэлээх куоракка эппиэттээбэттэр. Өссө тутуохха наада. 10 эбийиэк тутуллуохтаах эрээри, үбүлээһин тиийбэт, улуустар бары туруорсаллар.

Чочур Мырааҥҥа баар ирбэт тоҥҥо, аттыгар биэс сулустаах гостиницалаах,   хайыһар баазата тутуллара буоллар диэн ыра санаалаахпын. Аан дойду барыта кэлиэ этэ.  Бырайыактаахпыт буоллар, Арассыыйа тутан биэриэ этэ. Биһиэхэ сири хаһар тиэхиньикэбит элбэх. Бөҕөргөтөн, вентиляциятын оҥорон, тоҥ сиргэ хаар кыһалҕа буолбатах. Физкультура-спорт сайдыытын бырагырааматыгар  киллэртэрдэххэ, кыаллыа этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...