22.02.2024 | 12:00

Саха сирин табаарын атыылыыр маркетплейс үлэлээтэ

«Сделано в Якутии» Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата үлэлэтэр бырайыагын чэрчитинэн олохтоох бородууксуйаны киэҥник тарҕатыыга Урбаан министиэристибэтин уонна “Мин бизнеһим” киин көҕүлээһиннэринэн СДЕЛАНОВЯКУТИИ.РФ интэриниэт-платформа үлэлээтэ.
Саха сирин табаарын атыылыыр маркетплейс үлэлээтэ
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Бу маркетплейс ньыматынан үлэлиир балаһааккаттан аан дойду хайа баҕар муннугуттан Саха сирин бренд буолбут табаарын, таҥаһы-сабы, саха быһаҕын, симэхтэри, араас аһы-үөлү кытта сакаастаан ылыахха сөп. Платформаны айааччылар кэпсииллэринэн, p2p (peer-to-peer) диэн аныгы эргиэн бириинсибигэр олоҕуран, атыылаһааччы табаары атыыһыттан быһалыы ылар кыахтаах.

Бырайыак олохтоох оҥорон таһаарааччылар, урбаанньыттар бородууксуйаларын батарарын таһынан, бренд быһыытынан сайдалларыгар төһүү буоларга анаммыт – билигин уратыны, эриэккэһи, экзотиканы ордук сэҥээрэр кэмҥэ сахалыы табаар атыыга хамаҕатык барара саарбаҕа суох диэн тэрийээччилэр санаалара күүстээх.

Оҥорон таһаарааччы бу балаһааккаҕа, бренд рекламатыгар элбэх үбү бараабакка, атыытын таһаарар. Тус кабинетыгар сакаас киирэр, иһитиннэрии тута атыыһыкка тиийэр. Маны сэргэ тус кабинетыгар атыыһыт хаһан баҕарар эбии табаары угуон сөп, информациятын эбэр, көннөрөр кыахтаах, чэпчэтиилэри биллэрэр промокодтары таһаарыан сөп.

Маркетплейска билигин 60-ча араас бренд атыыланар, атыылааччы ахсаана эбиллэ турар. Оттон атыылаһааччы табаарын таларыгар чахчы Саха сирин урбаанньытыттан атыылаһарын билэр, дьиҥнээх сахалыы тыыннаах бородууксуйаны илиитигэр тутар. Табыгастаах буоллун диэн атыы-кутуу араас салааларга арахсар: “таҥас-сап”, “саха быһаҕа”, “атах таҥаһа”, “дьиэҕэ-уокка туттулар мал” о.д.а.

Маны таһынан, “Туризм” диэн салаа баар. Саха сиригэр тас дойдулартан кэлэр туристар интэриэстэрэ өрүү баарыгар олоҕуран, бу салаа олохтоох туристическай фирмалар, гостиницалар, музейдар о.д.а. тэрилтэлэр өҥөлөрүн угуйуктуурга, тарҕатарга төһүү буолуохтаах.

Маркетплейс саайтыгар Саха сиригэр официальнайдык регистрацияламмыт уонна өрөспүүбүлүкэбит иһигэр үлэлии олорор урбаанньыттар эрэ табаардарын угуохтарын сөп. Маныаха бу сигэнэн киирэҕит: https://сделановякутии.рф/help/seller/start/. Сайаапка хааллардаххытына, администратор көрө охсон, саайтка киирэр быраабы биэрэр.

“Мин бизнеһим” киин иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар табаардартан ордук аан дойдуга саха быһаҕа аатырар, сахалыы киэргэл-симэх атыыга үчүгэйдик барар, сэлии муоһуттан оҥоһугу хото ылаллар.

 

Бэлиэтээн эттэххэ, СДЕЛАНОВЯКУТИИ.РФ куйаар ситимигэр үлэлиир саайт “Дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарыы” национальнай бырайыак өйөбүлүнэн тэрилиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...