27.09.2022 | 12:00

Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэр

Бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтиибит.
Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күн 1990 сыллаахха өрөспүүбүкэ Судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларацияны биллэриэхтэриттэн балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнэ бэлиэтэнэр. Дьоһун суолталаах күнүнэн киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын киэҥ далааһыннаах култуурунай бырагыраама күүтэр.

 

Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр анаммыт култуура тэрилтэлэрин бырагыраамата:

 

Балаҕан ыйын 22 күнүттэн алтынньы 10 күнүгэр диэри

«Симэх» Норуот прикладной искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын киинэ «Саха сирин геральдиката» ураты суолталаах гражданскай-патриотическай быыстапкаҕа ыҥырар. Быыстапка аһыллыыта балаҕан ыйын 27 күнүгэр күнүс 14.00 чааска А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолар.

Балаҕан ыйын 27 күнэ

Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан СӨ Судаарыстыбаннай циркатын кэлэктиибэ күнүс 14.00 чаастан цирка скверигэр «Парад Алле» бырааһынньыктааҕы бырагыраамаҕа ыҥырар.

Эмиэ бу күн «Северное Сияние» Норуоттар икки ардыларынааҕы XII-с мусукаалынай бэстибээл чэрчитинэн, Саха сиринээҕи Опера уонна балет театрыгар биллиилээх джазмен, Арассыыйа норуодунай артыыһа, саксофонист Игорь Бутман Квинтетын кэнсиэрэ ыытыллар.

Балаҕан ыйын 28  күнэ

«Арассыыйа – мин историям» Историческай пааркаҕа ХVI-с үйэттэн саҕалаан Саха сирин уопсастыбаннай-политическай олоҕун туһунан билиини хаҥатар «Биһиги Сахабыт сирэ» квиз-оонньуу ыытыллар. Оонньууга Дьокуускай куораттааҕы үөрэх кыһаларын устудьуоннара кыттыахтара.

Итини сэргэ бу күннэргэ «Саха» НКИХ ханаалларыгар өрөспүүбүлүкэ биллиилээх политическай деятеллэрин дьылҕаларын туһунан кэпсиир документальнай киинэлэр көстүөхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...