Саха сириттэн 400 кэмпилиэк ыытылынна
Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ иһитиннэрбитинэн, быстах хомуур хайа күн саҕаланыаҕыттан, Хабаровскай уонна Приморскай кыраай байыаннай чаастарыгар тиийбит Саха сирин уолаттарыгар 400 буойуҥҥа аналлаах кэмпилиэк ыытылынна.
Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ эппиттэринэн, кэмпилиэккэ тус аптечка, пенка-ковриктар, утуйар мөһөөччүктэр, сидиэнньэлэр уо.д.а. аармыйа олоҕор туһалаах тэриллэр бааллар. Итиэннэ Дьокуускайтан уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан, тэрилтэлэриттэн гуманитарнай көмө таһаҕастара тиһиктээхтик бараллар.
«Итини таһынан, Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ Саха сириттэн хомуурга тиийбит дьон дааннайдарын тэҥниир, чуолкайдыыр. Алтынньы 3 күнүнээҕи туругунан, сыыһа хомуур түмүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ 300 киһи төттөрү кэллэ», - диэн биэдэмистибэ иһитиннэрдэ.